Сэмэн Тумат

Муора арыытыгар олох


Скачать книгу

гар тартаран дьон-сэргэ харыыта суох култуура дьиэлэригэр мустара, сэттэ нэһилиэк былаһын тухары оннук этэ.

      Владимир Михайлович олус үчүгэй кэпсээннээх-ипсээннээх киһи этэ. Олус диэн табыллан сырыыга-айаҥҥа сылдьыбыппыт. Биир киэһэ ытык кырдьаҕаспыт тыл көтөхтө:

      – Дьэ, доҕоттор, сэттэ киэһэни быһа кэпсээтим-сэһэргээтим. Эт киһи элэйдим, сыа киһи сылайдым… Сынньана түһүөх этим… Бу киэһэ, аргыс дьонум, эһиги сэһэргээҥ, аралдьытыҥ, – диэтэ уонна кэтэх тардыстан оронугар сытынан кэбистэ.

      Дьэ кыһалҕа улахана манна буолла ээ, доҕоттоор. Ким даҕаны айах атан кэпсиир-ипсиир баҕатын биллэрбэтэ. Дьоммун кэтэһэ сатаан баран мин тыл көтөхтүм:

      – Владимир Михайлович, 1941 сыллаахха Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэрин ааттарыттан астаах-үөллээх, суруктаах-бичиктээх, хаһыаттаах Арҕааҥҥы фроҥҥа баартыйа обкомун дэлэгээссийэтин састаабыгар киирэн барсыбытыҥ туһунан Улуу Кыайыы 30 сылын бэлиэтээһиҥҥэ суруйбут ыстатыйаҕын ааҕан турардаахпын. Хор, онно Иркутскайынан Москваҕа көтөөрү туран «…бу хаар аннынан хаас-кус киирэн эрдэҕэ…» дии санаабыккынан буоллаҕына, хааһы-куһу бултуу түспүт быһыылааххын ээ, Владимир Михайлович, – диэтим.

      – Ээ, оннук. Хааһы-куһу бултаабыт ахан киһибин.

      – Владимир Михайлович, туундара кырсатын даҕаны көрдөҕүҥ дии.

      – Көрөн…

      – Хаас сымыытын даҕаны көрдөҕүҥ дии?..

      – Көрөн…

      – Ити дьоҕускаан туундара кырсатын айаҕар төһө хаас сымыытын уктара буолуой ээ?

      – Хаас сымыыта улахан бөҕө буоллаҕа дии, ити дьоҕускаан кырса айаҕар биир эмэ сымыыт батара дуу, суоҕа дуу… көрөн турбут суох, – диэтэ Владимир Михайлович саха киһитин сиэринэн.

      – Владимир Михайлович, туундара кырсата ити дьоҕускаан айаҕар биэс хаас сымыытын ылар ээ…

      – Ол хайдах биэс хаас сымыыты айаҕар батарыай?! – диэбитинэн Владимир Михайлович оронугар олоро түспүтэ.

      Итиччэ кэрэхсэппит киһи салгыы маннык ис хоһоонноон кэпсээтим. Туундара кырсата ити дьоҕускаан бэйэтэ уонтан тахса үнүгэһи төрөтөр. Олор улааталларын саҕана битэмииннэрэ тиийбэккэ мары-маадьаҕар буолар кутталга киирэллэр. Ону тохтотор-өрүһүйэр туһуттан ийэ кырса барахсан хаас сымыытынан үнүгэстэрин (оҕолорун) аһатарга күһэллэр, оччоҕо эрэ атахтара көнөр.

      Кырса муҥнаах уйалаах хаастары булан, олору уһун күнү быһа кэтиир. Хаастар киэһэлик элгээҥҥэ аһыы киирэллэрин кытары, ону эрэ кэтэһэн сытар кырса хаастар уйаларыгар ойон тиийэр да, бастакы сымыытын куртаҕын төрдүгэр диэри ыйыстан кэбиһэр, иккиһи – тылын аннынааҕы оҥхойугар баттыыр, үһүс уонна төрдүс сымыыттарын уҥа-хаҥас омурдугар уктар, бэһис сымыытын ытыран баран буут биэрэр.

      Ол үрдүнэн хаастар уйаларыгар түөрт сымыыт ордон хаалар. Оччотугар хаас көтөр кэскилэ быстыбатын, туундара сокуона кэһиллибэтин туһунан кэпсиир киһи буолан биэрдим.

      – Сэмэн, ити миэхэ кэпсээбитиҥ курдук суруйан кэбис, – диэн Владимир Михайлович өй укта.

      Күннүк Уурастыырап ити сүбэ биэриитэ миигин хотугу эйгэ олоҕун түгэннэриттэн суруйуохпун сөп эбит ээ диэн соргулаах санааҕа аҕалбыта.

      Норуодунай бэйиэт Күннүк Уурастыырап ити эппитин толорбутум – Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар (билиҥҥи С.А. Новгородов аатынан «Айар» национальнай кыһа) 1986 сыллаахха 15 тыһыынча ахсаанынан «Муора арыытыгар олох» диэн тупсаҕай ойуулардаах – иннигэр икки хаастаах, кэннигэр алта хаастаах бастакы кинигэм арылыйан тахсан айар үлэм аартыгын аспыта.

      Саха сирин бары уһугар бу кинигэбин билэллэр, мин кинилиин 40-ча сыл аргыстаһан, олоҕум 80-с хаарыгар үктэнним. Оскуолаларга оҕолор рефераттары, устудьуоннар курсовой, дипломнай үлэлэри суруйдулар, учуонайдар бу кинигэ үчүгэй өрүттэрин бэлиэтээтилэр. Бу кинигэбин Владимир Федоров диэн норуодунай суруйааччы нууччалыы тылбаастаан, кинигэ таһаартаран («Остров в белом океане») 1993 сыллаахха Арассыыйа Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнинэн ылылллыбытым.

      Бастакы «Муора арыытыгар олох» диэн кинигэбэр махтанабын, махтанар хаһан даҕаны хойут буолбат. Ону бэлиэтээн бу хоһоону суруйбутум:

      Бастакы кинигэ арылыйар —

      Өҥүн хаһан да сүтэрбэт.

      Өрүү өйгүн өйүүр, кэхтибэт.

      Кини мэлдьи бастакы буолар —

      Кимсиилээх олоххор аргыстаһар.

      Үчүгэй да буол, куһаҕан да буол,

      Үөҕүллэр, самнар да күннэргэр

      Бастакы кинигэҥ адьас дуол

      Барытын эр хааннаахтык көрсөр.

      Бастакы кинигэтэ суох

      Эн хардыылаабаккын.

      Бастакы кинигэтэ суох Эн

      Олоххун түмүктээбэккин.

      Күндү доҕоттор! Суруйар-айар киһи бастакы кинигэтэ бастакы хардыытын хараҥаччыта буоларын ааһан, олоҕун аартыгын араҥаччылыыр сүдү оруоллаах. Ону өйдүүр уонна ылынар буоламмын, маанылаан бастакы кинигэбин олоҕум бэлиэ кэмигэр туспа кинигэнэн таһаарарга быһаарынным, ону ааҕааччыларым даҕаны өйдүөхтэрэ.

Сэмэн Тумат,саха норуодунай суруйааччыта

      Муора арыытыгар