уулуссанан сандаарбыт түннүк диэки сутуругунан дугдуруйа-дугдуруйа, бабыгыраата:
– Баш-ша-быык-тар! Шуолас-тар! Бэйи, кэпсэтиллиэ!
Оо, кини билигин, сатанара буоллар, сутурук курдук японскай гранатанан ити түннүгү төһө үлүгэр үөрүүнэн тоҕо быраҕыа этэй!
Валерий сирэйин хоту харбыалаһан иһэрин уулусса төрдүгэр, дьахтар манастыырын чугаһыгар, тиийэн баран эрэ өйдөөтө. Уоһун иһигэр ботугураан үөҕүстэ. Кини военкомат үлэһитэ киһиэхэ сылдьыахтаах. Кини Дьокуускайга кэлиэн аҕай иннинэ ол киһи сулууспатын сорудаҕынан ханна эрэ барбыт этэ. Бүгүн Испирдиэҥкэ кинини кэлбит, көрдүм диэтэ дии. Кэлбит буоллаҕына, хайаан да көрсүөххэ наада. Түргэнник. Ол киһиттэн элбэх тутулуктаах.
Тииттээхэптэргэ киирэн табыллыбатаҕа Валерий санаатын түһэрбэтэ, куттаабата, киниэхэ чугуйар, төннөр, саараҥныыр быһыыны үөскэппэтэ. Хата ордук өсөһүннэрдэ, харса-хабыра суох оҥордо. Кини ол байыаннайын кытта уопсай тылы булуох тустаах. Булгуччу! Атын суол суох. Ону ситистэҕинэ ол-бу Тииттээхэптэр сөбүлүүллэрэ-сөбүлээбэттэрэ диэн улахан суолтата суох. Кинилэри кэлин, арыый кыаҕырдахха, хайдах баҕарар турку сыҥааҕыныы иэҕиэххэ сөп. Билигин өрө көрөн өгдөрөҥнөспүттэрэ хойут, санаа хоту өрө-таҥнары тутар саҕана, хата бэлэм сылтах буолуоҕа.
Аргыылап төннөн таас Реальнай аттынан туораан, казначейство дьиэтин чугаһыгар кэлэн тохтоото. Ахсынньы анысханнаах тымныыта обургу аан туманынан оргуйан, бэл иннигэр ууммут илииҥ көстүбэт үлүгэрэ буолан үчүгэй. Дьон көрүөхтэрэ, билиэхтэрэ диэн куттал суох.
Валерий түннүктэрэ ыстаабан сабыылаах, сарайыгар түспүт хаарга самнары баттаппыкка дылы намыһах дьиэни кэтээн, иһиллээн турда. Туох да саҥа-иҥэ биллибэт. Кини наадалаах киһитэ манна хос куортамнаһан олорор буолуохтаах. Олбуор кэлииккэтин анньан көрдө. Сабыылаах. Иккитэ-үстэ күүскэ тэбиэлээтэ. Ыт үрэн маргыйда. Тимир сыап кылырҕаата.
– Кимиэхэ наадалааххыный? – сотору олбуор иһиттэн эмээхсин дьахтар саҥата нууччалыы ыйытта.
– Военкомат үлэһитэ Соболевка.
Эмээхсин кэлииккэтин аста.
– Ыалдьыттаах дуо?
– Суох быһыылаах. Суох, суох. Баһаалыста.
Кэҥэс куукунаҕа баар буоллулар. Аһаҕас билиитэ аана сып-сылааһынан илгийбэхтиир. Куукунаны оһох уота эрэ сырдаппыт. Билиитэ аанын чугаһыттан атына барыта хараҥа.
– Эраст Константинович, эйиэхэ, – диэт, эмээхсин уҥа диэки хараҥаҕа киирэн сүтэн хаалла.
Хаҥас диэки халҕан тыаһаата. Аан сырдыгын сүрдээх кэтит сарын бүөлүү турда.
– Дорообо, Эраст Константинович, мин штабтан, – диэтэ Валерий иһиллэрдик доргуччу.
– До… рообо… Ханнык…
Валерий, киһитин ситэ саҥардыбакка, ойоҕоһунан кыһарыйан, иһирдьэ атыллаата. Анарааҥҥыта, дьиибэргээн, аанын тутааҕын туппутунан киниэхэ эргилиннэ. Валерий кини дьүһүнүн удумаҕалатан билэрэ. Лаампа сырдыгар кыһайан көрөн баран: “Кини… миэхэ үкчү ойуулаан кэпсээбиттэр эбит”, – дии санаата. Үрдүк, искэл, сонтоҕор муруннаах, чөҥөрүттүбүт харахтаах, ньылаарыччы