Андрей Яковлев

Баай барыылаах Байанайдан


Скачать книгу

Булка сыһыаннаах быһаарыылаах өйдөбүллэр

      Биһиги, булчуттар, ураты дьоммут. Улахан бултан эргиллэн киирдэхпитинэ, халба кус курдук «суохтан» атыны билбэппит. Оттон дьиэ таһыгар бултаннахпытына, оннооҕор өлөрбүт биир чыркыйбытын хонук аайы ахсаанын элбэтэн, өҥнүүн-түүлүүн уларытан, хааска тиийэ үлүннэрэн кэпсиир ураты дьоҕурдаахпыт. Хор, дьэ, итинник дьоммут биһиги – булчуттар.

      Булт да араастааҕын курдук, булчуттар байанайдаах уонна байанайа суох, сүрэхтээх уонна сүрэҕэ суох диэн арахсаллар. Ханнык баҕарар кыра да, улахан да бултуйуу уһун күннээх, сыралаах, дьаныардаах үлэ кэнниттэн биһирэмҥэ тиксэр. Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕас бэлэҕэр тиксэн бултуйаҥҥын, булка көрсүбүт ыарахаттаргын, эрэйгин-муҥҥун барытын умнан, ыаммыт үүт үрүт сыатын халбыйан ылар курдук, өйүҥ-санааҥ бултаабыт булкуттан үчүгэй эрэ өттүн илдьэ хаалаҕын. Ол иһин бултуйбут эрэ өттүгүн өрүү тумус туттан ыаһах оҥостоҕун. Оттон булка көрсүбүт ыарахаттаргын хаппахчыҥ түгэҕэр үтэйэ кистиигин.

      Мин булка саҥа уһуйулла сылдьар эдэр дьоҥҥо сүбэ курдук, бу эйгэҕэ сыһыаннаах өйдөбүллэри, бултааһын ураты көрүҥнэрин, албастарын, эҥин-эгэлгэ тэрээһиннэр тустарынан кэпсииргэ холоннум.

      Бастатан туран, эдэр булчут, ханнык баҕарар булт дьаныардаах үлэнэн ситиһиллэрин кытаанахтык өйдөөн тураҥҥын, булт аартыгар1 турунуох тустааххын. Бултуохтаах сиргэр киирэр холлороон, ыллык, суол саҕаланар төрдүгэр ас кээһэн эбэтэр сиэл баайан, барыахтаах сиргэр бэлиэ хаалларар эбээһинэстээххин. Бу сириҥ – бултуур аартыгыҥ буолар.

      Мин маннык сиргэ үксүгэр сүүмэх сиэли мас лабаатыгар баайабын. Бу үгэһи куһаҕан тыыннар батыспатыннар, бултуур турукпун ыспатыннар, сырыыбар мэһэйдэспэтиннэр диэн өйдөбүлтэн толоробун.

      Бултуур Эбэбэр2 кэллэрбин эрэ Эбэм таһаатын көрө охсоору тиэтэйэбин, кэрии саҕатыгар алаадьы, сиэл кээһэбин. Бу үгэһи тутуһуу, бастакынан, сиргэ-уокка кэлбит ахтылҕаҥҥын таһаарыы бэлиэтэ; иккиһинэн, Эбэ салгынынан сайа тыынаҥҥын, Эбэ Хотун айылгытынан биир турукка киирии; үсүһүнэн, Эбэҕэ кэлбиккин биллэрии; төрдүһүнэн, ахтан-санаан кэлбиккин биллэрэн, Эбэ Хотуҥҥа дьиэттэн илдьэ кэлбит кэһиигинэн айах тутан күндүлээһин.

      Курдары тартаран кэлбит Эбэҕин көрөн-истэн бараҥҥын, чэйдэнэр уугун баһаҥҥын, үүтээҥҥэр тахсаҥҥын кулуһуҥҥар3 уонна үүтээниҥ оһоҕор буруо таһааран, уот оттон ас кээһэҕин. Ол кэннэ оллооҥҥор4 күөскүн ууран уоккун үөттүрэҕинэн5 булкуйан кутааҕын күөдьүтэ сааһылыыгын.

      Мин санаабар, булчуттар үрдүк айыылары, тулалыыр иччилэри кытта айах атан кэпсэтэллэригэр уот оттоннор толорор үгэстэрэ былыргы сахтан утумнаан кэлбит сиэр-туом күн бүгүнүгэр диэри тутуһуллар диэн өйдөбүллээхпин. Бастатан туран, булчуттар Үрүҥ Аар Тойонтон үҥэн-сүктэн, ааттаһан, кини көҥүлүнэн тулалыыр иччилэриттэн, чуолаан, Барыылаах Баай Байанай кырдьаҕастан, күлэн-үөрэн чаачыгырыыр Хатан Тэмиэрийэттэн, кус, балык баайдардаах Күөх Боллох оҕонньортон, этэҥҥэ сылдьарга, өлгөмнүк бултуйарга көрдөһөллөр, уокка ас кээһэллэр. Ас кээһии тылынан домноох буоллаҕына табыллар. Ол дому судургутук бу курдук этиэххэ сөп:

      Алтан сарын,

      Бырдьа бытык,

      Хаалык төбө

      Хатан Тэмиэрийэ кырдьаҕас,

      Сир гына

      Сирилэччи умай,

      Күлүм гына

      Күүгүнэччи күлүмүрдээ.

      Аал уотум барахсан,

      Үөр-көт, күлүм гын.

      Хара тыам баайын

      Ханыылаан сылдьааччы,

      Үрүҥ-хара түүлээҕи

      Үөрдээн үксэтээччи,

      Чооҥкулаах сотолооҕу

      Хомуйан холбооччу,

      Көтөр бииһин

      Кынат оҥостооччу,

      Баай Барыылаах

      Баай Байанай

      Тойон эһэм,

      Баһаам баайгыттан

      Өлүүлээн-чаастаан,

      Куду анньан кулу!

      Күлүм гын!

      Мичик гын!

      Дом! Дом! Дом!

      Бултуйарыҥ сиргин-уоккун хайдах аһаппыккыттан уонна үҥэр-сүктэр иччилэргиттэн төһө ылыннарыылаахтык өс амалыйан көрдөспүккүттэн, алгыстыыр кэмҥэр сыыһа-халты тылласпатаххыттан улахан тутулуктаах.

      Өскөтүн алгыстыыр кэмҥэр киһини кэтэҕинэн киирэр гына тылластаххына эбэтэр күлэ-күлэ суолтатыгар эрэ оонньуу-күлүү курдук алгыстаатаххына, бултааһын кэмигэр ол-бу барыта, оннооҕор, бэл, дэҥ-оһол кытта тахсыан эмиэ сөп. Ол иһин булчуттар үксүгэр бэйэлэрин ортолоруттан, бас-көс эбэтэр иичээнниҥи дьарыктаах, сыһыаннаах киһиттэн уоту аһатарыгар көрдөһөллөр. Алгыска «сыыһа-халты тыллаһыам» диир дьон саҥа таһаарбаккалар алгыстыыллара сиэр иһинэн. Ардыгар оттуллубут уокка хас да киһи хос-хос аһатар түгэнэ баар буолааччы. Маны сыыһа дии саныыбын.

      Биирдэ алгыстыыр кэммэр сыыһа быһыыланан турардаахпын. Ону хатылаабатыннар диэн эһиэхэ, эдэр булчуттарга, кэпсиибин. Болҕойон аах.

      Устудьуоннуу