Дайыына

Сүрэх кистэлэҥэ


Скачать книгу

түллэҥнэһэн ылбыттара. Хара буор сирэйдэннэллэр да, күтүрдэр, сырдык, сылаас кэм эргийэрин син билэ, кэтэһэ сыталлар эбит ээ! Чэҥ муус билиэнтэн босхолоноот, утаппыттыы ыраас ууну ыймахтаан барбыттара, онтон умнас устун үөһэ утаарбыттара. Ону кытта үллэн, тыҥаан турбут үнүгэстэр аһыллан, нарыын-нарын күөх сэбирдэхтэрин сэрэнэн тэнитэн барбыттара. Мутукча күөҕэ, оһуор курдук сайбаччы симэнэн, лабаа ахсын сандааран турара көрүөххэ кэрэ да буоллаҕа!

      Титирик Уол бу сааскы уруйдаах көртөн матымаары, кылгас, синньигэс силистэрин буорга дириҥник ыыта сатаабыта. Кини аттыгар баараҕай тиит халлааҥҥа харбаһан, күнү-ыйы сабардаан, бөдөҥ бөллөрүттэҕэс силистэринэн дириҥник хара буору уобан, хаһан да хамсыа-сууллуо суохтук сымарыттан турара. Кини күлүгэр түбэспит буруйдаах буолан, Титирик эрэйдээххэ сырдык, күн уота баҕалаах буолара, уу-хаар, ас да тиийбэтэ. Модьу силистэр эрийэ кууһаннар, иҥэмтэлээх аһы барытын оборон ылаллара. Сабарай Тиит кыраҕа ымыттыбат идэлээҕэ, эгэ быыкаа, саҥа быга сатыыр титириктэргэ кыһаныа дуо? Арай ханна эрэ аньыылаах дууһа өлөн, ала буркун буолан кыланан, ытаан-соҥоон аастаҕына, күүстээх тыалтан идэмэрдээхтик кыычыгырыыра ынчык курдук иһиллэрэ. Сабарай Тиит тугу санаан, ахтан, туохтан үөрэн-хомойон турарын ким да билбэт. Халлаан диэки модун лабааларын өрө үтэн, бу сиргэ букатыннаахтык кэлбиттии сананан улуутуйан турара.

      Сабарай Тиит бу сиргэ билбит үөрүүтэ – соҕотох доҕоро Дэгиэ Тыҥырах этэ. Ол обургу саас эрдэ, тымныы саҥа уҕарыйан эрдэҕинэ, доҕорун кэлэн билсэн барара. Сабарай Тиит ону эрдэттэн билэн, хаарын бүтүннүү тэбэнэн көрсөрө. Тыҥырахтаах көтөр чыҥырҕас саҥатын иһиттэҕинэ, бүтүн бэйэтэ дьигиһийэн, илгистэн ылара. Бүтүннүү сэгэйэн, били сымарыттыбыта ханна да суох буола түһэрэ. Кырдьаҕас мас бу курдук уларыйарын кыракый титириктэр олус муодарҕыы, сөҕө көрөллөрө.

      Дэгиэ Тыҥырах кырдьаҕас доҕорун уруйдаан, саҥаран чыҥырҕаабытынан, модун кынаттарынан сапсыммытынан, күүстээх атахтарынан тиит лабааларыгар хатана түһэрэ. Кини наар биир сөбүлээн олорор сирдээҕэ. Ол лабаата ыарахан көтөр олороруттан хатырыга сулламмыт этэ. Дэгиэ Тыҥырах бу олорон тугу көрбүтүн-билбитин кэпсиирэ. Онон хата аттынааҕы мастар таарыччы аан дойду сонунун барытын истэн-билэн хаалаллара.

* * *

      Ойуур иһин нус-хас олоҕун аймыах айылаах киһи-сүөһү чугаһынан суох этэ. Ол иһин кэм, күн хаамыыта дьыл эргиириттэн тутулуктанан, сылтан сыл биир күдьүс бара турара. Арай хам-түм да буоллар, тайах атаралаан ааһара. Оттон кыра кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр ханна барыай…

      Биирдэ торҕон эһэ Муҥур Тиит хатырыгын хайыта тыыппыта. Күтүр, сииктээх буору тоҕута тирэнэн, кыра оту-маһы ибилитэ тэпсэн, часкыйа-часкыйа олуонатык хамсаммыта ынырыга бэрдэ. Муҥур Тиит эрэйдээх тута дьэҥкир сымаланан ытаан барбыта. Дириҥ бааһын оһоруна сатаабыта эрээри, ол кэмтэн иинэн-хатан барбыта, өрүттүбэтэҕэ. Билигин төбөтүгэр эрэ барбах күөх бытыгыраан баран, хайыта хатан, буорайан тураахтыыр.

      Ол саҕана Титирик Уол саҥардыы сиртэн сэрбэйэн, нарын күөх мутукчанан сайбаччы симэнэн,