Тумарча

Биһиги Аан Дархаммыт


Скачать книгу

дьоно суох аҥаардас дьахтар, ыы-кырбас түөрт оҕотун кууспутунан, тымныы-хаҕыс дойдуга суос-соҕотоҕун эргичийэн хаалар. Үлэһит, онуоха эбии бултаан-алтаан эбинэр, иитэр-аһатар киһититтэн мэлийэн, аанньа эмэ-томо суох сиргэ сотору-сотору ыалдьар иринньэх кыра уолун тыыннаах хаалларар эрэмньититтэн тахсан эрэр ийэтэ эрэйдээх төһөлөөх эрэйи-кыһалҕаны көрсөн ол сутурҕаннаах амырыын кыһыны туораабытын сэрэйиэххэ эрэ сөп…

      «Ийэбит туох баар олоҕун бүтүннүүтүн биһиэхэ, оҕолоругар, анаабыта. Мин кинини кимнээҕэр да үрдүктүк тутабын. Кини миэхэ ытык киһим. Бэйэтин холобурунан ийэбит биһигини үлэҕэ үөрэппитэ, олох очурдарын сатаан туоруур тулуурдаах, дьону кытта тиһэх да куһуоккун үллэстэр иллээх-эйэлээх буоларга ииппитэ. Чиэһинэй, бэрээдэктээх, амарах буолуу – бу барыта ийэбит сабыдыала», – диэн Михаил Ефимович кэлин ахтан суруйбута.

      Ийэтин өттүнэн урут Столыпин саҕана Полтаваттан кэлбит төрүттээх эбиттэр. Ийэтэ Козловтар диэн аҕыс кыыстаах, соҕотох уол оҕолоох ыал орто кыыстара. Покровскайдыыр аартык төрдө Төхтүр сэлиэнньэтигэр сахалары кытта бииргэ дьиэ-уот, сүөһү-ас тутан олохсуйбут уу сахалыы тыллаах ыал долгун куудара суһуохтаах, дьылыгыр көнө уҥуохтаах кэрэ мөссүөннээх кыргыттара от мунньан, бурдук быһан, ынах ыан кэлэ-бара курбалдьыһалларын оччотооҕу эр бэртэрэ нохтолоох сүрэхтэрэ төһөлөөх долгуйа, кэрэхсии, сэргии көрөллөрө эбитэ буолуой? Улахан кыыстара Сэмэн Припузов диэн киһиэхэ кэргэн тахсан Өктөмҥө олохсуйбутугар Мария эдьиийигэр көмөлөһөн дьиэ, оҕо көрсөн кинилэргэ олоро сылдьыбыт. Онтон Покровскайга бырааһынан үлэлиир киһи дьиэ үлэһитигэр наадыйар сураҕын истэн, онно көһөн үлэҕэ киирэр. Ол кэмҥэ Покровскай земотделыгар үлэлии сылдьар үөрэхтээх киһи Ефим Федорович таба көрөн кэргэн ылбыт. Саҥа ыал утуу-субуу икки уол оҕолоноллор, онтон 1937 сыллаахха күһүөрү кыһын, эт-ас тоҥор буолуута, үһүс уоллара Миша төрөөбүт.

      Аҕаларын эмискэ сүтэриэхтэриттэн түөрт кыра оҕолоох аҥаардас дьахтар Эдьигээн курдук тыйыс айылҕалаах, олорорго ыарахан, кытаанах усулуобуйалаах дойдуга оҕолорун этэҥҥэ атахтарыгар туруорара саарбах суол этэ. Аҕалара өлөр охтуутун охто сытан ийэлэригэр: «Оҕолоргун харыстаа, дьон оҥортоо… Мантан бара сатаа. Бу тымныы, тыйыс дойдуга аймаҕа, көмө-сүбэ киһитэ суох быстарыаххыт. Дойдугар Өктөмҥө тиийэн аймахтаргытыгар сыстан олорооруҥ…» – диэн кэриэһин эппитэ үһү.

      Саас сир хараарыаҕыттан муус көтөҕүллэрин, маҥнайгы борохуот кэлэрин кэтэһии, чаҕыл күннээх, сылаас тыыннаах уруу-хаан, аймах-билэ дьонноох үөс сиргэ тиийэ охсон тыын-быар салҕаныах тиэтэллээх баҕа санаа барыларын үүйэ туппута. Кэмниэ-кэнэҕэс кэлиэхтээх кэмэ кэлэн, аалларын баһа хоҥнон, дорҕоонноох айаҥҥа турунар күннэрэ дьэ үүммүтэ. Маһынан оттуллар уот тыыннаах, салбах эрдиилээх нэс айаннаах оччотооҕу борохуот аһаҕас баарсатыгар ыйы-ыйдаан тыын ыгыллар, санаа тууйуллар урааннаах уһун айан саҕаламмыта. Абыраллаах ааллара итиннэ чаардаан, манна тохтоон, салгыбыт санааҕа, сорох-сороҕор соруйан да курдук, арыы тумсугар