Информация о книге:
Аннотация:
Былыргы үйэҕэ өбүгэбит тыйыс дойдуга олорор буолан кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ таабырын таайсара, оҕотугар-уруутугар остуоруйа айан кэпсиирэ, улуу дьонун хорсун быһыытын эбэтэр дьикти-дьиибэ түбэлтэни балаҕантан балаҕаны кэрийэн сэһэн оҥосторо. Онтон ыла норуоппут уус-уран айымньыта уостан уоска түһэн чочуллан, киэргэйэн күн бүгүҥҥэ тиийэн кэлэн саха норуотун туохха да тэҥнэммэт күндү баайа буолар. Бу кинигэҕэ саха фольклорун саамай сүмэтэ таҥыллан киирдэ: үһүйээн, номох, остуоруйа, чабырҕах, алгыс, өс хоһооно, таабырын. Ону сэргэ, QR-коду туһанан В. Исаков толоруутугар «Эрбэхчэй Бэргэн» олоҥхо бастакы чааһын истиэххэ сөп. В былые времена наши предки коротали долгие зимние вечера за отгадыванием загадок, сочиняли сказки для детей, рассказывали о подвигах великих людей или необычайных историях. С тех пор народное устное творчество, веками передаваясь из уст в уста, оттачивалось, совершенствовалось и на сегодняшний день является ценнейшим якутским «алмазом». Книга является сокровищницей якутского фольклора, куда вошли предания, легенды, сказки, скороговорки, благословления, пословицы, загадки, кроме того, отсканировав QR-код, можно послушать первую часть олонхо «Эрбэхчэй Бэргэн» в исполнении Р. Исакова.