барахсан. Дуоһунаһынан да киэптээн дьахтары сатаан бэйэтигэр сыһыарар. Бу сопхуос тэриллэн, кэнники «производствоҕа» диэн оскуоланы бүтэрбит оҕолор кэлэр буоланнар, бэркэ күннүү сылдьар. Оройуоҥҥа, куоракка эмиэ көссүүлэрдээх. Дьон айаҕын хайаан саба тутуоххунуй, барыта иһиллэ-биллэ турдаҕа. Онон төһө да сис ыал курдук туттан-хаптан олордоллор, дьиэ иһин өҥөйөн көрдөххө, үүт тураан олох суох.
Сэмэнэп бүгүн кэлбит оҕолортон биир кыыска бэйэтэ да билбэтинэн хараҕын хатыы оҕуста. Арылыччы көрөн үчүгэй да кыыс. Саамай туттар албаһынан чэпчэки үлэҕэ анаан, бэйэтигэр сыһыарарга сананна.
– Табаарыс биригэдьиир, – модороон баҕайы дьүһүннээх кыыс ыҥырбытыгар, Сэмэнэп санаатын ситимэ быстан хаалла. – Арай, биһиги икки оҕону хаалларан дьиэбитин хомуйтара турдахпытына?
– Бастатан туран, ааппын эппэккэ сылдьыбыт эбиппин дии, миигин Николай Петрович диэн ыҥырыаххыт. Иккиһинэн, мин эппитим хаһан да мүччүрүйбэт. Мин этиим баартыйа этиитэ буолар! Эһиги хомсомуолларгыт, оттон хомсомуол – баартыйа быстыбат ситимэ, – ыйыппыт кыыһы үөс курдугунан дьөлүтэ көрөн кэбистэ. Кыыс эрэйдээх кыбыстан муннун өрө сыҥта уонна:
– Мин өскүөрүтүн этэбин ээ, – диэтэ.
– Аны эһиги мин дьаһалбар киирэҕит. Онон туох бааргытын барытын мин быһаарабын.
– Аһыырбытын эмиэ дуо? – уһун уҥуохтаах хатыҥыр Алёша, сөпкө да ыйыттым диэбиттии, сатамньыта суох баҕайытык туттан, эппиэт эрэйэн турда.
– Эмиэ буолбакка. Эти-арыыны миигиттэн ылыаххыт буоллаҕа, хамнаскыт суотугар.
– Онтон туалекка сылдьарбытын эмиэ ыйытабыт дуо? – кэм да Вася үөннээҕиттэн түсүһэр.
– Чэ, мээнэ тылга тииһимэҥ, – уонна иһигэр «эрэйдээхтэр оҕус бурҕалдьытын кэттэххитинэ, сотору муоскут тостор ини» дии санаата.
Дьэ, итинник саҕаламмыта икки сыллаах производство үлэтэ. Барыларын үлэҕэ аттарбыттара.
Биригэдьиир Катяны тоҕо эрэ үүт тутааччынан анаабыта. Бастаан утаа ону ким да омнуолуу санаабатаҕа. Онтон үлэ-хамнас кыайтарбат буолан барбытыгар, кинини ордук санааччылар көстүбүттэрэ. Хотон ааныгар сааллан турар «Үлэ, чиэс, албан аат!» диэн лозунг оҕолор сүрэхтэрин өрүкүппэт буолбута.
Сарсыҥҥытыгар Бүөккэлээҕи баанньыкка сырытыннардылар, таҥастарын-саптарын эмтээтилэр уонна ыбылы паардаан кэбистилэр. Ырааһырдыы үлэтин кыайа туталлар эбит.
Онтон барыларыгар утуйар таҥас, курууска, тутааҕа суох ньуоска биэртэлээтилэр уонна түрмэҕэ таһаардылар. Дьэ доҕоор, «түрмэ» диэннэрэ олох атын дойду эбит. Сыта-сымара, тимир ааннар «лиһир-лаһыр» тыастара, сүүһүнэн киһи кэпсэтэр саҥата тигээйи уйатын тоҕо тарпыт курдук суугун-сааҕын, барыта хайдах эрэ киһи кутун-сүрүн баттыыр. Бастакы этээстэн саҕалаан биир-биир хаамыраларга угаттаатылар. Бүөккэ үһүс этээскэ аҕыс уон биирис хаамыраҕа түбэстэ. Хаамыраларыгар уон ахсыалар. Сахалар алтыалар, бары сууттаммыттар, күүһүрдүллүбүт режимнээхтэр.
Арай түөрт киһи бастакы холуонньаттан өрөспүүбүлүкэ