Галина Нельбисова

Түүл буолан сүтүмэ


Скачать книгу

кулууп директора Алла Афанасьевна ыксаабыт куола-һынан кутан-симэн кэбистэ.

      – Хаһан бараҕытый? – Лилия, сүрэҕэлдьии санаан аккаастыан баҕарталаата эрээри, эмиэ да баччааҥҥа диэри алтыһан кэлбит кулууптарын хомотуон баҕар-бата. Ис-иһиттэн илгистэн, этин-сиинин хамсатан үҥкүүлүөн баҕарбыта да ыраатта, хонууга киэҥ сиргэ дэлэ үчүгэй буолуо дуо?!

      – Сарсын уон чаастан араҕабыт. Концерпыт уон иккиттэн. Уой, баһыыба, Лилька! – Алла Афанасьевна бэркэ үөрбүт саҥата иһилиннэ.

      Ити аата сарсын үҥкүүлүүр көстүүмнэрин өтүүк-түү охсоро наада. Тугу үҥкүүлүөххэ? Хас да отделе-ниеттан мустар буоллахтарына элбэх уол кэлииһи, индийскэйдээн уонна узбекскайдаан биэриэххэ. Лилия күп-күөх хонууга, эриэккэс музыкаҕа доҕуһуоллатан, үҥкүүлээн элээрдэ сылдьарын хараҕар оҥорон көрөн, манньыйан ылла. Музыка холбоон хамсанан, эрчиллэн көрөргө сананан истэҕинэ, эмиэ телефон тыаһаата. Ийэтэ эбит.

      – Лилька, сибилигин универмакка таҕыс. Эйиэхэ сөптөөх соччо туох да суох быһыылаах. Арай, «лапша» куопталар бааллар үһү.

      – «Лапша» куоптаҕа наадыйабын ахан, джинсыла-ры кытта кэтиэм дии. Маама, кулууптардыын сарсын агитбиригээдэҕэ барсабын.

      – Ол эмиэ ханна? Бу бараары сылдьан бэлэмнэммэккэ эҥин аны үҥкүүлээн тэйэҕин дуо? Оҕолоруҥ бары фермаларга көһөн эрэллэр, эйиэхэ да кэлэллэрэ чугаһаабыттара буолуо. Эн Зиналыын, уопсайынан кылаас оҕото үксэ «Кырдал» ферматыгар суруллубут үһүгүт.

      – Алла Афанасьевна телефоннаата. Араҥастаахха улахан күүлэй буолар үһү. Чэ, ничего, как говорится, прощальный тур! Үҥкүүлүөхпүн наһаа баҕара сылдьа-бын, кульпросвекка туттарсарбар репетицияланар буоллаҕым.

      – Син биир истибэккин билэбин. Райкомол кыыһа сарсын кэлэр, арааһа, ол Араҥастаахха эмиэ ааһаллар быһыылаах. Күн-дьыл ыраатта, куораттыаҥ этэ. Убайыҥ тыаҕа бара илик эбит. Эйигин көрсөн, олоххун-дьаһаххын оҥорон барыа этэ. Оччоҕо мин холкутук сайылыам дии.

      – Чэ, сөп, мамочка. Универмакка сүүрдүм! Киэһэ кэпсэтиэхпит, – Лилия маҕаһыыҥҥа барардыы тэри-нэн барда. Билигин саамай муодунайынан аатырар, «лапса-мокоруон» куопталар хараҕар элэҥнэстилэр.

* * *

      Лилия нүөмэрин «эһиги иннигитигэр үҥкүүлүүр Сардаҥа сэлиэнньэтин талба талааннаах үҥкүүһүтэ Лилия Унарова!» диэн биллэрбиттэригэр күөх хонууга лаҕыччы олорон концерт көрөн астына олорор дьон ытыстарын таһынан ыллылар. Лилия, улахан балаакка кэннигэр үҥкүүлээри бэлэмнэнэ туран, ханан киирэн хайдах үҥкүүлээн тахсыахтааҕын былааннанар. Оруо-буна оҥорбут курдук үс буолан куустуһа үүммүт ха-тыҥнар бааллар. Индийскэйин толороругар, били дьиҥнээх киинэҕэ курдук, хатыҥнар быыстарынан быгыалыы-быгыалыы, солко саритынан сапсыннаҕы-на «былааһы ыларын» билэн турар.

      Ис-иһиттэн өрө көтөҕүллэн, илиитэ-атаҕа босхо ба-ран, индийскэйин үҥкүүлээн кэбистэ. Хатыҥ быыһы-нан өҥөҥнөөбүтүгэр күлсэн да ыллылар, «биис» хаһыы бөҕөтүн түһэрдилэр. Райкомол бэрэстэбиитэл-лэрэ, отделениелар салайааччылара сөхпүт-махтайбыт харахтарын араарбаттарын