Багдарыын Сүлбэ

Үһүйээннэр, номохтор


Скачать книгу

да өлөрүөм суоҕа, чэпчэкитик сылдьар буолуом», – диэн баран, мэлис гынан хаалбыт.

      Кырдьык, кини эппитин курдук, киһи кэлбит. Дьоно өлбүттэрин туһунан эппэтэх. «Бултуу барбыттара», – диэбит. Айан киһитэ, наҕылыччы аһаан-сиэн баран, салгыы аттаммыт. Сотору буолан баран, кыыс эмиэ батыспыт. Дьонунаан байан-тотон, көрүлээн-нарылаан олорбут сирин быраҕан, собус-соҕотоҕун арҕаан айан суолун тутан бара турбут. Ол саҕана сыарҕа суох үһү. Ыҥыыр атынан, табанан сылдьаллар эбит. Суоллара да суол буолбатах, мас дьүөккэни батыһан ыллык устун айанныыллар эбит. Ол эрэйдэнэн-сордонон айаннаан, Бүлүүнү ааһан баран, олохсуйбут. Элбэх оҕолонон-урууланан, байан-тайан олорбут. Төһө да үчүгэй олоххо олорбутун иһин, тоҥхойо кырдьыар дылы дьонун санаан эрэйдэнэр, ытыыр эбит. Ол иһин эмээхсин дойдутун Энэлгэн нэһилиэгэ диэн ааттаабыттар. 1936 сыллар саҕана итинник ааттаах нэһилиэктэн сылдьабыт диэн обуоһунан ааһаллара үһү.

      ТАРТА АРЫЫТА. КИРИЭС ЭЛГЭЭНЭ

      Баай Эбэ хоту өттүгэр Тарта Арыыта диэн арыы уонна ол анныгар Кириэс Элгээнэ диэн түгэҕэ биллибэт кыра элгээн оҕото баар. Ити тоҕо итинник ааттаммыта эмиэ остуоруйалаах. Былыр Бүлүү диэкиттэн баай бөҕөлөөх дьоннор Дьокуускайга көһөн испиттэр. Ол иһэн, биир элгээҥҥэ тохтоон, хонорго быһаарыммыттар. Икки турбут уолаттардаах оҕонньордоох эмээхсин эбиттэр. Түөртэр эбит да, түөрт көмүс ыҥыырдаах, биирдии көмүс үүннээх, кычымнаах баай ыаллар. Элгээн кытыытыгар чаайдыы олордохторуна, икки орулуос кустар, көтөн куһугураһан кэлэннэр, элгээн ортотугар тэлээрэн түспүттэр. Уолаттар обургулар, оччону көрүөхтэрэ дуо: «Биһиги аспыт», – дэспиттэр да ох сааларын үрдүгэр түспүттэр.

      «Ама итини баҕас. Ийээ, хата миини өр. Билигин таһааран, бэлэмҥэ угуохпут». Ийэлэрэ буойбут: «Үрэх баһа, аата-суола биллибэт сиргэ, аргыый саҥарыҥ эрэ. Иччилээх буолуо. Ийэ сир буолуо. Аргыыйыҥ, нохолоор», – диэбит. Ону аҕалара: «Ээй, эмээхсин, хаалары саҥарыма. Ама, ити кус хараҕын саҕа чалбахха түһүөхтэрэ диэтэҕиҥ дуу?» – дии-дии күлбүт.

      Уолаттар, сырсан бөтөҥкөлөһөн киирэн, орулуостары хоннохторун анныгар түһэрэн, тыла суох ыыппыттар уонна бултарыгар иккиэн ыстанан кэбиспиттэр. Харбаан ыһыахтанан иһэн, ылыахча буолан иһэн, иккиэн хаһыытаһа түспүттэр: «Атахпытыттан туох эрэ тардар. Абыраа, таҥараа!» – диэн хаһыытаһа-сарылаһа сылдьыбыттар. Мөхсө-мөхсө тимирэн ылаттаабыттар.

      Оҕонньор, атахтарын иҥиирэ тартаҕа дуу дии санаан, соччо кыһаллыбатах. Былыргыта бэрт ууһут киһи үһү. Бэйэтэ харбаан барбыт. Ол эрээри кини тиийиэн иннинэ икки уола тимирэн хаалбыттар. Ол элгээнтэн оҕонньор да тыыннаах тахсыбатаҕа үһү.

      Эмээхсин эрэйдээх, хайдах да быыһыыр кыаҕа суох буолан, ити алдьархайы көрөн, уолуйан, элгээни тула сүүрэ сылдьыбыт. Өлбүттэрин эрэ кэннэ өйдөнөн, икки салаалаах муҥураат, хаппыт бэһи кэрдэн түһэрэн, бүтэй анныкытын саҕа сиэрдийэнэн куормаланан киирэн, тордуохтаах маһынан дьоннорун состорон булаттаабыт. Үрдүк арыыга таһааран, үс аты сэптэрин-сэбиргэллэрин кытта үс киһитин көмпүт. Ол элгээн кытыытыгар сүрдээх улахан баҕана