Скачать книгу

саха ханаалыгар эмиэ быстыбакка нэдиэлэ аайы көстөр маннык биэрии баар буоллун? Ону өссө астыырынааҕар ордук минньигэстик сахалыы саҥарар ыытааччы көһүннүн?

      Биллиилээх асчыт Иннокентий Тарбаховы атын дьон курдук эмиэ сурах хоту уонна кинигэтин нөҥүө билэрим. Биирдэ эмит экраҥҥа да көрбүтүм. Ол гынан баран биэриилэр биирдии таһаарыынан тоҕо эрэ тохтоон хаалаллара. Кини саха дьонугар хайаан да күүтүүлээх ыытааччы буолуохтааҕын сэрэйэрим, онон «Кэпсиэ» бырайыагар биэриим Иннокентий Тарбахов ыытааччылаах «Амтан» диэн рубрикалаах буолуохтааҕын ыйбытым.

      «Ону кини сөбүлэһэр дуо?» – дириэктэрим бастакы ыйытыыта итинник этэ. «Сөбүлэһэн…» – диэбиппин истэн эрэ хаалбытым. Ол кэнниттэн быстыам дуо, Тарбаховтыын кэпсэтэ, тылбын ылыннара «Тыгын Дархан» диэки барбытым. Сөбүлэһиэ диэн испэр бөҕөх этим да, дириэктэрим быһаччы ыйыппытыттан «быһыыта, урут ыҥыра сатаабыттарын сөбүлэспэтэх эбит…» диэн саарбахтыыр санаалар үөскээн, испин кутуйах буолан кэрбээбиттэрэ. Күрүлүүр күнүс, күн бөҕө тыган турдаҕына, Ленин болуоссатын устун итинник саарбах санаалардаах хааман иһэммин, эмискэ уун утары Иннокентий Тарбахов бу илэ бэйэтинэн мичээрдээн сэгэйэн иһэрин көрө түспүтүм. Эҕэрдэлэһэн, бэйэбин билиһиннэрэн эрдэхпинэ: «Оттон билэбин ээ…» диэн быһа түстэ. Толкуйбун кэпсээбиппэр бэркэ сэргэхсийдэ: «Мин эгэ эрэ буоллаҕа дии… Дьоммутугар-сэргэбитигэр тугу билбиппитин, сатаабыппытын тарҕата сылдьыахтаахпыт…» – диэтэ. Бастакы биэриибитин саламаат эгэлгэ көрүҥнэрин астааһыҥҥа аныах буолан, үөрэн-көтөн араҕыстыбыт. Көр, мин ол соруйан болдьоспут курдук көрсүһүүбүтүн «мээнэҕэ буолбатах» дии санаабытым уонна хаһан эрэ Тарбахов туһунан кэпсиир буоллахпына, хайаан да ахтан аһарыаҕым дии санаабытым. Онтубун бу суруйа олоробун.

      Иннокентий Иннокентьевич курдук киһи көстөр буолбута бастатан туран, саха дьонугар сүдү бэлэх буоларын таһынан, тэрилтэҕэ эмиэ сүрдээх улахан сүүйүү буолар. Кини тэрилтэ бэйэтэ дьаһайыахтаах, тэрийиэхтээх, ороскуотуруохтаах түгэннэрин: астыыр аһын босхо буларыттан саҕалаан, ас астыырга тоҕоостоох оһохтоох, остуоллаах, иһиттээх-хомуостаах уһуллар муннугунан хааччыйыыга; ханна эмит кэлэр-барар буоллахха, суолу-ииһи хайыыга, массыынаны булууга тиийэ тус бэйэтэ быһааран, тэрийэн кэбиһэр кыахтаах, онтугар эбии эрэйин туһугар хамнаһы эрэйбэт, биир тылынан «абыраллаах» ыытааччы буола түспүтэ. Итини барытын хампаанньабыт бэйэтэ хаһан да кыайан дьаһайбат, кини өрүү харчыта суох буолар, биир эмит эрэстэрээни кытта дуогабардастаҕына да, кини рекламатын хара ньуура суох таһаарар бөрүкүтэ суох хабалаҕа киирэр. Оттон Иннокентий Тарбахов уонна «Тыгын Дархан» эрэстэрээн салайааччыта Мария Габышева саха тэлэбиидэнньэтин сайдыытыгар төһөлөөҕү оҥорбуттарын бэйэлэрэ да билбэттэрэ буолуо.

      Мин бастаан Иннокентий Иннокентьевич «Амтаны» соҕотоҕун салайан ыытыа дии санаабытым, онтум баара кини биир идэлээхтэрин: оһох аттыгар аата-суола суох айымньылаахтык үлэлии сылдьар атын асчыттары