Өссө “барбыт” диэххит суоҕа, “баай дьонугар күрээбит” диэххит. Сөпкө үүрбүппүт диэн революционнай сэргэххитин хайҕаныаххыт. Томмокко туһуланар тылгыт өссө ордук кырыктанара, киниэхэ сүктэрэр буруйгут өссө ордук ыарыыра чахчы…”
Кыыча, саҥа таһаара сатаан ыҥырана-ыҥырана, кыаҕын муҥунан мөхсө сатаата да кэлгиирэ холкутуох быһыыта биллибэт. Суонда саатар эргиллэн да көрбөт, соруйан көҥөнөн түҥнэри хайыһан иһэр. Чэ кэбис…
“Оо, Томмот, Томмот!.. Миигин итэҕэйэҥҥин буруйга-сэмэҕэ тиксэн эрдэҕиҥ. Миигиттэн сылтаан доҕотторгуттан туора көрүлүннэҕиҥ. Көрүллүөҥ да турдаҕа. Мин эйиэхэ хаһан даҕаны атын оҕолорго этэр эйэҕэс тылбыттан ордугу эппэт, кинилэргэ мичээрдиирбиттэн атыннык мичээрдээбэт этим. Ол эрээри, итэҕэй, сүрэҕим саамай кистэлэҥ муннугар эйиэхэ истиҥтэн истиҥ иэйии – киһи киһиэхэ тылынан сатаан эппэт иэйиитэ уйалана сылдьара. Эн миэхэ бары атын оҕолортон ураты этиҥ. Эн Томмот этиҥ. Эн истибэккэр, бэйэм даҕаны истибэппэр түүн түһээн мин эйиэхэ дьикти нарын тыллары этэрим. Эйигиттэн кистээн, бэл бэйэбиттэн даҕаны кистээн мин эйигин таптыыр харахпынан көрөрүм. Эн мин Томмотум этиҥ. Эн бэйэҥ ону билбэтэргин даҕаны. Бэл мин бэйэм бэйэбэр ону билиммэтэрбин даҕаны. Мэлдьитин. Куруутун. Суох, ити сымыйалаатым. Мэлдьитин буолбатах. Кэлин миэхэ ити курдук, мин эйигин күнү, халлааны көрүөхпүттэн билэрим курдук санаа үөскээбитэ. Мин эйигин бастаан атын оҕолортон соччо араарбат этим. Былырыын, саҥа үөрэнэрбит саҕана, Томмот Чыычаахап да, Сэмэнчик Долгунуоп да миэхэ син биир курдуктара. Бэйи эрэ, туохтан саҕаланна этэй мин эйигин атын доҕотторгуттан арааран көрөр буолбутум? Туохтан? Киһи киһиэхэ сыһыана уларыйара, киниэхэ саҥа иэйии үөскээһинэ хайаан да туохтан эмэ саҕаланар төрүттээҕэ буолуо дуо? Билбэтим. Сороҕор, баҕар, суоҕа буолуо. Мөккүспэппин. Таммахха таммах эбиллэн, күрүлгэн быһыты тоҕо көтөрүн кэриэтэ буолуо. Оттон эн биһикки сыһыаммытыгар, чопчута мин эйиэхэ сыһыаммар, уларыйыы саҕаланыыта баара. Чахчы, баара. Бэйи, хайдах-хайдах буолла этэй?..”
Бастаан үөрэнэр күннэригэр техникумҥа атын үөрэнээччилэртэн барыларыттан ойуччу турар бөлөх үөскээбитэ. Ким да ону тэрийбэтэҕэ, бэйэтэ дьаалатынан үөскээбитэ диэххэ сөп. Онно мааны таҥастаах, эмис-тот сирэйдээх, кыанар дьон оҕолоро түмсүбүттэрэ. Уон биэс-алта уол, кыыс. Кыыча кинилэргэ сыстыан соччо дьулуспатар даҕаны, бэйэлэригэр ыҥыралларын, угуйалларын аанньа чугасаһан хаалбыта. Кинилэртэн ураты ким да кинини бэйэтигэр кытыара сатаабат этэ. Ити бөлөххө сыстыһаат, Кыыча ньылбаарыччы тарааммыт, уос-тиис оҥостуммут мааны уолаттар-кыргыттар аныгы олоҕу, аныгы сууту-сокуону, быһыыны-майгыны барытын сүөргүлээн, үгэргээн сааҕынаһалларын, сөбүлээбэтэр да, күн ахсын истэригэр тиийбитэ. Кинилэр абырахтаах сиидэс ырбаахылаах, түрүкүө ыстааннаах, ынах этэрбэһи бэллэччи анньыммыт тыаттан саҥа киирбит дьадаҥы оҕолору, ол оҕолор аҥалаларын, кэнэннэрин, нууччалыы мөлтөхтөрүн, дорооболоһору, баһыыбалыыры да сатаабаттарыгар, тойон эрбэхтээх