Евгения Саввинова

10 кыҥкыйтан 10 остуоруйа


Скачать книгу

кэми сөпкө өйдөөн этэҥҥэ аһарыныы оҕо салгыы сайдарыгар улахан суолталаах. Онуоха оҕону мөҕөн-этэн, бобон-хаайан «иитэр» табыллыбат. Төрөппүт оҕотугар халы-мааргы сыһыана, сыыһа-халты туттуута кэлин, кини улааттаҕына, олоҕор охсуулаах буолар.

      Олох суолугар саҥардыы үктэммит, тулалыыр эйгэни аан маҥнай билэн-көрөн эрэр кырачаан киһиэхэ барыны-бары киниэхэ өйдөнүмтүө тылынан, холобура, остуоруйа көмөтүнэн быһаарар сүрдээх туһалаах уонна хайҕаллаах. Остуоруйаны оҕо барыта сөбүлүүр. Көннөрү этэр-соруйар, дьарыйар тыыллааҕар остуоруйа тыла киниэхэ ордук өйдөнүмтүө. Оҕо үксүгэр бэйэтин остуоруйа сүрүн дьоруойун кытта тэҥнии тутар, кини алҕастарыгар үөрэнэр. Остуоруйа кырачаан киһи ис эйгэтэ арылларыгар, кини уйулҕатыгар сөпкө дьайарга уонна кутун-сүрүн бөҕөргөтөргө көмөлөһөр. Кини нарын сааһыгар дьиҥнээх олоҕу уонна остуоруйа эйгэтин ситэн өйдөөн араарбат, ол иһин дьоруойдар олохторун, түбэһэр түгэннэрин барытын дьиҥнээхтии уонна чугастык ылынар. Үчүгэйэ диэн, остуоруйанан төрөппүт психотерапевт көмөтө суох бэйэтэ оҕо уйулҕатын көннөрүөн сөптөөх.

      Онон бу хомуурунньукка, төрөппүттэргэ көмө буоллун диэн, оҕо уон араас хаппырыыһын тохтотор уон айымньыны, холобура, аһыан эбэтэр суунуон баҕарбат, оонньуурдарын ыскайдыыр, ытанньах, о.д.а. майгылаах оҕо туһунан остуоруйалары, түмтүбүт. Бу айымньылар оҕо кыҥкыйдыырын, туохтан эрэ куттанарын, санааргыырын аһардыахтара.

      Күндү төрөппүттэр, остуоруйалыыр кэмҥэ оҕону кытта хайаан да кэпсэтиҥ. «Остуоруйа дьоруойа сөпкө гынна дуо? Тоҕо маннык буолла? Кини оннугар эн тугу гыныаҥ этэй?» – диэн уонна да атын ыйытыы көмөтүнэн оҕону кэпсэтиигэ сиэтэн киллэриҥ. Оччоҕуна кини эһиэхэ аһыллан, дьоруой (ол аата оҕо бэйэтэ) тоҕо хаппырыыстыырын быһааран, кэпсээн биэриэҕэ. Онтон остуоруйаны аахпыт кэннэ кини саамай өйдөөн хаалбыт түгэнин уруһуйдатар өссө үчүгэй. Маныаха кини остуоруйа этэр тылын төһө сөпкө өйдөөбүтэ көстөн кэлиэҕэ, оттон эһиги оҕоҕо санааҕытын сатаан тиэрдэр кыахтанаҕыт.

      Остуоруйаны ааҕарга куоласкыт дэгэтигэр, интонацияҕа болҕойуҥ: сюжеты уонна дьоруойу кытта дьүөрэлии буолуохтаах. Оҕо диэн саамай бастыҥ истээччи эбээт. Онон ааҕа олорон кинини сэмээр кэтээн көрүҥ: хайа түгэҥҥэ ордук болҕойор эбэтэр, төттөрүтүн, атыҥҥа аралдьыйар эбитий? Оҕо болҕойон истибэт буоллаҕына, ыйытыы биэрэн кэпсэтиэххэ эбэтэр ааҕар интонацияны дуу, дьоруойдары дуу, кини тулалыыр эйгэтигэр, дьонугар чугаһатан, уларытан биэриэххэ сөп.

      Онон, күндү төрөппүттэр, саҥардыы тыллан эрэр сибэкки кэриэтэ ньуулдьаҕай, олоххо кэлбит кырачаан дьону – оҕолоргутун кытта остуоруйа көмөтүнэн элбэхтик кэпсэтиҥ, олох араас түгэннэрин быһаарыҥ, бииргэ ырытыҥ. Маннык алтыһыы төрөппүт уонна оҕо икки ардыгар сыһыаны тупсарар, ситими бөҕөргөтөр. Оччоҕуна оҕолоргут чөл куттаах, бигэ туруктаах үтүө дьон буола улаатан тахсыахтара.

      Аччыгый дьыл үтүөтүн билбэтэх

      Уһуун-уһун кыһыммыт бүтэр кэмэ кэллэ, саас салалынна. Тыынар тыыннаах барыта сааһы уруйдуур, үөрэр-көтөр. Таһырдьа от-мас көҕөрөр, оҕо аймах оонньуур-көрүлүүр. Арай ол оҕолор быыстарыгар биһиги доҕорбут Аччыгый эрэ көстүбэт. Тоҕо? Аччыгый ытаан туран планшет ылларбыт. Дьоно бастаан утаа ылымаары гынан баран, оҕолоро хас да күн ытыырын тулуйбатахтар – бэриммиттэр. Онтон ыла Аччыгый – дьыбаан киэргэлэ. Планшетын тутан баран сытар. Ыта оонньоһоору мээчик төкүнүтэн аҕалар – Аччыгый кыһаллыбат. Куоската таптатаары ньылаҥныыр – Аччыгый киэр илгэр.

      – Аччыгый, хараххын сынньат, – көрдөһөр эбэтэ.

      – Сөп, билигин биири көрөн баран, – диир Аччыгый.

      – Аччыгый, тахсан таһырдьа оонньоо, – диир ийэтэ.

      – Сөп, мантыбын бүтэрэн баран, – хоруйдуур Аччыгый.

      – Аччыгыа-ай! Аччыгыа-ай! Таҕыс, мээчиктии барыахха! – хаһыытыыллар доҕотторо.

      – Тохтооҥ, сотору тахсыам, – эрэннэрэр Аччыгый.

      – Аччыгыай, сибэкки бөҕө үүммүт. Биһигини кытта сибэкки хомуйа барыс, – быычыгыраһаллар кыргыттар.

      – Сөп-сөп, билигин, – Аччыгый кыыһырар.

      – Аччыгыай! Балык бөҕө тахсыбыт, аҕам миэхэ күөгү оҥордо, баран балыктыахха, – Кырачаан аттыгар кэлэн этэр.

      – Аһаа… – Аччыгый Кырачаан тугу эппитин истибэтэ даҕаны.

      Оҕолор Аччыгыйы кэтэһэ сатаан баран кэтэспэт, ыҥыра сатаан баран ыҥырбат буоллулар, кинитэ суох оонньуурга үөрэннилэр. Сотору кэминэн букатын да Аччыгый туһунан умуннулар.

      Аччыгый түүннээх күнүс сынньаппакка көрөрүн планшет тулуйбата: итийдэ, хараарда, «кыр-хар» диэтэ уонна алдьанна. Аччыгый дьоно өрө тыыннылар, планшеты түргэн үлүгэрдик кистээтилэр. Онтон Аччыгый доҕотторун саныы биэрдэ. Арба даҕаны, кинини мээчиктии, балыктыы, оннооҕор сибэкки үргүү барарга ыҥырбыттара буолбат дуо? Сып-сап таҥынна: шортигын булан кэттэ, футболкатын хостоото, сайыҥҥы таапачыкатын атаҕар анньынна. Ааны арыйа баттаата – ыччаа-а! Сири-дойдуну номнуо маҥнайгы хаар бүрүйбүт. Оҕолор тиэргэҥҥэ хаар төкүнүтэн эрэллэр эбит. Аччыгыйы көрөн соһуйдулар, улаханнык үөрдүлэр. Кырачаан хаһыытаата:

      – Аччыгый, кэл, оонньууга кыттыс! Ким хаар киһитэ улахан эбитий диэн куоталаһыахпыт.

      Аччыгый ыксаата:

      – Сөп-сөп, билигин,