Семен Маисов

Аҕа


Скачать книгу

кэбиһиллибит сөлөгөйдөөх от ойоҕоһугар, болокууса олоппоһугар туран иһэн, харахпытын симэ-симэ, сүрэҕи-быары эймэнитэр сөп-сөрүүн сир сытын ылан, бары биир кэм ыртаччы мичээрдээбит буоларбыт…

      Эбэм Маарпа уолун тыраахтарын тыаһын эндэппэккэ билэрэ. Үлэҕэ-хамнаска тардыллан хойутаатаҕына, киэһэрдэҕинэ, таска тахсан тыраахтар тыаһын иһиллиирэ. Дьиэ иһигэр түбүгүрэ сырыттаҕына, ким эмит тастан киирэн: «Ыраах тыраахтар тыаһыыр», – диэн биллэрэрэ. Эмээхсин сонно тахсан иһиллээн баран төттөрү киирэрэ: «Атын киһи, Сэмэн тыраахтарын тыаһа буолбатах», – диирэ уонна хайа тырахтарыыс (тыраахтар) иһэрин чопчу этэн биэрэрэ. Эбэтэр: «Били киһи иһэр», – диэн аһын-үөлүн сылыппытынан, тарпытынан барара.

      Улахан убайым Махаар кыра сылдьан, ким да тыраахтарын тыаһа буоллун: «Аах туллаахыта тааһыыр!» – диэн сонуннаах буолара эбитэ үһү.

      Аҕабыт барахсан истиҥ-иһирэх сыһыаныттан үгүс да үтүөкэн өйдөбүллэр хаалбыттар. Үлэттэн быыс-арыт буллар эрэ биһигини бүөбэйдэһэн тахсара: оонньуур оҥорон, араастаан сааратан, көрөн-истэн. Оҕо-оҕо курдук, ардыгар, тотоммут ирээттэммит өлүү аспытын ситэри сиэбэккэ чымаадыстыырбыт да ханна барыай. Холобура, хааһыны эҥин. Ити түбэлтэҕэ аҕам бу курдук диирэ: «Чэ эрэ, ким хааһытын түргэнник сиир, бүтэрэр эбит…» Тимир миискэбит түгэҕэ хайаан да туох эмит ойуулаах буолара: ыт, кус, куобах, эһэччээн эҥин… «Ким куобаҕа маҥнай көстөр эбит», – албаһырара аҕам. Биһиги ойууну көрө охсоору хааһыбытын хабыалаан барарбыт. Хаһан баҕарар, кыра оҕо өс хоту, үтүктээйи, дэрдэм буолар баҕайыта. Куобахпыт маҥнай кулгаахтаах төбөтө көстөрө, онтон иһэ, салгыы муҥур кутуруга. Иһиттээх хааһыбыт бүттэҕэ ол. Өскөтүн түгэҕэ ойуута суох иһит буоллаҕына, аҕабыт этэрэ: «Чэ эрэ, ким тиэргэнин барытын ып-ыраас гына күрдьэр эбит». Биһиги луоскубутун «күрдьэх» оҥостон «тиэргэммитин» сып-сап «күрдьүбүтүнэн» барарбыт… Билигин тиэргэн кыраһалыыр, күрдьэр кэммэр наар аҕам барахсан эппитин саныыбын: көп хаары баһа-баһа күрдьүккэ эһэр түгэммэр, мэктиэтигэр, айахпар арыылаах, саахардаах мип-минньигэс хааһы амтана бу биллэргэ дылы…

      Кыра сырыттахпытына, аҕабыт остуоруйалыыра. Оскуолаҕа алын кылааска үөрэнэр эрдэхпитинэ, тыал-куус эҥин буоллаҕына, сотору-сотору уот баран хаалааччы. Хастыы да хонукка. Дьэ ол оннук кыһыҥҥы киэһэлэргэ кыраһыын лаампатын сырдыгар, эбэтэр чүмэчи симик уотугар, тачыгыраччы умайар оһохпут (тоҕо эрэ итинник өйдөбүл ордук баһыйар) таһыгар мустан олордохпутуна, эбэтэр ороҥҥо кэккэлэһэн, хоонньоһон сыттахпытына, аҕабыт остуоруйалыыра, сээкэйи бары кэпсиирэ.

      Ким айбыт остуоруйата эбитэ буолла, норуот киэнэ эбитэ дуу? Аҕам Кээтэккээн диэн киһи туһунан остуоруйалааҕа. Ол маннык. Арай биирдэ Кээтэккээн диэн дьэллик киһи сатыы айаннаан испит. Кыһын эбит. Баран испит, баран испит. Арай туран ол баран иһэн суолтан сүөһү сототун уҥуоҕун булан ылбыт. Сулугур кур уҥуох эбит. Айанньыт эргитэн-урбатан көрбүт. Толкуйдаан тура түспүт уонна кур уҥуоҕу сүгэһэригэр уктан сүгэн кэбиспит. Салгыы баран испит,