чыгырайан иҥиир-ситии буола эриллэ хаппыт мин аҕабар ити этиллибит «аҕаа» эрэ диэн тыл сөп түбэһэр. Кини олорон кэлбит олоҕор, дьүһүнүгэр-бодотугар, бэл, тутта-хапта сылдьарыгар кытта. Аныгы дьону, оҕолору үтүктэн «папа» диэхпин тылым тахсыбат, итинник тыллаһар мэктиэтигэр күлүү гыммыкка, аһара баран үөхпүккэ дылы курдук. Чахчыта да оннук. Нуучча омугун дьиэ кэргэнигэр сиппит-хоппут, оттомноох оҕолор төрөппүттэрин мэлдьи: «Мать, отец…» – диэн ыҥыраллар, ити хайдах эрэ «ийээ, аҕаа…» диэбит кэриэтэ ээ. Элбэхтэн аҕыйах холобур: нуучча улуу суруйааччылара Михаил Шолохов, Виктор Астафьев, Валентин Распутин, Анатолий Иванов айымньыларыгар ити кэрэ тыллар суолталара бары өҥнөрүн-дьүһүннэрин толору биэрэн олус да дьэҥкэтик арыллаллар. Мин санаабар, саха оҕото дьонун «ийээ, аҕаа» диэн ааттаан ыҥырара бу төрөппүттэри ытыктааһын муҥутуур үрдүк чыпчаала дии саныыбын. «Ийээ, аҕаа» диэн ыҥырыллар дьолго тиксии билиҥҥи кэмҥэ сэдэх көстүү буолла диэтэххэ, туох да омуна суоҕа буолуо. Ити сайдыы туоһута буолбатах, төттөрүтүн таҥнары түһүү, төрүт айылгыттан тэйии туоһута. Эридьиэстик эргитэ санаан көрдөххө, хайа эрэ өттүнэн эмиэ да сөп ээ. Судургутук холобурдаатахха, артыыска эрэ барытыгар «норуодунай» диэн үрдүк ааты-суолу иҥэрбэттэр, син ол кэриэтэ «аҕаа, ийээ» диэн ыҥырыллар туһуттан төрөппүт ити истиҥтэн-истиҥ, кэрэттэн-кэрэ тылларга сөп түбэһэр таһымнаах буолуохтаах.
Ити икки тылтан «ийээ» диэн тыл, туох да диэбит иһин, ордук үгүстүк ахтыллар. Тоҕус ыйы быһа иһигэр иитийэхтээн, бүөбэйдээн, иэйэн-куойан күн сирин этэҥҥэ көрдөрбүт ийэ барахсан эһэнньэх оҕотун илиититтэн араарбакка түһэҕэр көтөҕөн, сылаас илгэ тыынынан харыстаан, мэлдьи бэйэтиттэн араарбатыттан буоллаҕа. Дэлэҕэ да, бэл, сиппит-хоппут эр дьон, туох эмэ иэдээҥҥэ, тыын былдьаһыгар: «Ийээ!!!» – диэн, киһи сонньуйуох, өрүһүлтэ көрдөөн саҥа таһаарыахтара дуо.
Мин аҕам ардыгар күлүү-оонньуу кэриэтэ: «Оо, бу биһиги, аҕалар, аҕыйахтык да ахтыллар дьон буоллахпыт, арай наар ийээ да ийээ…» – диэн күнүүлүүрүн биллэрэрэ. Кырдьык да оннук, аҕалар барахсаттар аҕыйахтык ахтыллаллар. Кинилэр үксүгэр балаҕан эйгэтин тас өттүгэр сылдьар, бүгүрүтүк түбүгүрэр сэмэй дьон.
Киһи барыта хайаан да аҕалаах. Сорох аҕа тапталыгар тиксэр дьоллонор, сорох суох. Аҕалар араас буолаллар. Күҥҥэ төһөтө эрэ: «Аҕаа!.. Аҕа-аа… Аҕаа!!!» – диэн ыҥырарбытын айбыт таҥара эрэ билэн эрдэҕэ. Бэйэбит да билбэппитинэн ити араҥаччы тыла ээ. Омос иһиттэххэ аҕыйах дорҕоонтон тахсар бэрт судургу тыллар курдук эрээрилэр, төһө элбэхтик ити ап тыл кэриэтэ «ийээ, аҕаа» диэн тыллары туттабыт, саҥарабыт да, тус олохпут эйгэтэ эбии сырдыырын, тупсарын силигин ситэри сыныйан сэрэйэр ахсааннаах буолуо.
Биһиги нэһилиэккэ Босхоҥ Киргиэлэй диэн, итэҕэс айыллан төрөөбүт, аах-маах өйдөөх киһи муҥнаах баара. Биэһин ааспыт оҕо, ийэтэ өлөн, аҕатын эрэ кытары хаалбыта. Киргиэлэй барахсан ол онтон ылата аҕатын: «Ийээ…» – диэн ыҥырар буолбута. Дьон: «Бу хайдах буолбут оҕонуй доҕор, эр киһини «ийээ» диэн ыҥырар киһи баар үһү дуо, кэбис, итинник тыллаһыма», – диэтэхтэринэ, Киргиэлэй эрэйдээх салҕа буолбут бэйэтэ уҥуох сула санна эбии титирэстии-титирэстии, мөккүстэҕим буолан, ытаары мунна сурдурҕаан барара: «Һуох!.. Һуох!.. Ийэм ээ… Ийэм дии… Эн ку-һа-ан киһигин!» – диэхтиирэ. Ол курдук Киргиэлэй муҥнаах итэҕэс-быһаҕас айыллан күн сирин көрбүт өйүгэр-санаатыгар, кинини, «куһаҕан» оҕотун, хараҕын харатын курдук харыстаан бүөбэйдиир, иитэр-аһатар, араҥаччылыыр киһитэ наар «ийээ» эрэ диэн тылга дьүөрэлэһэн этиллиэхтээҕэ.
Номоххо кэпсэнэринэн, былыыр-былыр киһи диэн харамай, эр киһи уонна дьахтар диэҥҥэ арахсыбата үһү. Онтон кэлин биирдэ эрэ кэрэ аҥаардарга уонна күүстээх аҥаардарга хайдыспыт. Эр киһи урут хаһан эрэ дьахтары кытары биир эттээҕин-сииннээҕин туоһута – тумуктаах эмиийин кэрэтэ хаалбыт. Итинтэн сиэттэрэн мин биир дьикти түбэлтэни кэпсиим. Сэрии саҕана, аас-туор сыллар сири-дойдуну бүтүннүүтүн саба бүрүүкээбит кэмнэригэр, Крупская аатынан холкуос чилиэнэ Сөдүөтэп Ньукулай (Чөҥөркө) диэн киһи кэргэнэ оҕолоноору өлбүт. Ньукулай саҥа төрөөбүт уу кыһыл оҕотун көтөхпүтүнэн хаалбыт. Онуоха Чөҥөркө олус иэйбитигэр-туойбутугар, эмиийэ хас да хонукка тэһэ кэйэн дьаралыйбытын кэннэ, илэ-чахчы үүт киирбитэ үһү. Сотору ол оҕону Ньукулай аймаҕа дьахтар кэлэн илдьэ баран ииттэн киһи гыммыт…
Аҕам барахсан миэхэ эҥин-эгэлгэ үтүө түгэннэри хаалларбыта үгүс. Ардыгар олус судургу да курдук түбэлтэлэр эрээри, оҕо киһи өйүгэр-санаатыгар сүппэттии иҥэр наһаа да истиҥ, иһирэх иэйиилэр сөҥөн хаалбыттар. Олору мин мэлдьи өйдүүбүн, олус күндүтүк ахта саныыбын.
Мин 1973 сыллаахха Үһүс Күүлэт диэн кыракый учаастакка төрөөбүтүм. Биэс саастаахпар «бөдөҥсүтүү» диэн ааттаан дэриэбинэбитин бүүс-бүтүннүү Үгүлээккэ көһөрбүттэрэ. Биһиги сүөһүбүтүн-аспытын үүрэн, саҥа сиргэ кэлэн, Аҥалыҥда диэн тус-туһугар аата ааттаммат дьоһуннаах эбэ үрдүк кырдалыгар, сэппэрээк (сугун абаҕата) сири ыраастаан, тыатын солоон, Үһүс Күүлэттэн дьиэбитин көһөрөн аҕалан туттубуппут. Туспа сиргэ олохтоохтук олохсуйарга оҥостон тэринии оҕо киһиэхэ миэхэ барыта олус сонун этэ…
Ол күһүн, сууйбут курдук биир ып-ыраас чэмэлкэй күн, аҕам миигин батыһыннаран чугас тыаҕа сүгэ уга хатыҥ быста тахсыбыта. Мин дьиэбит таһынан былыргы айа суола ааһарын билбэтим. Көймөстүбүккэ дылы дыргыл сыттаах сиһик талахтардаах, дьулугурас хатыҥ чараҥнаах, харыйа