Василий Яковлев

Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит


Скачать книгу

ини кытары үрдүгү былдьаһан куоталаһа сатыырдыы, тохтоло суох күөх буруо өрө хоройон тахсан, күһүҥҥү халлаан чэбдик уорҕатыгар тэнийэ, симэлийэ тарҕанар.

      Онтон атын чугастааҕы биэс-алта көс иһинэн киһи xapaҕap быраҕыллар атын туох эмэ бэлиэни, икки атахтаах баар сибикитин булбаккын.

      Икки атахтаахпыт да диэхтээн, бу балаҕан сыыһыгар иккиэйэхтэр – Собо уола Микииппэр оҕонньор эмээхсининээн.

      Оҕонньор, сомоҕо олоппоско балтараа чиэппэрдээх уһун молойо быһаҕын умса баттаан олорон, талах уктаах саары буолан хаалбыт эргэ игиитин дуомунан аалан мүлүктүүр. Эмээхсин, сып-сап курдук туттан, хаҥас диэки иһит-хомуос бэлэмниир, кыл күлбүһэҕинэн обургу соҕус чараас чугууннааҕын сууйан эргичиппэхтиир.

      – Чэ, мин тиҥэһэбин уулатан тахсыым, – диир оҕонньор бэрт наҕыллык, холто буолбут сарыы сонун иһин түгэҕинэн кутаччы курдана-курдана. – Тоһуйа иһиккин-хомуоскун тahaapaap. Сүгэни кытары… Иккиэннэрин, – диэн, ааны аһан туран, эргиллэн эбэн эттэ.

      Бүгүн халлаан дьэ тымныйбыт. Өҥөйө адаарыһан турар куула тииттэр быыстарыттан ып-ыраас күн тырымныы оонньоон тахсан иһэр. Бу иннинэ, бэҕэһээ-иллэрээ күн, кыстык хаар саҥа түстэ. Онон былыттаах нуһараҥ күннэр турбуттара. Бокуруоп ааспыта түөрт-биэс хонно, ол тухары кыстык, дьэ, бу саҥа кэллэҕэ. Дьыл быйыл хойутаата, онон мантан антах тымныйара буолуо. Собо уола оҕонньор эмээхсининээн бүгүн ол иһин идэһэлэрин өлөрөргө быһаарыннылар.

      Уулаабыт cүөhү хаана кэлимтиэ буолар, онон өлөрүөх иннинэ идэһэни уулатан таһаарар ордук. Тиҥэһэлэрэ быйыл үчүгэй аҕай, онон сөп соҕус идэһэ буолар ини, куобах быыстарайдаатахха. Бу аҕыйах сылтан бэттэх сэрии туран, дьыл-күн уларыйан, аны бэйэни кэтэнэ соҕус аһаан-таҥнан олордоххо табыллар. Сэрии сут-кураан содуллаах диэн былыргылар этэр буолаллара.

      Оҕонньор, санаатыгар аралдьыйан, ойбонун тэһэн, ыраастаан, тиҥэһэтин уулатан тахсан иһэн, кыбыытын кэтэҕэр турар тэҥкэ тиитин саҥа санаан, көрөн ылла. Көрөөт, соһуйан, дьик гына түстэ.

      Били кыыла эмиэ кэлэн олорор. Эмиэ кини таптыыр тиитин төргүү мутугар кэлэн түспүт. Хайдах ааспат-арахпат баҕайыный ити? Барымаары гынар буоллаҕа дуу? Булбута син хас да хонно эбээт. Бүгүн үhүc күнэ дуу? Кини киһи былыкка-хаарга баттатан, сөҥөн олордоҕо дии санаабыта. Бүгүн баҕас бачча ыраас халлаан күн кини аттаныан сөп этэ, дойдулаах киһи дойдутун диэки. Toҕo муодатай ити?

      Көтөр-сүүрэр барбыта быдаарыйда. Кини барыахтаах кэмэ ааһан эрдэҕэ. Туллук өйүөлэнэн, туллугу кытары аргыстаһан айанныыр диэччилэр, онтукалара Бокуруоп иннинэ төннөн ааспыттара.

      Оҕонньор, олбуорун баҕанатыгар тиҥэһэтин баайа ту ран, кэннин хайыһан, кыылын эмиэ көрөн ылла. Кини далтан сүөһүтүн таһаарарыгар олороро эбитэ дуу, кэнниттэн кэлэн түспүтэ дуу? Киһиттэн толлубат баҕайы дуу, тугуй?

      Дьиэттэн эмээхсинэ, иһит-хомуос тутуурданан, таҥкынаан тахсыбытыгар өс саҕа буолла:

      – Хайа, бу тоҕо сыгынньаҕын сарайан таҕыстыҥ, тутан биэрбэккин дуо?

      – Кэбис-кэбис! Бэйэҥ да оҕус ээ, баҕанаҕа сөрүү тардан бapaҥҥын, – дии-дии, эмээхсинэ дьиэтигэр дьөгдьөрүйдэ.

      – Күтүр өстөөх… Хайа туһалаахха… Урут тутара ээ. Быйыл туох буолтай? – диэн, эмээхсинин мөҕө-мөҕө, оҕонньор сүөһүтүн охторуохха сөптөөх caҥa сир көрдөөмөхтөөтө.

      Күрүөҕэ сыһыары турар кыайары хантаччы туттарбакка эрэ соҕотоҕун сатаан таба охсоро биллибэт. Урукку эбитэ буоллар син да этэ. Урукку эбитэ буоллар, икки сүгэлэнэн-хайаан тарбачыһыа суоҕа этэ. Эт эттиир сүгэтинэн тос гыннаран кэбиһиэ этэ. Билигин оҕонньор онтун астыммакка, маска туттар сүгэтинэн, арыый улахан дуу дии санаан, охсор санаалаах. Билигин урукку буолбатах, урукку аны ааһан эрдэҕэ эбээт!

      Оҕонньор, олбуорун xaҥac диэки ааныгар тиийэн, сүллүгэстэрин түһэртээн баран, эт эттиир сүгэтинэн тоҥ буору сиритэ-хайыта дайбаан, чугуун олордор оҥхойун таһаарда. «Саатар тахсан иһит-хомуос сыҕарытыспат буоллaҕa үhү!» – диэн саныы-саныы, чугуунун, хобордооҕун аҕалтаата.

      Тиҥэһэтин сиэтэн кэлэн, баһын томторуктуу эрийэ көтөн ылан баран, баҕанаҕа аҕалан, моонньун сөрүөһүннэри кирис өтүүнэн ыбылы тардан кэбистэ. Toҕo эрэ туой дубук-дабык туттар, аҕылыыр, ыгылыйар…

      «Туох үөдэн буоллум, оҕолоор?» – диэн кыратык уоскуйа түһэн баран, хап-сабар идэһэтин эмискэ сүүскэ саайар. Тиҥэһэ эрэйдээх икки илин атаҕынан сөһүргэстии түһэр, охтуо эбит да быата ыыппат, хантаччы тута сылдьар. Оҕонньор, лаппыйан, иккистээн саайар, быатын төлөрүтэр. Cүөhү кырыытынан түһэн, түөрт атаҕын түүрэ тартаран, аҕыйахта салгыны хаһыйбахтаан хаалар.

      Хаана чугууҥҥа балачча сүүрбэхтээбитин кэннэ, эмээхсин, дьэ таҥнан, алтан олгуйдаах, хомуостаах-тойдоох тахсан кэллэ.

      – Дьэ, ити туох буолаҥҥын, кыыс оҕоҕун киллэрэҥҥин дьиэҕэ сүүрэ сылдьаҕын? – диэтэ оҕонньор.

      – Күтүөр, оттон сааһыран истэҕим аайы кэбирээн иһэбин. Тулуйан көрбөт буолан хааллым. Чыычаахтарбын аһынарым, таптыырым да бэрт, доҕор, оҕо туттан кэбиһэбин быһыылаах.

      Микииппэр оҕонньор илиитин салааһына кэм да баар эбит, имигэс-имигэстик туттумахтаан, бокуойа суох салыкынатан, начаас үлүгэр сүөһүтүн иһин хостуу охсон кэбистэ. Арай биирдэ алҕас туттан, ханнын быһах уһугунан таарыйан кэбиһэн, эмээхсиниттэн