эрээри, баҕар, хотон куттуоххут даҕаны суоҕа! – диэн оҕонньор суон күөмэйинэн суоһуран кэбистэ. Уол, куттаммыт курдук, үтүлүгүн, бэргэһэтин холумтантан ылан, купчурус гынан хаалла.
– Дьэ өрө көрбүт оҕолор тыыннара тахсар дуу, суох дуу? Ама кинилэр бэйэлээхтэри туох «кыайар» үһү! Сыакаардар!.. Аны биһиги уочараппыт ама кэлбэтэх үһүө? Дьэ атаспын Ньохчоо уолун кытта кэпсэтэр күнүм үүннэ дуу, суох дуу? Мин үрдүбэр чохчойоро, боротокуолунан куттуура эрэ бэрт этэ. Араас баайбын: саҕынньахтары, хааһахтары – тутан ылаттыыра. Дьэ билигин хайабыт үрдүкү буолар? Бүөтүр оҕонньор дуу, имииһит Ньохчоо уола кини дуу?! – дии-дии, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү, Бүөтүр оҕонньор урут сискэ хорҕотон турбут улаан атынан бырааба диэки сыҥнаран истэ.
Киэҥ Чөркөөх дэриэбинэ хотун томторугар киирэн кэллэ. Таҥара дьиэтин кириэһин көрөн баран, боччум баҕайытык кириэстэннэ. Былыргы бырааба олбуорун уҥа ааныгар үрүҥ былаах анньыллан турарын көрөн баран эмиэ кириэстэннэ. Тоҕо кириэстэммитин бэйэтэ да билбэтэ. Дьэ үс хонук иһигэр бу дойдуга киһи-сүөһү үксээбит. Иннэ-кэннэ кэрбэммит курдук мултуллубут, боччоруспут тоҥус төрдүгэстээх, таба саҕынньахтаах дьон, бииргэм «быраат, быраат!» дии-дии, үллэрэҥнэс буолтар. Олбуор ойоҕоһугар араас мас даҕаны, көмүс даҕаны ыҥыырдаах аттар, муус кыаһаан буолан, чохчоһон тураллар. Урукку волревком чарапчытын үрдүгэр хайыы-үйэҕэ былыргы бырааба өрүөлүн, аҥаар кыната тоһуннар даҕаны, анньан кээстэр. Уҥа диэки муннукка биир миҥэ атыыры биир тойоҥҥо биир киһи бэлэхтээн эрэр быһыылаах, дьон бөҕө бөлүөхсүбүт.
Били биһиги оҕонньорбут кэлэн, сыарҕатыттан түһэн, төрдүн кутуйах кэрбээбит сабыс-саҥа кыл көнтөһүнэн атын сэргэҕэ туомтуу тардан баайан кэбистэ.
Дьиэҕэ киирэн: «Ыстаап тойоно баар дуо?» – диэтэ.
– Баар. Аас! – диэн буолла.
Оҕонньор саалаҕа киирдэ.
– Куола, дорообо!
– Дорообо, кырдьаҕас! Кэпсээ, олор.
Итинтэн ааннаан, саас-сааһынан үгэргии-сэтэрии, икки «күннэрэ тахсан эрэр» баайдаах «хамандыыр» кэпсэппэхтээтилэр. Онтон Бүөтүр оҕонньор кистиир быһыынан эттэ:
– Дьэ, Куолаа, мин эйиэхэ этэр тыллаахпын. Бу биһиги нэһилиэккэ эрэпкиэм буола сылдьыбыт, уруккута мин хамначчытым, адьас дьиҥнээх баһамыык санаалаах киһи баар. Ол кини билигин дьиэтигэр кирийэн олорор. Дьиҥнээх кумуньуус киһи диэн кини буолар. Оттон мин түүбүн үргээмэхтээбит барахсан – куоласпын да быспыта, биир хонукка сибииккэҕэ да олорпута. Тугу барытын баай диэн аҥаардас миэхэ түһэрэрэ, араас сарыы мэрэбэдэйдэри, били чуоҕур кур оҕуспун өйдүүрүҥ эбитэ буолуо, ол тириитинэн бэртээхэй диэн хааһах оҥостубуттары барытын ылбыта уонна өссө эмээхсиннэри боротокуоллаан турар. Дьэ онон, холобур, мин билигин бырааппын туппучча, бочуоттаах киһи быһыытынан, бу киһини көрдөргүт үчүгэй буолуо этэ, холобур, кутталлаах, баһамыык киһи буолуо диэн этэбин. Санаатахха даҕаны, куһаҕаннык көрүллэригэр ааттаах Уот Субуруускай сүрэҕин ытарҕата буолуо дуо? Онон, мүччү харбата илигинэ, далай иһигэр баар эрдэҕинэ, өрүһүйэн, холобур, бэйэни биллэрдэр сөп буолуо этэ, – диэн баран, сүүһүн көлөһүнүн