дано в интеллектуальной издательской системе Ridero
Таптаһар сүрэхтэр
Ыйдаҥа киэһэҕэ халлааҥҥа,
Сулустар мичиҥнии оонньуллар,
Таптаһар сүрэхтэр көрсүһэн,
Уостубат кутааҕа умсаллар.
Үҥкүүгэ киирэннэр эргийэн,
Тапталга куустаран тэлээрэн,
Иэйиигэ бүтуннүү бэринэн,
Эргийэн, тэлээрэн, үҥкүлээн.
Долгуйан туймааран ылаллар,
Даҕайсан ыксары сысталлар,
Харахтар уоттара сырдааннар,
Туланы киэргэтэр курдуктар.
Уол оҕо кулгааҕар сипсийэр,
Кыыс оҕо күлүүтэ иһиллэр,
Тапталга билинэр тыллара,
Дьолунан куттарын толорор.
СЧАСТЬЯ, НАДЕЖДЫ И ВЕРЫ РЕАЛЬНОЙ
Вечер весенний в сиянии лунном,
Небо в мерцании звёздочек ярких,
Любящих нежно в порыве сердечном,
Встреча двоих в отношениях близких.
Танцем закружатся, в вальсе прекрасном,
Тактом любовным в объятьях вселенских,
Чувства раскроются в свете чудесном,
Будет весь мир на ладошках горячих.
Мигом волнующим, в трепете звонком,
Силой влеченья желанья обоих,
Очи влюблённых сияющим взглядом,
Свет излучают, в галактиках дальних.
Шёпот любви, вновь, застенчивым вздохом,
Смех здесь девичий, всем звоном хрустальней,
Слов всех ответ волшебства фейерверком,
Счастья, надежды и веры реальной.
Ыанар хатыҥнаах ыам ыйа
Ыас хара былыттар,
Ыадаһан тахсаннар,
Ыанньыйбыт илгэнэн,
Ыарҕаҕа куттулар.
Үөрүүбүн уксэтэн,
Үөт талах үрдүнэн,
Үөһэттэн таммалыыр,
Үөрүү, дьол кыырпаҕа.
Иэнэ да биллибэт,
Иэҕэспит былыттар,
Иэйэр кут тойугун,
Иэйэннэр ыллыыллар.
Уоттаах ый сырдыга,
Уостубут тапталы,
Уоскутан эрэрдии,
Уот кыымын ыспахтыыр.
Ыам ыйа барахсан,
Үөр былыты аҕалан,
Иэҕиллэр талаҕы,
Уоҕурдан аастаҕа.
Движение сока
у деревьев весной,
известно под названием
«весеннего плача деревьев».
ПЛАЧУТ В МАЕ БЕРЁЗЫ
Набежали туманами плотные тучи,
Заклубились над вешней парящей землёй,
Серебристые струны дождинок созвучий,
Окропили поля благодатной слезой.
Восхищаешься образом ивы плакучей,
Откровенностью радости грёз высотой,
Благозвучием песни, полётом, певучей,
Переливами счастья, капЕль, красотой.
Бесконечностью космоса, вечно живущей,
Затаённостью чувств безмятежной мечтой,
Музыкальностью душ, все стремленья чудесней,
Озаряют навечно своей чистотой.
Отражением лунным, любовною песней,
Утешает весна переменой простой,
Вновь симфонией солнечной, нотой весенней,
Расплескалась мелодия первой грозой.
Расшумелись под ветром берёзы, смятенно
И, расплакались майской счастливой слезой,
Оглянитесь, как время порою бесценно,
Призадумайтесь верной, надеждой святой.
Үчугэйиэн дьарбайыаҕы
Мутукча сытынан дыргыйан,
Сылаас тыынынан илгийэн,
Халаан уутунан халыйан,
Саас кэллэ, оргууй киэргэйэн.
Сардаҥанан күлүмүрдээн,
Харалдьыкка күн күүлэйдээн,
Тоҥуй сүрэҕи ириэрэн,
Үүннэ ньургуһун чэлгийэн.
Тула барыта киэркэйдэ,
Кустук өҥүнэн ооньоото,
Сир сириэдийэ көҕөрдө,
Күөрэгэй үөһээ көччүйдэ.
Чараҥҥа хатыҥ суугунуур,
Уолчаан кыыһы кистээн