Василий Яковлев

Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит


Скачать книгу

кэлин хаһан көрбүтүн, туох бэлиэ хамсаныылаахтарын, кини көрөрүгэр тугу гына сылдьар буолалларын эҥин сиһилии сураһан дэлби кэпсэтиннэрдэ. Онно сыһыаннаах урут бэйэтэ билбитин-көрбүтүн эмиэ кэпсээтэ.

      Киэһэни онон, ирэ-хоро кэпсэтэн, билбэккэ атаардылар. Көстөкүүн кырдьаҕас, сир ыраах, суол да куһаҕан диэн уонна төннөрүгэр үөлээннээҕин, бэйэтэ да моһуокка ылларбыт киһини, хос-хос түбүгүрдүмээри бэйэтин атынан кэлбитэ. Онон утуйалларыгар Микииппэр оҕонньор, икки аты илдьэн аһатан баран, таарыччы xoнoho утуйар таҥаһын кытта хааһахтаах малын кыбынан киллэрдэ. Xaahaxтaax малын кырдьаҕас ohox кэннигэр уурдарда. Утуйар таҥаһын сылыттаран, yҥa ороҥҥо кыл сөрүө үрдүгэр, дьиэлээхтэртэн эһэ тэллэх эбии уурдаран, сылаас, сымнаҕас таҥаска тиэрэ түстэ да, утуйан хаһыҥыраан хаалла.

* * *

      Сарсыныгар Ньахсаан ойуун, соччолоох кэпсэппэккэ-хайаабакка кэтэҕиттэн тардыстан баран, күннүктээн, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытан таҕыста. Таһырдьа кыһалҕатыгар эрэ иккитэ-хаста тахса сырытта.

      Киэһээҥҥи уот оттуллубутугар туран, уот иннигэр умса нөрүйэн баран, саҥата суох өөр аргынньахтаан олордо. Оҕонньордоох эмээхсин, хам-түм ботур-ботур тыл бырахсан ыла-ыла, бэйэлэрин түбүктэригэр сырыттылар.

      Тоҥ күөс быстыҥа бадахтаах олорон баран, ойуун биирдэ дьааһыйда. Онтон хос-хос дьааһый да дьааһый буолан киирэн барда. Онтун быыһыгар, сотору-сотору:

      – Ычча! – дии-дии, этин тартаран, дьигиһийбэхтээн ылаттаата.

      Ол олорон, соҕотохто өрө уһуураат, ыстанан турда да, икки илиитин даллаппытынан, ohox кэннигэр түһэн хаалла.

      Утаакы буолбата, кыырар таҥаһын-сабын кэтэн, дүҥүрүн тутан, дьүһүн-бодо бөҕө буолан, сирэйэ ханньастан, хараҕын үрүҥүнэн көрөн, баттаҕа бураллан ахан тахсыбат дуо!

      Таҕыста даҕаны, тохтоло суох кыыран илгистэн киирэн барда. Эмиэ даҕаны дэгэрэҥ ойон дьэргэстэннэ, сиргэ олоро түһэн лаҕырҕайдаата, сүһүөҕүн үрдүгэр сөһүргэстээтэ, олоппоско олорон умса булкулунна, эмиэ даҕаны уорҕатынан оонньоото, иэнинэн чиэстэннэ. Көҥдөй күөмэйин көхсүн иһиттэн лөҥкүнэтэн, кыаһаанын тыаһа кылырҕаамахтаан, дүҥүрэ лөҥ-лөҥ тыаһаамахтаан кыыран сахсылынна, кутуран куоҕайыктанна. Күлэн алларастаата, ытаан ньырылаата, ытырдан дырдырҕатта, сөтөллөн күпсүйбэхтээтэ, дьааһыйан аппаҥнаата. Ол быыһыгар суордуу кыламмахтаата, мохсоҕоллуу чаачыгыраамахтаата, өксөкү кыыл буолан чаҥырҕаамахтаата.

      Бастаан утаа үөрдэрин-сүүрүктэрин ыҥыртаан, абын-хомуһунун уккуйан, иччилэрин ааттаһан-көрдөһөн, көрүү көрүүлэнэн эрэрэ баара, ол икки ардыгар суол аанын тыырар, суонда хаан бэйэлээх суор кыыл буолан, суһуктуйар халлааҥҥа супту сурулаан таҕыста, онтон салгыы, моонньугар мойбордоох мохсоҕол кыыл буолан, кыырай халлааҥҥа кылыбырайа көтө турда, ол көтөн, сүүрэр атахтаахтар, көтөр кынаттаахтар айбыт аҕаларыгар, үҥэр таҥараларыгар, үрдүк сууттарыгар Үрдүк Айыы тойоҥҥо тиийэн, үҥcүү түһэрдэ, көрдөһүү киллэрдэ, ааттаһыы ааттаста. Анараа оҕонньор туох диэбитин, туох дьүүлү-дьүһүнү түһэрбитин уоһунан эппэтэ, «истэрбин