Татьяна Поскачина

Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.


Скачать книгу

курдук. Ол эрэн… сурах-садьык ханна да тиийбит иһин син биир ситэ баттыыр эбит. Төһө да учуутал үрдүк үтүө аатын хараардымаары идэбин уларыппытым, атын нэһилиэккэ көһөн кэлбитим иһин син биир дьон тыла чаҕылҕаннааҕар түргэн сырыылаах, этиҥнээҕэр улахан дарбааннаах буолар эбит. Кэнники кэмҥэ… айылааҕын хайа-хайабытын эрэйдээбэккэ, ситэри арахсан хаалбыт киһи диэн санаалар киирэр буоллулар. Ити санаабыттан бэйэм да саллабын. Арыйаана суох аны олоруо суох курдукпун. Бэйэм олохпун кинитэ суох оҥорон көрбөппүн. Кэбис, бу санаабын хаалларан эриим… кэлин… барыта бэйэтэ сааһыланан, оннун булара буоллар…

      Саҥа үлэлиир сирбэр бибилэтиэкэҕэ кэлэн үөрэтэрим, билсэрим олус элбэх… Араас ис хоһоонноох кинигэлэр, пуолкалар, вывескалар… Хата, мин иннибинэ үлэлээбит дьахтар олус кичэллээх буолан, мин эбии сааһылыырым, көннөрөрүм наадата суох курдук. Бүгүн эмиэ куолубунан туох ханна турарын үөрэтэрим быыһыгар инчэҕэй тирээпкэнэн быыл сото сырыттахпына, бибилэтиэкэ аана бэрт сэмэйдик арыллыбыта. Эргиллэ түспүтүм уһун хара сонноох, баайыы бэргэһэлээх, бороҥ былаатынан тууна бааммыт кыра уҥуохтаах хачаайы кыыс киирэн турара.

      – Үтүө күнүнэн! – мин эйэҕэстик мичээрдиибин уонна улаханнык дорооболоһобун.

      – Үтүө күнүнэн, – кыыс киирбитин курдук бэрт сэмэйдик хардарда. Былаатын аллара тардан сирэйин арыйда. Онтон миигин тобулу көрөн тура түһээт сирэйдиин сырдыы түстэ. – Хайа, привет, Нина!

      Инчэҕэй өрбөхпүн туппутунан, хайаларын билбэккэ турабыный диэн одууластым. Даша дии!!! Тус-туһунан бөлөххө да буоллар, биир кууруска үөрэммит кыыһым. Төһө да чугастык алтыспатарбыт, син билсэр, көрүстэхпитинэ үөрэ-көтө кэпсэтэн ааһар буоларбыт. Даша биһиги кууруһу кытары үөрэнэн иһэн, эмискэ биир Саҥа дьыл кэннэ үөрэнэ кэлбэтэҕэ, академ ылан хаалбыт этэ. Ол кэннэ сибээһин төрүт быһан кэбиспитэ. Онтон ыла көрсө да, билсэ да иликпит. Омос көрүүбэр, Даша хайдах эрэ дьүһүннүүн-бодолуун уларыйан хаалбыт курдуга. Аҥаардас ол да иһин кинини маҥнай утаа билбэтэх эбиппин. Чаҕылхай сырдык өҥнөөх таҥаһы сөбүлээн таҥнар, чуораан курдук чугдаарар куоластаах, олус көрдөөх, көхтөөх кыыс этэ. Тэбэнэттээх күлүүтэ, үөрүнньэҥ элэккэй майгыта хайа баҕарар киһи сүргэтин көтөҕөр буолара. Оттон билигин… билигин Даша олох атын киһиэхэ кубулуйан кэлэн турар курдуга. Хаһан эрэ үөрүүнэн, дьолунан тырымныыр хара харахтара санаарҕаабыттыы унаарыччы көрөллөрө. Урукку Даша истиҥ аһаҕас мичээрдээх утары сүүрэн кэлиэ, омуннаахтык үөрэ-көтө сэһэргэһэн барыа эбитэ буолуо. Оттон билигин саппаҕырбыт курус сирэйигэр соһуйуу уонна күлүм үөрүү көстөн ааспыта.

      – Даша, эн дуо бу? Привет! – кирдээх илиибинэн таарыйбатарбын ханнык диэн сэрэннэрбин да, ойон туран кыыспын кууһан ыллым. Кини олох атын улуустан сылдьарын билэр буолан, хайдах бу манна – мин төрөөбүт нэһилиэкпэр кэлбитин интэриэһиргии санаатым. – Хайдах, хаһан манна кэллиҥ?

      – Бэҕэһээ эрэ кэлбитим.

      – Ээ, манна аймахтардаах буоллаҕыҥ?

      – Оттон… кэргэним… дьонугар кэлбитим… Каникул бүтүүтэ дойдубар төннүөм.

      – Кэргэним дьонугар даа?! Тыый, хайаларыгар кэргэн тахсыбыккыный? – Даша мин биир дойдулаахпар кэргэн тахсыбытын туһунан мин билбэт эбиппин да, мантан салгыы истибит хардам… миигин уйадытта…

      …

      Даша каникул кэмигэр интэриниэт нөҥүө куурус ааһа сылдьар буолан, бибилэтиэкэҕэ тустаах кинигэҕэ наадыйан кэлбит этэ. Матырыйаалын булан хаартыскаҕа түһэрбитэ. Кини биһикки устудьуоннуу сылдьан син алтыспыт дьон буоламмыт, өссө көрсүөхпүт диэн төлөпүөннэрбит нүөмэрин бэрсибиппит.

      Сэтинньи 4 күнэ, 2017 с. Бээтинсэ

      Кыһын, дьэ, кэлэрдии кэллэ… эмиэ уһун унньуктаах, аам-даам туманнаах тымныы түстэ… Түүнү супту тохтоло суох ыйылыыр силлиэ-буурҕа дьиэ сарайын хастыы тардан ылыахтыы тыаһатар-ууһатар. Эмиэ да бөрөлүү улуйар. Эмиэ да соҕотохсуйбут, тулаайахсыйбыт, аҥаарын сүтэрбит киһилии ыардык ытыырга дылы…

      Ороммор эргичиҥнии сатаан баран, утуйуо суохпун билэн, үлэлиир остуолбар баар кыра уоппун холбоон, күннүкпүн ылан суруйан эрэбин.

      Дьүөгэм Даша бу күннэргэ дойдутугар төннөөрү сылдьарын истэн, мин, дьиэлээх-уоттаах киһи, бүгүн кинини дьиэбэр ыҥыра сырыттым. Чэй иһэ-иһэ уруккуну-хойуккуну санаһан, ирэ-хоро кэпсэттибит. Устудьуоннаабыт сылларбыт күлүм түгэннэрин, эдэр сааспытыгар көрсүбүт тапталбытын, сүрэхпитигэр сөҥөрөн илдьэ сылдьар кистэлэҥнэрбитин бэйэ-бэйэбитигэр сэгэттибит.

      Дьүөгэм кылгас кэм иһигэр Дьылҕа Хаан ыар охсуутун ылбытын кэпсээтэ… кыра, хачаайы бэйэтэ, нарын санныгар сүгэ сылдьар ыар таһаҕаһын үллэстэн, син чэпчээтэ ини… Дашам кэпсээбит олоҕун оллурдаах суолун сэһэнин мин истибит эрэ кыттыгастаахпын да, тоҕо эрэ кутум-сүрүм айманна, сүрэҕим ытаата-соҥоото…

      Даша күннүгүттэн

      От ыйын 1 күнэ, 2012 сыл. Өрөбүл

      Олус дьикти түүлү түһээтим. Ол түүлбэр тоҕо эрэ кыһын… Арааһа, кыһын быһыылааҕа… Тыбыс-тымныы салгын олох илэ курдук эппин-хааммын хаарыйара. Хабыс-хараҥа… Сүүрэн иһэргэ дылы этим. Ыччуу!!! Бу тымныыга ханна сүүрбүт буоллахпыный?.. Атаҕым анныгар хаар тохтоло суох куучургуура иһиллэрэ. Эмиэ да аам-даам тымныы уорааныттан бөтө-бөтө тыын ыла сатыырым, эмиэ да… Суох, ытыырым эбээт! Бу хайдах