Маарыйа эмээхсин уолаттара Ылдьаалаах Баһылай үлэ быыһыгар иккиэн кустууллар. Куһу аҕала тураллар. Эмээхсин аҕаһын уола, сурдьа, Улахан Баһылай сонуокка ыһыыга үлэлиир, сир тиэрэр, ол сылдьан тиргэлиир, киэһэ, сарсыарда көрөр. Туһаҕыттан мэнээк куһу ылар. Сааскы айан көтөрө күнүстэри тохтоло суох аарыыр, бэл көрдүгэн, садырым уутугар толору хараарсаллар. Улахан Баһылай бэрт сымнаҕас майгылаах, сүрдээх наҕыл киһи. Кини тымтыбытын көрбүт суох. Талах тиргэтин, кус бөлдөөтүн хаатыгар киллэрдэ да, хомуйан чөкө ууран кэбиһэр, онтутун аны күһүҥҥү куска туттар.
Күнүс онно-манна, дэҥ-дуҥ саа тыаһа дор гынара иһиллэр. Сааны мээнэ чыркымай-иркэмэй аайы тыаһаппаттар, сүнньүнэн бөдөҥ көтөрү ыталлар.
Аны эбэлэргэ балык быган, бултуур дьоҥҥо хара ас дэлэйдэ. Быркылаах, Саамы диэн күөллэргэ оҕонньоттор туулаан, илимнээн быччыкыны, мундуну баһаам сиэтилэр.
Бу сыл саас букатын эрдэ баҕайы кэллэ. Халлаан сылыйдар-сылыйан, көннөр-көнөн, сир харанан көрөн кэбистэ. Күөл ырбыытыгар балык бөҕөтө таҕыста. Айылҕа барахсан, анаан оҥорбут курдук, урааннаах уһун кыһыны инчэҕэй тирбэҕэ быс
тыбатынан аат эрэ харата туораабыт үгүс дьонун абыраата. Кыанардыын-кыамматтыын кытары туулаан мунду бөҕөнү бастылар, илимнээн собо бөҕөтүн ыллылар. Сурах хоту иһиттэххэ ыаллыы нэһилиэктэргэ, балык быкпытын кэннэ, туос аччык дьон эмискэ күөл быйаҥын алыс кыайа туттан кэбиһэннэр истэрэ «хайдан» өлүтэлээбит түбэлтэлэрэ кытары иһиллэр…
Ньукуола таҥара саҕана сайылыкка көһүү буолла. Эмээхсиннээх Мундулуҥда диэн эбэҕэ сайылыктаахтар эбит. Хоһо суох, киэҥ, моойторук олуктаах ампаар дьиэ. Аҥаар муннугар сирэй оһохтоох. Миэхэ ыалым олохторун-дьаһахтарын кытары саҥа билсэр киһиэхэ барыта сонун.
Хас да сыарҕалаах оҕуһунан көһөн күккүрээтибит. Хаһан да, көһөр ыал сиэринэн, мал-сал элбэх. Эмээхсин икки ыанар ынахтаах. Биирдэрэ Муоһа Суох, атына Кучур диэн ааттаахтар. Сайылык ынахтара күҥҥэ түөртэ ыаналлар. Сүөһүлэри хомуйааччы, ыамнарыгар үүртэлээн аҕалааччы – мин.
Дьонум икки бөтүүктээхтэр, уонтан тахса кууруссалаахтар, онтуларын атырыа мастаах табаар дьааһыгар хаалаан илдьэ бардылар. Урут Кыргыдайга, Кэҥэрэччи эбэҕэ, били ийэм хамнаска үлэлээбит ыалларыгар Уйбаныаптарга сылдьан кууруссаны көрөн турабын. Бөдүөрэлээх соҕотох дьэрэкээн бөтүүктэрэ кыһыл тарааҕа эйэҥэлээн, «бытыга» салыбыраан хахаара олорорун, маҥнай утаа, сонурҕаан хаарчах быыһынан бэркэ диэн дьиктиргээн одуулаһарым. Хабдьыга майгынныыр саһархай кууруссалар куутурҕаһаллара, сири-буору тоҥсуйа-тоҥсуйа, тэһии аҕайдык чоноһон хаамсаллара – саҥа харахтыыр оҕо киһиэхэ барыта олус сонуна.
Быркылаахха ыанньык пиэрмэтин үлэһиттэрэ, сорох дьахталлар, сорук-боллур оҥостон, арааска бары сүүрдэллэрэ: ынах көрдөтөн, уу бастаран, абырҕал тонотон… Кэлин Маарыйа эмээхсин ону билэн: «Мээнэ ыал устун атах балай сылдьар оҕо курдук соруйумаҥ, бэйэм киһим…» – диэбитэ. Эмээхсин туора ыал, атын киһи соруйарын отой сөбүлээбэтэ. «Билигин бэйдиэ сылдьар, айаҕыҥ туһугар сорук-боллур ойор оҕо буолбатаххын, хас киһи тук диэтэҕин аайы, хорохоот курдук, өс хоту сүүрүмэ, көҥүллээтэхпинэ биирдэ барар-кэлэр буол», – диэн мас-таас курдук этэн турар…
Өрдөөҕүтэ бэрт кыра сири солоон бурдук оҕото ыһа сылдьыбыт сонуоктаах, тиил оҕуруоттаах өтөххө үс ыал буолан сайылаатыбыт. Өлөксүөйэп Хабырыыллаах диэн ыалларбыт уоллаах кыыс оҕолоохтор. Биирин лаппа ааһыар диэри сыҥаһалаан баран саҥа хаампыт кыыстара Биэрэ диэн. Миигин кытары араа-бараа саастаах уоллара Бүөтүр – Модьу диэн хос ааттаах. Ким да кинини Бүөтүрүнэн ыҥырбат, биир кэм Модьу да Модьу.
Сыллыыр, Балыа диэн өтөхтөр бурдук бааһыналаахтар. Барытыгар нэчимиэн ыһаллар. Өссө мантан чугас Ынаабы диэн көлүйэ күөлгэ эмиэ сонуоктаахтар, онно эмиэ нэчимиэн үүннэрэллэр. Эргиччи боотулу бүтэй, биир эмэ сиринэн бүтэй алдьанна да тута абырахтыыллар. Дьыл эрдэ кэлэн, сүөһү сайылыкка көһүөн иннинэ, оҕуһунан булууктаан, атынан боромньулаан, сорох чабычахха кутан кыбына сылдьан, бурдуктарын ыһан бүтэрбиттэр. Биһиги көһөн кэлэрбитигэр бурдук ото хайыы сахха үрүҥ күҥҥэ өрө тардыһан бытыгыраан эрэрэ.
Маарыйа сурдьа Баһылай, уолаттара Ылдьаалаах бары сайылыккалар. Өксөөн, холкуос бэрэссэдээтэлэ киһи, Айдаҥҥа, үлэлиир сиригэр олорор.
Сайылыктар үс атыыр оҕустаахтар. Киэһэ түптэ түптэлэннэҕинэ сүөһүлэр биир сиргэ тоҕуоруһан мусталлар. Оҕустар онно көрсүһэн харсыһыы бөҕөтө. Намыһах эрээри куппут-симмит курдук эт лахса, лаппычах уҥуохтаах, будьуруйбут сүүстээх Хара Сирэй диэн оҕуһу кытары, сэлии кыыл илэ бэйэтинэн орҕостон туран сүгүллэҥнээбитинии, уот кугас, маҥаас төбөлөөх Солоҥдо диэн сүүнэ улахан оҕус баар. Ону таһынан Сэмэн Сомуорускайа диэн, модьуун сиэбитинии онон-манан кытарымтыйан көстөр түүлээх, хомуолай оҕус баара, төһө да муоһа суох буоллар, кырыылаах сүүһүнэн ханнык да муостаах оҕуһу харсыһан киһилээбэт. Ордук сүүллэрэ түспүт кэмигэр омос көрдөххө мөдөөн, нэс быһыыларыгар холооно суох сымсатык хамсанан, түптэ уоттаах күлүн өрө сүргэйэн бурҕачытан, хатыйыы бүтэйи тоҕута түһэ-түһэ харсыһыы киэнэ кытаанаҕа. Биһиги куттанан аттыларыгар чугаһаабаппыт, ыраахтан күрүө быыһынан көрөбүт. Атын сайылыктартан оҕустар кэлэн күөн көрсүһүү буоллаҕына, оҕолор, муоһа суох бэйэбит оҕуспутугар, Сэмэн Сомуорускайын диэки охтобут.
Мундулуҥда