Галина Нельбисова

Син биир күүтэр эбиппин…


Скачать книгу

түһэн барда, кистээн ытыы-ытыы, сиэрпэтин уһугунан сири хаһа-хаһа, ыйытта:

      – Хотунун кытта үчүгэйдии буолбут дииллэр ээ дьон. Ол кырдьык дуо?.. Тоҕо саҥарбаккын? Ол аата кырдьык буоллаҕа дии.

      – Чэ, баҕар, кырдьык да буоллун. Оҥорууҥ оннук эбит… Бэйэҥ хотонуҥ иһигэр, сааххын күрдьэ-күрдьэ, ытыы сылдьаахтаа. Миигин букатын санаама даҕаны. Бэйи, аны манна олорон хаалаары гынным, – диэн баран, Хабырыыс атын холунун чиҥэттэ.

      Өкүлүүн эмиэ турда.

      – Оттон миэхэ хаһан эмэ таарыйыаҥ суоҕа дуо?

      – Наадам суох, сылдьыам суоҕа… Чэ быраһаай!.. – атын чэпчэки баҕайытык мииннэ уонна, чыпчырыйа түһэн баран, дэйбииринэн даллах гынна. Ат мииммитигэр бастаан ынчыктаата, онтон тыбыыран баран, аргыый айаннаан либийэн барда…

      Өкүлүүн хам-бааччы туран киһи хайдах миинэрин, барарын, илиитэ-атаҕа хамсыырын барытын, улам сүрэҕэ ньүөлүйэн бара-бара, көрөн турда. Кини саһархай хараҕа ала-бааччы кутурҕан туманынан туолла… Хабырыыс биирдэ эрэ эргиллэн көрдө уонна суол устун тиһигин быспакка айанната турда.

      Өкүлүүн дөксө ордук кубарыйда уонна, толоон ортотугар турар эргэ өтөх баҕанатын курдук, соҕотоҕун туран хаалла. Кини Хабырыыһы хас илиитэ хамсыырын, атын кутуруга сиппирдиирин букатын ыраатыар диэри хараҕын араарбакка одуулуу турда.

      Онтон сылгыһыт, сиидэс ырбаахыта мас быыһынан элэҥнээмэхтээн баран, тыа иһигэр киирэн, көстүбэт буолан хаалла.

      – Барда, – диэтэ Өкүлүүн, хараҕын уута иэдэһин устун мөлбөрүс гынна уонна, аны сатаатар биирдэ көрөн хаалаары, бүтэй үрдүгэр ытынна…

      Ороһустуба киэһэ

      (Былыргы олохтон этюд)

      Түҥ түүн илин эҥээртэн, хотой кыыл курдук, сабырыйа, күөтүү көтөн кэллэ. Үөһээ өндөл халлаан мөһүүрэлии тохтор мөлүйүөн сулус ойуулаах күөх кууппал бэргэһэтин тимир кытаҕы саба уурбут курдук кэтэн, Уот Уйбаан оҕонньор ыал буолбут алааһын, Күҥкүрү, кыаҕар ылан, көй-хара күүлэтигэр хаайан, түүппэҕинэн бүрүйэн турар этэ.

      Ырыых-ыраах илин диэки икки көстөөх Кириэс Тумул диэн сир таҥаратын дьиэтин ийэ куолакалын тыаһа ньирилээн иһиллэрэ. Ону истэ-истэ, алаас ыала, илин диэки хайыһан туран, кириэстэнэн сапсыналлара.

      Бу аата көҕөрө күлүмнүүр чүмэчи сулус харахтаах Ороһустуба түүн Саха сиригэр тэнийэн кэлбитэ.

      Алаас хоту өттүгэр, куобах суорҕанынан үллүммүккэ дылы, борокуот курдук ньолбоҕор, хаптаҕай балаҕантан икки сиртэн түүтэх-түүтэх саҕа кыым кыынньа, кытыаста оргуйар.

      Ол эрээри биирдэрэ бэрт мөлтөх, кыыма хайдах эрэ соҥуйбут курдук көтөн тахса-тахса, тулаайах оҕо кэриэтэ муккуктук, тэттик-муттук дьиримнээн баран хараҥаҕа өһөн, умуллан хаалар. Оттон биирдэрэ тоҕо эрэ күүстээх, омуннаах: халлааны бүтүннүү китиэркэттэрбин диэххэ айылаах, күүгүнүү-күүгүнүү өрө оргуйар. Бу уот туһунан чыпчылыйбакка, бэйи, ол туох быгаары гынна диэн муҥунан көрбүт курдук, түөрт муус түннүк дьэҥкэрэн көстөр. Оттон биирдэригэр соҕотох түннүк, утуктаабыт киһи оргууй хараҕын сабан баран эмиэ көрөн кэлэрин кэриэтэ сүтэн хаала-хаала, кылаҥнаан, көстөн