Информация о книге:
Аннотация:
Икки атастыылар эҥин араас киинэни көрөн, тэлэбииһэр лабысхатын истэн баран, арай, ити барыта биһиэхэ буоллун диэбиттэрэ – илэ тиийэн кэлэр. Тэлэбииһэр иһинээҕи тиллибитэ дьэ хайдах эбит? Оттон турар бэйэҥ тэлэбииһэр хартыыҥката буолан ыларыҥ тугунан дьайар эбит? «Дьиэҥ харыстаабат, күн аайы көрөр киһиҥ өлөрүүгэ уорбаланар буоллаҕына – эн билиэҥ куттанар диэн тугун. Ол киинэҕэ ойууланар, кинигэҕэ суруллар диэн оҕо оонньуута, көрүнньүк, мээнэ. Бэйэлээх бэйэҕэр көннөрүнэн хаххаланан, субу тиийэн кэллэҕинэ – билиэҥ амырыын диэн тугун…». “Билигин дьоруойдар суохтар. Билигин перевертыштар кэмнэрэ”, – диир Дьаллай тыыннаах хаалаары. Сэттэтэ да сэриилээҥ – Халдьаайыттан ыларгыт суох. Хаптаҕай тэлэбииһэргэ ол баҕас дэлэй. Ол тэлэбииһэри хайдах да эрий, иириэххэр диэри сүүс канаалы уларыта оонньоо – биири лэбэйдиир: – Эргиччи эрэй, эргиччи эрэй, эргиччи эрэй! 2005 сыл.