ар тапталы иҥэрэр, сахалыы тыынныыр туһугар олоҕун бүтүннүү анаабыта.
Истиҥ-иһирэх тыллаах поэт сахатын тылын кэрэтин, этигэнин туттан, сылаас-сырдык тыыннаах, дьикти уобарастаах хоһооннору суруйан хаалларбыта. Хоһоонноругар тылы айылҕа араас көстүүтүгэр дьүөрэлээн истиҥник хоһуйара:
Эн – сырдык үрүйэҕин,
Кылыгырайа сүүрдэҕин,
Этиэхтэн дьикти кэрэҕин
Уулла маныыр сүрэҕим.
В.И. Босиков төрөөбүт төрүт тыла, араас өҥүнэн күлүмүрдүү оонньуур кэрэтин сүтэрбэккэ, этигэн сүдү күүһүн мөлтөппөккө, саҥаттан саҥа үйэлэргэ сырдык сулус буолан, кэнчээри ыччаты угуйа туруон баҕарара. Саха омук быһыытынан, Аан дойду атын омуктарыттан хаалсыбакка, ахсаана тономмокко, орто дойду олохтооҕо буолан, үүнэ-сайда турдар диэн баҕа санаалааҕа.
Бу кинигэҕэ Василий Иванович олох уустук ыйытыыларыгар тус санаатын хаһыаттарга, сурунаалларга суруйбут ыстатыйалара, литература атын көрүҥэр холоммут айымньылара, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит дьонун, үөрэтэн-такайан олох киэҥ аартыгар таһаарбыт үөрэнээччилэрин, аймахтарын, доҕотторун, биир санаалаахтарын ахтыылара киирдилэр.
Бастыҥ учуутал, уһуйааччы, уран тыллаах поэт төрүт тылын туһугар бүтүн олоҕун анаабыт, омугум туһа диэн эппит-тыыммыт саха омук биир саарына – Василий Иванович Босиков айымньылара ааҕылла, аата ааттана, ахтылла туруоҕа.
I түһүмэх
УДЬУОР УТУМ
Ульяна Заболоцкая
Киһи олоҕун оҕото салгыыр. Орто дойду олоҕо түүннээх күн солбуйсарыныы, киһиттэн оҕотугар, оҕотуттан сиэнигэр көһөн, олох быстыбат ситимэ түҥ былыргы үйэттэн бу күҥҥэ диэри тиийэн кэлэн, киһи аймах сир үрдүгэр олордоҕо.
Былыр Саха сиригэр Дүпсүн улууһа, Тэбиик нэһилиэгэ тэриллиэҕиттэн Буоһукап аймах уутуйан олохсуйбутун архыып матырыйааллара кэпсииллэр.
Аҕам, Босиков Василий Иванович, ийэтинэн эһэтэ Афанасий Сергеевич Босиков Уус Алдан Дүпсүнүн олохтооҕо, эбэтэ – Мария Николаевна Горохова Чэриктэйтэн төрүттээҕэ. Кинилэр алта оҕолоохторо: Афанасий (Хонооһой), Евдокия (Дэбдэ), Илья (Ылдьаа), Василий (Улахан Баһылай), Николай (Ньукулай), Мария (Улахан Маайыс).
Мария Николаевна Горохова-Мааһа эбэ орто уҥуохтаах, номоҕон кэрэ сэбэрэлээх, ыллыктаах-ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, сэмэй-холку майгылаах, намыын саҥалаах эбитэ үһү. Аҕам эһэтэ, Афанасий Сергеевич, Аҕа дойду сэриитин иннинэ өлбүт. Онон Мааһа эбэ дьарамай санныгар алта оҕотун атаҕар туруорар дьылҕа түспүтэ. Сэрии кэмигэр киниэхэ ол ыарахан ындыы буолбута саарбахтаммат. Улахан уолун Хонооһойу аҕата быраатыгар соҕотох Дьаакыпка эрдэ ииттэрэ биэрбит. Хонооһой улаатан, холкуос төһүү үлэһитэ буолбут. Кэргэннэнэн икки оҕону төрөтөн баран, 1958 с. ыарахан ыарыыттан эдэр сааһыгар олохтон туораабыт. Кини өлүөн үс ый иннинэ төрүт ыарыһах кэргэнэ олохтон барбыт. Онон, кыра кылааска үөрэнэр уоллара Вася (Аччыгый Бааска) уонна түөрт-биэс саастаах кыыстара Маша (Аччыгый Маайыс) төгүрүк тулаайах хаалаахтаабыттар.
Мария Николаевна (Мааһа эбэ) улахан кыыһа Евдокия Афанасьевна Босикова (Дэбдэ эбэ) ийэтигэр сүрүн көмөлөһөөччү, дьиэ кэргэнин сотоҕох үлэлээн иитээччи буолбут. Кини холкуоска биригэдьииринэн, бэрэссэдээтэлинэн уһун кэмҥэ үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит. Дэбдэ эбэбит Улуу Өктөөп сылыгар төрөөбүтүнэн киэн туттара. Сэрии кэмигэр баара-суоҕа сүүрбэ түөрт саастааҕа, ол кэмҥэ биригэдьиир ыарахан эбээһинэһин толороро. Ити сылдьан, хомуньуус-баартыйа кэккэтигэр киирэн бэриниилээх хомуньуус буолбута. Онтон холкуос бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Күнү быһа ат үрдүттэн түспэккэ, ыкса киэһэҕэ диэри бары учаастактарын, пиэрмэлэрин кэрийэрэ, салайара, ыһыах буоллун, от үлэтэ буоллун – барытыгар тиийэрэ. Дьиэтигэр сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо, аһыыр-утуйар эрэ кэмигэр кылгастык көстө, сынньана түһээт, эмиэ атын үрдүгэр түһэн дьаһайа, салайа, дьону үлэлэтэ, ханна туох кыаллыбатын быһаарса-быһаара ыстаннарара. Ийэтэ, Мааһа эбэ, кини инчэйбит таҥаһын куурдара, алдьаммыт таҥаһын абырахтыыра. Онно Дэбдэ эбэ бириэмэтэ тиийбэтэ.
1946 с. Хоту Эбэҕэ олороллоро. Атынан сүүрдэн дьону салайа сылдьан, биир киэһэ ийэтигэр: «Иһим ыарыйда», – диэбит. Бөдөҥ, уп-уһун тулууп кэтэн субуруҥната сылдьарын устубутугар, ийэтэ, кыыһа субу төрөөрү талыыта киирбитин, дьэ өйдөөн соһуйбут. Аһыырыгар да тулуубун устубакка аһыыр эбит, ол иһин ийэтэ кыыһа хат сылдьарын билбэтэх. Эбэм уолун Баасканы, аҕабытын Василий Ивановиһы, оннук төрөппүт. Төрөтөөт, сарсыарда эрдэ эмиэ үлэтигэр сүүрбүт. Онон аҕам ийэ үүтүн минньигэс амтанын билбэккэ улааппыт, эбэтин көрүүтүгэр-истиитигэр уу ньуулдьаҕай эһээхэй эрдэҕиттэн киирбит.
Евдокия Афанасьевна (Дэбдэ эбэ) сэрии сут-кураан сылыгар холкуос сүөһүтүн Кэбээйигэ кыстата ыыталларыгар биригэдьииринэн барсыбыт. Ол баран уонна да кэлин, сэрии кэмин устата, холкуоһугар хоргуйууну таһаарбакка дьон тыыннаах Улуу Кыайыыны көрсүбүтүгэр кини өҥөтө, кыһамньыта муҥура суох. Ыаллыы холкуостарга, уопсайынан Саха сирин үрдүнэн хас оройуон, нэһилиэк ахсын хоргуйан өлүү олус элбэх этэ. Салайааччы дьон, кыраҕа-кыаммакка, оҕоҕо-урууга кырыктаах сыһыаныттан элбэх өлүү-сүтүү тахсыбыт. Саха сирин үрдүнэн сэриигэ баран