>
Түөһүм иһиттэн тахсара.
Лэкэттэлэр
Үс үллэр үөстээх,
Үлүскэннээх сүүрүктээх
Өлүөнэ өрүс үөһүгэр,
Тойон Арыы түөһүгэр,
Кыталыктаах сыһыытын
Кылбаарытта кырдалыгар
Талах мастыы имиллэн,
Титирик тииттии тирэнэн,
Алаастарын, арыыларын,
Эргэнэ хара тыаларын
Эркин курдук эргитэн,
Түөрт уон буруону унаардан
Эр бэртэрэ лэкэттэлэр
Эргиччи тэнийбиттэр.
Хара Бытык сайылыктаах,
Дириҥ Үрүйэ аартыктаах,
Бөтүкэт сирэ кыстыктаах
Удьуор Харалы аймахтар
Уутуйан олорбуттар.
Аҥаардара – бухатыырдар,
Атыттара – бэйэм саҕалар.
Алтан сэргэни анньыбыттар,
Алаһа дьиэни туттубуттар.
Бастыҥнара олоҥхоһуттар,
Тойуксуттар, хаартыһыттар.
Атыттара балыксыттар,
Байанайдаах булчуттар.
Оҕолоро төрүүр киэһэтигэр
Оһох уота үөрэрэ.
Абаҕалара Хара Киһи
Олоҥхолоон кулуһутара…
Анаан түбэспит айыыһыт
Аал уоту аһатара.
– Одун хаантан оҥоһуулаах,
Дьылҕа хаантан ыйаахтаах
Айааччы Айыы таҥараттан
Уол оҕо кэл-лээ! – алҕыыллара.
Ол оҕо инники дьылҕатын
Таҥхаһыт итинник таҥхалыыра.
Онтон ылата кини аатын
Кистии-саба ахталлара…
Убайдара сэрии силлиэтигэр
Хомуурга барбыттара.
Охсуһуу инники кирбиитигэр
Ытык иэстэрин толорбуттара.
Өстөөх арҕаҕар сэттэ ини-бии
Хорсуннук охтубуттара.
Ахсыстара илиҥҥи кирбии
Уотуттан эргиллибитэ.
Суохтар: Сэмэн, Харытыан, Дайыыл,
Икки Ыстапаан, Баһылай, Хабырыыс,
Кыралара Ньукулай, быйыл,
Батыспыта убайдарын.
Аҕыс ини-биилэри
Тойон арыылар суохтууллар.
Саас аайы лэкэттэлэри
Кэриэстээннэр мусталлар.
Эһэм алтан чаанньыга
Эһэм окко киирэригэр
Эбэтэр бултуу барарыгар
Куругар иилинэ сылдьыбыт
Кылдьыылаах алтан чаанньыга.
Хартаама отуутун аттыгар
Оллоонун уотун суоһугар
Омурҕан ахсын оргутан
Утаҕын тото ханнарбыт.
Аҕам барахсан, эһэм уола,
Миэхэ хаалларбыт кэриэһэ
Бараммат хайҕаллаах суола
Биһиэхэ үтүөлээх иэһэ.
Билигин кэлэн, аны бэйэм
Ыал кырдьаҕас эһэтэ буоллум.
Аҕам кэриэһин, эһэм чаанньыгын,
Сууйан-сотон, долбуурбар уурдум.
Хатыҥ үөһэ, чааҕы сыта
Алтан чаанньыктан дыргыйар.
Ааспыт үйэлэр быстыбат чэйдэрэ
Амтана кытары оргуйар.
Мин сэрии күн төрөөбүтүм
Саныахха быраман да сыллар
Силлиэрэн, ытыллан аастылар.
Огдообо, тулаайах диэн тыллар
Баастара чэрдийэн остулар.
Кыайыы күн төрөөбүт оҕолор
Сэттэ уон сааспытын туоллубут.
Сэриини билбэтэх дьоллоохтор
Эһэлэр, эбэлэр буоллубут.
Өстөөхтөр даҕаны өлбүттэр,
Буускалар тиҥийэн ыппаттар.
Кэллэ дуо, ол кэми умнарбыт,
Бэл, тимир дьэбиҥҥэ кыайтарбыт.
Арай мин сэрии күн төрөөммүн,
Буолан дуу, барытын өйдүүбүн.
Ветеран дьоннору көрсөммүн
Кыайыыны, сэриини түһүүбүн.
Ол сэрии буойунун кытары
Охсуһуу үөһүгэр сылдьабын.
Былааҕын күөрэччи тутаммын
Өрөгөй салгынын тыынабын.
Охтубут саллааты быыһаары,
Өлөр да, тиллэр да курдукпун.
Киниэхэ көмөҕө тиийээри,
Бүгүн да тиэтэйэр буолбуппун.
Уот сэрии тэргэнэ ытыалыыр
Дуораана ырааттар ыраатар.
Арай мин тиэргэммэр чугаһыыр,
Сүрэҕим күннэтэ сэрэтэр.
Бу мин дойдум – Булгунньахтаах
Айыы