Информация о книге:
Аннотация:
Күндү ааҕааччы, соторутааҕыта аҕай курдук этэ дии, уларыта тутуу тыынын өрүкүйэ көрсүбүппүт, көҥүл чэгиэн салгына түөспүтүн киэптээбитэ! Ол инникигэ эрэли саҕар кэм илдьитэ буолан, бу сэһэн 1980-с сыллар бүтүүлэригэр сахабыт дьоно-сэргэтэ тыа сиригэр, интэлигиэнсийэтэ куоракка хайдах – үлэлээн-хамсаан, тугу ыраланан, туох кыһалҕаланан – олох олорон ааспыттарын ырылыччы көрдөрөр. Дьокуускай куоракка 1986 сыл сааһыгар катокка тахсыбыт күлүгээннии быһыы уопсастыбаҕа тыҥаан турбут быһыыны-майгыны, кутургуйаны тоҕо тарпыт курдук, төлө тардан устудьуон ыччат айдааныгар кубулуйбута, бүтүн Сойууска дуорааннаммыта. Ааптар токурутан өйдөөһүн түмүгэр саха норуотугар омугумсуйуу күлүгэ түһэриллибитин, онтон төрүөттэнэн ылыллыбыт сыыһа дьаһаллар уопсастыбабыт олоҕор хайдах сабыдыаллаабыттарын итэҕэтиилээхтик сэһэргиир.