бэрээдэк бэйэтэ салаллыбыта. Биир эрэ ситэ өйдөммөт курдуга, бэйэ дьылҕатыгар бэйэ орооспото хайдах эбитэй? Быһата, бу балаһыанньаҕа бэринэн кэбиспит уол барытыгар дьонунан салай-тарыыга сөбүлэһэн испитэ. Ол иһин ити Ульзана дьонунуун урууластылар, силистээх-мутуктаах сибээскэ силим курдук сыһыннылар быһыылаах. Кылаабынайа, ким да кими да чыычылаабат. Таптал уота кинини таарыйбат. Баҕар, Зананы дэҥҥэ өрө салаан ааһара буолуо да…
Уол сүрэҕин түгэҕэр ханна эрэ ыраах Аанчык баар. Ону санаатаҕына, түөһэ ыарыылаахтык хам тутарын иһин хара күүһүнэн ахтыбат буола сатыыр. Кыыс иннигэр буруйдаах, чахчы албын эрэли иитиэхтээн, тулаайах эрэйдээҕи туһаммыт сидьиҥ эн диэтэхтэринэ, сөбүлэһиэх кэриҥнээх.
Баҕар-баҕарыма, Зана куруук кини аттыгар. Ол бэйэлээҕин биирдэ эмэ халты көрдө да, мааны кыыс кэтэҕэр Аанчык көрсүө мөссүөнэ көстөн ааһар. Иннигэр турар куорат хартыыната кыыстан букатын атын. Холку бэйэлээх, номоҕон сирэйдээх, уурбут-туппут курдук таһаалаах, олус нарын туттуулаах. Ол сып-сылааһынан илгийэр мэтириэт уһаабат, элэкис гынан ааһар. Тапталым диэҕин, Аанчык киниэхэ наһаа чугас доҕору, бэйэ киһитин санатар. Эбэтэр итинник буолуохтааҕа эбитэ дуу…
Толя куттас киһи быһыылаах. Тоҕо эрэ ирэ-хоро «оҥортообут дьыалаларын» киһилии дьаһайбата. Олортон саамай хомолтолооҕо – Аанчыкка бэйэтэ бара сылдьан кэпсэппэтэҕэ. Дьулайбыта оччо. Кинилиин арахсар санаата суох, атыҥҥа аралдьыйбакка сылдьан Зананы ойох ылабын диэн хайдах быһаарыахтаах этэй? Баарынан кэпсиэн… бастаан кыбыстыбыта. Аанчыгы «көмүһүм, чыычааҕым» дии сылдьан атын кыыстыын хоонньостум дииригэр хайдах да кыаҕа тиийиэ суох курдуга. Ол иһин иһийбитэ, туох буолан иһиэн кэм көрдөрүө диэн найыламмыта. Эппитэ да буоллар, ким итэҕэйиэй, барыта да наар аанньа буолбута буолбаат? Ол иһин Марыына баабыска кинини ирдээн кэлэ сылдьыбытыгар да туолкалааҕы тугу да булан быһаарбатаҕа. Онтон ити бэҕэһээ эмээхсин Аанчык суругун биэрбитэ. Уолу буруйдуур, хомуруйар биир да тыл суоҕа. Олоххун оҥоһун, мин туспар долгуйума, барыта этэҥҥэ буолуо диэн, ким эрэ кикпитин курдук, олус холкутук сүбэлээн, сөбүлэспитин биллэрэрдии, судургутук суруйбут этэ. Ханан да аат да, араспаанньа да суох, ким кимиэхэ тугу туһаайбыта, суругу ыыппыта өйдөммөтө. Ол да иһин, көрдөрөн туран дуолу туттарарга, сымыйалыырга бэрт төрүөт буолбута. Аанчыкка айдаан тахсыан сэрэйбит курдук сэрэхтээх суругу ыыппытыгар махтана санаабытыттан бэйэтэ да бэркиһээбитэ, «дьаабыланан, аны туос сымыйаччы буоларым итэҕэс эбит» диэн иһигэр бэйэтин бэйэтэ мөҕүттүбүтэ.
Ульзанатыныын туох олоҕу олоруон билбэт, кырдьыга, билэ да сатаабат. Бу кыыс иһэ истээҕин син сэрэйэрэ ээ. Аймахтары кытта билсиһиигэ, көрүдьүөс баҕайы, кыыс «олоххо быһаарыныылааҕын, дьаһаллааҕын» бэлиэтээн кэпсээбиттэрэ. Дьэ, ким билэр, дьаһала диэхтээн туга кэлбит үһү, оттон быһаарыныыта диэн эппитин толорторо үөрэммит хаппырыыс, атаах диэтэххэ, оруннаах буолуо дии саныыр Толя. Төрөөбүтүгэр Ульяна диэн сүрэхтээбиттэрин улаатарыгар абааһы көрөн, пааспарын ыларыгар Ульзана