Ульдаа Харалы

Дьолу бэлэхтээ, Сэргэлээх


Скачать книгу

да сылдьарга үчүгэй буолуох эбит. Билигин, түөрт эксээмэҥҥэ 19 баллаах, үөрэҕэр киирэрин киирэр. Ол эрээри…

      Биэс хонугунан үөрэххэ ылыллыы түмүгэ биллиэхтээх. Онуоха диэри манна тугу «баһын кырбана» сытыаҕай, дойдутугар таҕыстар икки-үс күн сааланыа этэ. Билигин кус көҥүллэнэн турар.

* * *

      Сима Саха государственнай университетыгар, физика-математика факультетыгар, ахсаан салаатыгар үөрэххэ ылыллыбыта. Саҥа киирбит оҕолор балаҕан ыйыгар бары практикаҕа бараллар. Уопсай дьиэҕэ наадыйааччылар сайабылыанньа биэрдилэр.

      Икки оптуобуһунан тиэллэн, Амма оройуонугар айаннаатылар. Сорохтор көрө илик сирбитин, аатырар Амманы көрүөхпүт диэн, үөрэллэр. Түөрдү ааһыыта оройуон киинигэр, Солобуодаҕа тиийдилэр. Остолобуойга тохтоон, бэйэлэрин харчыларыгар аһаатылар. Биир оптуобус киһи Строд аатынан холкуоска күһүҥҥү оттооһуҥҥа, иккис оптуобуһу «Амгинскай» сопхуоска, бурдук үлэтигэр утаардылар. Сима бурдук үлэтигэр түбэстэ.

      Айаннаан иһэн бииртэн биир киэҥ нэлэмэн бааһыналары ааһаллар. Итилэри тыаны солоон, икки ардыларыгар ойуур быыстары ордортоон оҥорбуттар. Тыалтан хаххалаатын диэн ити балаһа ойуурдары ордортоотохторо. Ып-ыраастык хомуллубут бааһыналар, кыһыл көмүс өҥнөммүт хатыҥ ойуурдар көрүөхтэн кэрэ көстүүлээхтэр. Ол истэхтэринэ, аны Амма өрүс көстөн, бары хаҥас эргийэ түһэллэр. Сопхуос киинигэр Покровкаҕа тиийбиттэрин билбэккэ хааллылар.

      Манна биэс уол хаалар үһү. Биригэдьииринэн аҕа саастаах, аармыйаттан кэлбит Бөтүрүөп Славаны аныыллар. Слава хаалыан баҕалаах түөрт уолу биригээдэтигэр ылар, атыттар салгыы Ааллаах диэн сиргэ айанныы тураллар. Хаалааччылары сааһыра барбыт саха киһитэ, батыһыннаран илдьэн, остолобуойга аһатта. Ол кэннэ кыра самналлыбыт дьиэҕэ батыһыннаран аҕалла. Үс тимир орон баара хаһаайыннаахтар эбит, уолаттар тилэри наараҕа тэлгэммит соломоҕо утуйуохтара үһү.

      – Пахай, бу манна утуйабыт дуо? – Ньурбаттан сылдьар Гена саҥа аллайар.

      – Уонна. Эн, интэринээт курдук, маҥан барастыыҥкаҕа суорҕанынан саптан утуйа кэлбитиҥ дуо?

      – Что, все время так будем жить? – нуучча уола Телятников үүтүн тохпут оҕо сирэйдэнэн турар.

      – Ничего-о, Москва не сразу строилась, – Славалара ыраах холку. Сиэбиттэн хаалаах «Приматын» хостоон, табахтаан бурҕатан барар.

      Никандрдаах Сима сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһэллэр. Тыа сиригэр улааппыт, от-мас үлэтигэр эриллибит саха уолаттара чылыгырыайка диэн абыраллаах таҥаһы, түүрэ баайан, илдьэ кэлбиттэрэ. Киирэ-тахса сылдьымахтыыллар. Бириэмэ тоҕуһу эрэ ааһан эрэр да, таһырдьа хараҥарбыт, тугу да гыналлара суох. Чылыгырыайкаларын сыттанан, кэтэн кэлбит халтаҥ соннорунан саптан, утуйардыы сыталлар. Куорат уола Телятников чылыгырыайката суох, «молния» сомуоктаах мааны кууркалаах.

      – А я как? – диир кини бэрт уйаҕастык.

      – А ты модный, проживешь, – Гена Симаҕа имнэнэн кэбиһэр.

      – Бэйи, эрэйдээххэ сыттыкта таһаарыахха, – Слава чылыгарыайкатын туоратынан