көрбүппүт мин кыҥаабыт сирбэр түспүт.
– Сүрэҕин үөһэ өттүнэн түспүт курдук көрөбүн, эн санааҕар? – диэн ыйытта лейтенант.
– Табаарыс лейтенант, фашист сүрэҕэ бөрөҕө дылы, оннук аллараа түһэрэ буолуо дуо? Бөрө – биллэр дьыала, хоройон олордор эрэ сүрэҕэ хабаҕын түгэҕэр чугаһыыр, оттон немец…
Бөрө сүрэҕиттэн немец сүрэҕэ сылдьар сирэ атынын туһунан өссө элбэҕи этиэх киһи…
Лейтенанныын төттөрү кэлэн истибит.
Саҥарбат. Бэҕэһээ кыыһырбыта аныаха дылы ааспат баҕайыта дуу? Старшай сержант салалтатынан үөрэнэ турааччыларга чугаһаан иһэн лейтенант тохтоото.
– Снайпер буолуоххун баҕараҕын дуо?
– Баҕарабын, – диэн ботугураатым.
– Штабы кытта кэпсэтиэм. Билигин взводкар бар.
Иккитэ-үстэ атыллаан иһэн тохтоотум.
– Табаарыс лейтенант, мин бэҕэһээҥҥи нэрээппин толоро иликпин…
– Бэҕэһээҥҥи нэрээти көтүрэбин. Кэлэр кэмҥэ холобурга сылдьар саллаат буол, – диэтэ лейтенант уонна бара турда.
Ити күнтэн ыла снайпердар взводтарыгар кэллим.
Биэстэ эстэр бинтиэпкэни кытта «киһилии» кэпсэтэргэ, атас-доҕор буоларга үөрэнэбин.
Сэрии бара турар сириттэн биэс көстөөх сиргэ тохтоон сытабыт. Бирикээһи күүтэр үһүбүт.
Саллаат ханна да тохтоотун – уһуннук да, кылгастык да олохсуйар буоллун – хаххаланар сир, землянка хастар идэлээх. Биһиги төрдүө буолан биир киэҥ соҕус землянканы хастан, иһигэр от таһан сытабыт.
Биһиги иккиэ буолан куукунаҕа хортуоска ыраастаһа бардыбыт. Николаев Николай Николаевич («үс Николайынан» биһиги кинини ааттыырбыт) диэн радист – саха, Гурьянов диэн саҥардыы кэлбит снайпер нууччалыын землянкаҕа хаалбыттара. Киэһэ биһиги кэлбиппит – дьоммут соччо эйэтэ суох олороллор. Ол төрүөтэ маннык кэпсэтииттэн тахсыбыт.
– Сааһыҥ хаһый, доҕоор? – диэн Николаев ыйытта.
– Уон аҕыспар бардаҕым, – диэтэ Гурьянов.
– Даа, буоллаҕа… – Николаев итинтэн салгыы кэпсэтэри булбакка, сахалыы ыллыы сытта:
Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ ама ким
Күлбэккэ, үөрбэккэ туруоҕай,
Бу күҥҥэ, бу күҥҥэ ама ким
Ыллаабат, туойбат да буолуоҕай.
– Үчүгэйдик ыллыыр эбиккин, – диэтэ Гурьянов.
– Оҕус мииннэхпинэ өссө хайдах ыллыырбын истэриҥ эбитэ буоллар.
– Сахалыы ырыа диэн бэрт буолар эбит ээ, ол эрээри дьигиһитиитэ, тардыыта суох буолар эбит дии?
– Нэксиэлээх тэлиэгэҕэ олордохпуна, мин да дьигиһитэн ылааччыбын.
– Олус бэрт, өссө ыллаа.
Николаев ыллыырын ууратан баран тэһийбэтэхтии эргийэ-урбайа сытта.
– Саха сирэ, Саха сирэ… – дии-дии Гурьянов ботугураата. – Хотугу муустаах муора кытыытыгар дии? Онно баар дии, бадаҕа, тымныы киинэ?
– Тымныы киинэ биһиэхэ.
– Тымныыта сүрдээх буолуо. Хас кыраадыска тиийэрий?
– Тымныы баар, сайын итии да баар, – барыта баар. Кыһын тымныы сэттэ уон кыраадыска тиийэр.
– Ок-сиэ, онно хайдах тулуйаҕыт?
– Дьэ ол курдук тулуйабыт.
– Чэ,