чугаһаабыт, харааччы бутуллан хаалбыт эдэрчи дьахтар иэмин-дьаамын биэрбэт.
Кини туохтан эрэ, бэйэтин туһугар олус улахан суолталаахтан, саарыыра таһыттан көстөр. Арыый атын түгэн сатыылаабыта эбитэ буоллар, экчи «ээх» диир кэриҥнээх. Ол эрээри туох баар баҕатын, ыраҕа дьулуһуутун, туохтан эрэ сылтаан, санаатын күүрүүтүнэн, собус-соруйан, өйүнэн иилии кууһан, тас дьоҥҥо иһитиннэрбэттии кыһанан, хара күүһүнэн хаайбыта эмиэ сэрэйиллэр. Онон, субу маннык туруктаах олорон, өскүөрүтүн, «эй» дииригэр ордук судургу быһыылаах… Итинтиҥ эмиэ, дьиҥ иһигэр, букатын баҕарбат быһыылаах. Ол иһин үчүгэйкээн сэбэрэтигэр кыра оҕолуу муммут, эдэр кыыстыы бутуллубут, саастаах дьахтардыы саараабыт быһыыта субу көстөр…
Улуу Москуба барахсан кэнники сылларга тупсубут, баараҕадыйбыт даҕаны. Эчи, килэйэн-халайан киһи сүрүн баттыах айылаах. Хата, хардыы ахсын киһини аралдьытар астаах-үөллээх, туустаах-тумалаах, итии киллэрэ таарыйа, олорон уоскуйа түһэр сири бэркэ да толкуйдаабыттар. Оннооҕор маҕаһыыҥҥа, пуорка эргиччи эрэстэрээн диэтэҕиҥ.
Кэнники сылларга аан дойдуну аймаабыт, оҕо аймаҕы угуйбут аҕай «Макдональдстан» хаалсыан баҕарбатах аны «Му-Му»-лар, «Крошка-картошка»-лар, «Ели-пили»-ни кытта оннооҕор «Елки-палки» диэннэр эмиэ дэлэйбиттэр. Дьэ, чахчы да суһаллык аһата охсор соруктаах «комбинат быстрого приготовления» диэх курдук. Киһи да күлүөх, Татыйык Титовна оҕо эрдэҕинэ «соҕуруу ханна эрэ «Фанта» диэн дьикти утах баар үһү, лимонад буолбатах, сап-саһархай апельсинтан ыгыллыбыт сүмэһин уонна быыгынас күүгэннээх, онтуҥ киһи тылын аһытыар диэри көөнньүбүт буолар» диэн, киин сиргэ сылдьыбыт, биирдэ эмэ соһуйа амсайбыт оҕолор омуннаах кэпсээннэрин остуоруйа курдук истээччилэрэ.
Сайдыыбыт диибит да… дьиҥэр итиниэхэ туох ураты толкуйа баар үһүө, аныгы олох ирдэбилэ, кими эрэ үтүктүү, харчыны хамнатар албас биир көрүҥэ, бэтэрэнэн иэҕэтэн эттэххэ, били «Фанта»-лыы, күүгэн курдук үллүбүт кэмэ ини. Сынньатар аатыран солкуобайгын суйдаан ылыы диэн бу ээ. Мантыҥ билигин биир тылынан аныгылыы сиэр диэн быһаарыллар. Ким да онтон соһуйбат, мээнэ сөхпөт, буолуохтаах буолбутун курдук.
Онон оннук сиэрдээх сиргэ, «Шоколадница» кафеҕа, Татыйык Титовна, аргыһын ыраах айаҥҥа Америкаҕа атаараары, сөмөлүөтү күүтэ таарыйа, хойуу үүттээх чэйи сыыйбыта син балачча буолла. Кини «аргыһым» диэн арааран, соруйан ааттыыр. Тоҕото эбитэ буолла, дьиҥ искэ киирдэххэ, «аргыһа» олус да… санаа хоту, киһи эрэ иэйиэх, эрэниэх, сүрэҕинэн-быарынан ылларыах-бигэниэх киһитэ эбээт… Оттон Татыйык Титовна ол туһунан саныырыттан тоҕо эрэ куруук туттунар, хайдах эрэ бэйэтиттэн бэйэтэ көҥүүргэ дылы.
Кинилэр икки хонуктааҕыта Дьокуускайтан көтөн кэлбиттэрэ. Тиэтэл үлүгэринэн тиһэх докумуоннарын ситиһэн, итэҕэс-быһаҕас кэһиини, кыра үлэҕи-сакааһы ситэринэн баран, киһи оҕолоругар Америкалаан эрэр. Оттон Татыйык икки күнү быһа суруйбут суругун дьэ бүтэрдэ быһыылаах, маҥан кэмбиэргэ халыҥ соҕус айымньытын бүк тутан уган, ыга силимнээн кэбистэ.
– Чэ, оҕом оттон… өйдүүр ини дуу. Бэйэҥ да сыта-тура кэпсиэҥ, наллаан быһаарыаҥ буоллаҕа дии. Күтүөт хайдаҕын эн сыанаҕыттан эрэ истэргэ тиийэбин, онон, кытаат, алтыс, билсис. Оҕобун… атаҕастаабатар эрэ. Сиэн уолу көрбүт киһи-и, – диэн кини кыра киһини санаан ылан манньыйан, сып-сырдыктык мичээрдээн ылла, мэктиэтигэр уйадыйа сыста.
– Татыйык… билэн-билэн, барытын эн эппитиҥ курдук гыныам. Оттон уонна сибээс диэн баар дии, киэһэ-сарсыарда кэпсэтэ туруохпут. Биир көрдөһүүлээхпин… мин эйиэхэ этэрим биир: кэллим да холбоһобут. Утарыма, бу сырыыга баҕас, бука баһаалыста, аккаастаама… – эр киһи, бэйэтин сааһыгар дьүөрэтэ суох сымса туттуулааҕа көстөр, түргэн баҕайытык дьахтары илиититтэн ылан, ытыһын көхсүн хатыылаах сылаас иэдэһигэр даҕайда.
Хайдах-хайдаҕый, эмиэ да биир уопсай оҕолооххо дылылар эрээри, эмиэ да ыалга маарыннаабат дьикти сыһыаннаах дьахтардаах эр киһи итинник син балачча олорбуттара. Ол тухары туох эрэ олус дуоспуруннааҕы быһаарсаллара туораттан харахха быраҕыллара. Чэпчэки күлүү-салыы, ыла-биэрэ эйэргэһии, хараҕынан оонньоһон, тырымнаһан ылыы диэн суоҕа. Татыйык Титовна мунчаарбыт харахтарыгар «аргыһа» тугу эрэ маарыҥҥыттан туруорсар быһаарыныылаах тылын тамаҕын эбии холбоотоххо, сахалыы билбэт да киһи сэрэйиэх курдуга: бу дьон ыпсыах баҕайы сыһыаннарын туох эрэ саарбахтааһын күлүгэ буолбакка, сэрэнэр дуу, тардынар дуу быа, субу быстан хаалыах көстүбэт чараас утаҕа, ситии хатыллыбыт үрүҥ-хара кылыныы ситимнииргэ дылыта…
Саас саамай үгэнэ. Чаҕылыйан күн да күн. Ып-ыраас сыа хаар бөдөҥ баҕайы кыырпахтара киһи хараҕын саатырдыах айылаах чаҕылыһаллар. Итинтэн-мантан кылапачыһан субу тэлиллибит хайыһар суолун устун кыһалҕата суох дайа сыыйылыннарыаҕы мэһэйдиир курдуктар. Хаарыаны, Натааһа курдук хара ачыкылаах киһи, бука, бу аайы кыһаллыа суоҕа буолуо да. Ону баара, ыал соҕотох кыыһыгар баҕарбыта барыта баар, Натааһаҕа куоракка үөрэнэр убайа өссө кыһын салгын ачыкыта диэн, балта былырыын хайыһардаан аатырбытын билэр буолан, кэһиитин ыыппыт. Бэҕэһээ оскуолаҕа аҕалбытын бары уларса сылдьан кэтэн көрбүттэрэ наһаа да астыга. Таһырдьа тахсаат, симириктии оонньуоҥ баара, хайдах көрбүккүнэн, чарапчылана оонньообокко, оннооҕор ити сып-сытыытык тэһэ тыгар күнү кытта, холкутук утары көрүөххэ сөбө. Ымсыыран да диэн. Онон,