Елена Слепцова

Түҥкэтэх ырай


Скачать книгу

дуо, кэпсэппэтэх буолан сэргээн истэр киһиэхэ түбэһэн, умнулла сыспыт кэһиэхтээх куолаһа саҥа холбоммут араадьыйалыы хардьыгыныы-хардьыгыныы көбдьүөрэр. Бу – субан туруйа курдук собус-соҕотох ыалым эмээхсин. Кини олбуоруттан быкпатаҕа сыл аҥаара буолла. Хайа эрэ көстүбэт киһи кэлэн, тыаһа-ууһа суох ас сыыһа быраҕан ааһар.

      Биһиги уулуссабыт – Строителлар уулуссаларыттан Халтурин уулуссаҕа киирэн аҕыйах хардыыны оҥордоргун эрэ, «Маҕан переулога» диэн ааттаммыт куорат кииниттэн алыс ырааҕа суох да сыттар, билигин дьэбэрэҕэ тимириэхчэ буолбут кэтэх дьиэлэрдээх, өтөхсүйэ быһыытыйбыт түөлбэ оҕото. Оттон урут манна балачча кыахтаах дьон олорбутун туоһулуур модьу-таҕа көрүҥнээх, киин хочуолунайтан оттуллар буолан хаһан да кырыарбат дьэндэспит улахан түннүктэрдээх дьиэлэр уулусса икки өттүнэн кэчигирэһэн тураллара. Нуучча хаһаактара эрэ кыайа тутан оҥорбут, олбуор аҥаарын бүтүннүү нэлэс гыннарар сүҥкэннээх мас аартыктардаах, үрдүк эркиннэрдээх күрүөлэр киэҥ тиэргэннэрин истэригэр туох да ааттаах буола турарын сатабыллаахтык кистииллэрэ. Суола-ииһэ кыһыл кумахтан кутуллубут бэрт дэхси, ыраас буолан, оҕо аймах таптаан оонньуура. Оччолорго уулусса чуумпута, бүччүмэ олохтоохтору барыбытын үөрдэрэ.

      Манна 70-с сыллар бүтүүлэригэр аҕам түөрт хостоох, таһыгар баанньыктаах, улахан ыскылаат сарайдаах уораҕайа турбута. Маҥнай куоракка киирдэхпит утаа уулуссабыт олус сэргэх, ача күөх мастарынан суугунуур палисадниктардаах, бэйэ-бэйэлэригэр киэптэһэрдии бииртэн-биир дьэрэкээн оһуордаах ыстаабаннарынан симэммит дьиэлэрдээх, уу-хаар хоммотох кураанах миэстэтэ этэ. Дэлэҕэ даҕаны, переулокпытыгар киирдибит даҕаны атахпыт таҥаһын туура тэбэн атах сыгынньах дыгыһа сүүрүөхпүт дуо. Дьиэбититтэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ кыһыл кирпииччэнэн тутуллубут халыҥ истиэнэлэрдээх, кыараҕас түннүктэрдээх, быһыыта, былыргыта хайа эрэ баай киһи туттарбытыгар сөптөөх, хас да кырыылаах кырыыһалаах дьиэ баара. Ити дьиэ күнүһүн аана лип хатааһыннаах буолара. Оттон түүнүн биһиги харахтаабатах мааны массыыналарбыт кэлэн, үйэбэр үөйбэтэх үчүгэйкээн хоруопкаларбын адьас тыаһа-ууһа суох тиэйэн баралларын утуйар хоһум түннүгүнэн дөрүн-дөрүн көрөрүм. Онон сылыктаатахха, кистэлэҥ маҕаһыын быһыылааҕа.

      Биһиги обургу олбуорбутуттан кыра аҥаарын хайа охсон ылан, атын ыал буруо таһаарбыттар. Ол дьиэ муҥур хотуна – бу мин орой мэник оҕо илиибин салыбырыы тутан олорор чүөчэ Маня. Кини дьиэтин киһи дьиэ диэҕин хайдах эрэ тыла тахсыбат. Үүтээнтэн эрэ обургу, орук мас арбаҕаһыныы адьарыттыбыт кырыыһалаах самнархай ыыспа. Дьэ манна ким да таайбатах таабырына буолбут дьэбириэй эмээхсинэ чүөчэ Маня чуҥкук олоҕо биһиги харахпыт ортотугар түмүктэммитэ. Оччолорго, сэбиэскэй былаас күннээн турар кэмэ буолан, бары кэриэтэ айыыттан-абааһыттан аккаастаммыт атыйыыстар этибит. Оттон эмээхсин, икки харахтаахтан кистээн-кистээн, түүннэри таҥара холоругун иннигэр бүк түһэн олорон кириэстэнэн сапсынарын хомсомуол оҕолор, биһиги, саалабыт түннүгүнэн сүөргүлүү көрөрбүт. Чүөчэ Маня, билигин санаатахха, таҥараһыт эбит. Арыт түүн кыра наадаҕар таһырдьа таҕыстаххына, аана лабырҕаан олорор буолара. Биһиги олбуорбутугар киирэр куруук сабыылаах түннүгүн нөҥүө көрдөххө, сүүнэ улахан киһи күлүгэ таҥараҕа үҥэн тоҥхоҥнуура. Онтон эппит салаһан түргэнник атахха биллэрэрбит. Эмээхсин дьиэтиттэн оччолорго да дэҥҥэ быгара. Ол таҕыстар эрэ уораҕайын иһэ куоска ньааҕынааһынынан, ыт моргуорунан туола түһэрэ. Кэлин бүдүгүрэ кырдьан баран, чүөчэ Маня килиэп да ыла барара ыараабыта. Арай биирдэ тахсыбытым, олбуорун иннигэр тайахтанан олорор. Улаханнык кэпсэппэт бэйэтэ миигин ыҥыран ылан, аҕыйах харчы биэрэн, килиэп, үүт атыылаһарбар көрдөстө. Онтон ыла олбуорум иннигэр тоһуйан ону-маны атыылаһыннарар идэлэннэ. Мин куттанан дьиэтигэр киирбэппин. Эмээхсин тимиччи түспүт, моҕой курдук төгүрүк хара хараҕа туох эрэ дьикти тымныы суостааҕа, онон уулусса дьоно бары да дьиксинэрбит, толлорбут.

      – Хаар сып-сырдык суорҕанынан бу кирдээх куораты бүрүйдэҕинэ, мин санаам арыый сырдыырга дылы гынар.

      Эмээхсин тугу эрэ кэпсээри оҥосторун таайан аттыгар намыһах мас лаабыска олордум.

      – Мин тугу кэпсиирбин истиэххин баҕараҕын дуо? – диэн баран ааттаһардыы илиибин имэрийэр.

      – Ыы-һы, – кэҕиҥниибин.

      Күһүҥҥү күн хараҥарыа эрдэ. Хаар хантан эрэ ыраахтан сүрэҕэлдьээбиттии кыырайан кэлэн, ириэнэх сири булаат, тута ууллан, уостан хаалар. Тэйиччи оҕолор тустан булумахтаһаллар.

      II

      «Мин оҕо сылдьан Саха сирэ баарын букатын билбэт да, истибэт да этим. Бэйэм Одесса диэн кэрэ куоракка төрөөбүтүм. Оо, ол билигин да мин түүлбэр киирэр – кыараҕас уулусса, тапталлыбыт туой лоскуйдарыттан оҥоһуллубут кырыыһалаах кирпииччэ дьиэ, аһаҕас түннүк, герань сибэккитэ уонна ийэм. Мин аатым, дьиҥэр, Марисель диэн этэ, ону манна кыайан ааттаабат буолан Маня дииллэр. Ньиэмэстэри кытта сэрии иннинэ олус бэркэ олорбуппут. Сэрии саҕаланарын кытта аҕабын аармыйаҕа ыҥырбыттара. Кини аптекарь этэ, онон тугу кыайан сэриилэһиэй, сотору өлбүтүн туһунан сурук туппуппут. Убайым Клим иккис сылын артыыс үөрэҕэр үөрэнэрэ. Биһиги дьиэ кэргэн бары музыканан үлүһүйэрбит. Тоҕо диэтэххэ, эһэм аатырбыт скрипач этэ. Оттон ийэм бэйэтэ арфа диэн кэрэ тыастаах инструмеҥҥа оонньуура. Миигин кып-кырабыттан рояльга оонньуурга үөрэппиттэрэ.

      Клим