Ытык Күөлгэ култуура дьиэтигэр буолбута. Ойуунускай тылын-өһүн истэн, ийэтэ Байаҕантайтан төрүттээҕин иһин, «биһигини таайдарым диэн уруурҕаата» диэн уолбалар үөрбүттэрэ. Биирдэ, Дьокуускайга киирэ сырыттахпына, Анна Денисовна Ойуунускайбыт сессияттан кэлбэтэ диэн кэпсээбитэ.
Ойуунускай оҕону да, оҕонньору да кытта тапсара. Кини дьону бэйэтигэр тардар боростуой майгылааҕа-сигилилээҕэ. Саха саарынын П.А. Ойуунускайы кытта көрсүһүүлэрбин олус истиҥник саныыбын.
С.С. Саввин
Умнуллубат күннэр
Мин Платон Алексеевич Ойуунускайы бэйэтин уонна кини төрөппүттэрин, бырааттарын, балтыларын, атын да аймахтарын тус бэйэм бэрт кыра эрдэхпиттэн үчүгэйдик билэбин диэн этэр кыахтаахпын. Мин аҕам Сергей Саввич, кини балта Матрена Слепцова – аатырбыт капитан Афанасий Богатырев бастакы кэргэнэ, Платон Алексеевиһы чугастык билэллэрэ. Платон Слепцов куоракка үөрэниэҕиттэн ылата Матрена уонна Афанасий Богатыревтар күндү ыалдьыттара уонна хоноһолоро буолара. Аҕам кыһын ахсын куоракка киирэн, Афанасий Богатыревтаахха олорон үлэлиирэ. Кини дойдутугар эргиллэн таҕыстаҕына, Платон Слепцов туһунан бэрт кэрэхсэбиллээхтик кэпсиирин өйдүүбүн. Аҕам киниттэн истибит көрдөөх-нардаах кэпсээннэрин уонна остуоруйаларын уоһуттан түһэрбэт буолара. Кини куораттан тахсыбыт киэһэтигэр биһиги дьиэбит үөлэһиттэн түүн хойукка диэри хойуу кыым көтөрө. Көмүлүөк сырдыгар олорон, аҕам кэпсээнин дуоһуйа истэрбит. Мин аан бастаан Платон Слепцову маннык көрсөн турардаахпын. Даайа Кытыла диэн бэрт кэрэ көстүүлээх Амма өрүс биэрэгэр биһиги Оһоҕостооххо олорбуппут. Мин дьоммун кытта ыаллыы Платон Слепцов убайа Никита олороро. 1915 с. сайыныгар Платон Слепцов ыҥыыр атынан соҕотоҕун куораттан тахсан иһэрэ. Кини биһиэхэ сылдьан, чэйдээн ааспыта. Аҕабын кытта бэрт элбэҕи кэпсэппиттэрэ. Онно мин аҕам аттыгар олорон уруккуттан истэр киһибин бэркэ сыныйан одууласпытым. Платон аа-дьуо кэпсиирэ. Тыла-өһө сүрдээх ылыннарыылаах быһыылааҕын өйдүүбүн. Ардыгар, кэпсии олорон, дьээбэлээхтик күлэн ылара. «Бу үөрэниэх оҕону пансиоҥҥа туттарбакка сылдьар эбиккит, – Платон миигин төбөбүттэн имэрийэ-имэрийэ аҕабар эппитэ, – Афанасий Богатыревтаахха киллэриэх этиҥ. Күтүөтэ соҕотох кыннын үөрэттэриэҕэ. Сиэнэ Данил уолу кытта бииргэ сылдьан үөрэниэх этилэр», – «Оҕобун үөрэттэрэр санаа баар». Аҕам миигин үөрэттэрэр санаалааҕын истибит ыалдьыппыт үөрэ-көтө түспүтэ: «Сергей, үөрэн, кытаат, ыччаттар бары үөрэхтээх буолаллара наада, – Платон бэрт эйэҕэстик мичээрдээн ылбыта. – Аҕаҥ, хата, ону өйдүүр киһи эбит».
Сити сайын мин кинини үгүстүк көрбүтүм. Бу бэрт сайаҕас, элбэҕи билэр-көрөр, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, аламаҕай эдэр киһи сайылык оҕолорун бэйэтин тула биллибэтинэн-көстүбэтинэн түмэ тардыбыта. Амма эбэ хотун кылбаһыйар сүүрүгэр көтөхтөрбүт күн уота сандаара оонньуур кэмигэр сөтүөлүү киирэрэ. Биһиги кыра оҕолор, куораттан сылдьар киһини көрөөрү,