А. К. Никифорова

Сырдык курус


Скачать книгу

аргыстастылар. Аайа автобус күүтэ хаалла, оттон Лена, үрүҥ-хара горуох ойуулаах былаачыйата тыалга тэлимнээн, чэпчэкитик үктэнэн сатыы бара турда.

      Учебнай-лабораторнай корпус иккис этээһигэр истиэнэҕэ тэллэх саҕа испииһэккэ сочинение суруйбут оҕолор сыаналара тахсыбыт. Аайа араспаанньата бастакынан турарын булан ылла, сүрэҕэ кыл түгэнигэр тохтоон ылла – 5/4! «Һуу!» – кыыс чэпчэкитик өрө тыынна. Эппиттэрин курдук, өйтөн суруйуу кэнниттэн үгүс оҕо туораабыта. Аны история уонна омук тылын экзаменнара хааллылар. История, обществознание – Аайа сөбүлүүр предметтэрэ. Кыра кылааска сылдьан «Древняя история» учебнигын интэриэһиргээн эрдэттэн ааҕан кэбиһэрэ. Хайа баҕарар предмети үөрэнээччи ылынара-ылыммата учууталтан быһаччы тутулуктаах. Экзамеҥҥа бэлэмнэнэ сылдьан Аайа учууталларын элбэхтик санаата. История учебнигын ааҕа олорон Иван Петрович куолаһын бу баардыы истэн кэлэргэ дылы. История учуутала Иван Петрович кумааҕыта тойо суох эрчимнээхтик киирэн кэлэрэ, чочумча саҥата суох кылааһы эргиччи көрөн тура түһэн баран:

      – Записываем тему, – сөҥ куолаһынан быһыта биэрэн эрэр курдук саҥарара. Уһун дьылыгыр уҥуохтаах буолан, дуоскаҕа төҥкөйөн туран суруйара. Онтон оҕо эрэ кутун тардан кэпсээн барара… Учууталлара бэртээхэй да кэпсээнньит! Аайалаах кылаастарын кыргыттара бары «Анкета» диэн тэтэрээттээх буолааччылар, онно «Ханнык предмети ордук сөбүлүүгүн?» диэн ыйытыыга уоллуун-кыыстыын бары историяны бастакынан суруйаллара. Иван Петрович уруогун билбэт оҕолору күлүү-элэк оҥостор идэлээх буолааччы.

      – Көрүҥ эрэ, барбатах миин курдугунан көрөн турарын! Суох, суох, туох эрэ күлүм гынна ээ! Хайа?.. Ээ, доҕоттор, хараҕа улам өһөн барда, өһөн барда… – көннөрү сэмэлиирдээҕэр, кини ити ньымата оҕолорго ордук дьайара. Оҕолор, кылаас ортотугар күлүүгэ барымаары, бары историяҕа бэлэмнэнэн тиийэллэрэ.

      Аайа киэһэ хойут библиотекаттан тахсан, ыксаабакка дьиэтин диэки баран иһэр. Күнү быһа күн уотун сыралҕаныттан сылайбыт дьон сөрүүн түспүтүгэр таһырдьаны былдьаспыт курдуктар. Ленин проспегар толору киһи. Пааралар аа-дьуо дьаарбайа сылдьаллар. Үтүө да киэһэ! Кыыс историятын билиэттэрин барытын ааҕан бүтэрэн, сүргэтэ көтөҕүллэн ахан иһэр. Дойдубут историята дьо-һун даҕаны, Аҕа дойду сэриитигэр Ийэ дойдуну муҥура суох таптыыр норуот ити айылаах бэлэмнээх, сэбилэниилээх өстөөҕү кыайдаҕа, партия үлэтэ-хамнаһа дьэҥкэтэ, ситиһиитэ элбэҕэ, былаана киэҥэ. Кыыс Сэбиэскэй Сойуус кини дойдута буоларыттан улаханнык киэн тутта саныыр. Америкаҕа үлэтэ суохтар элбэхтэр даҕаны, хайдах бэйэлэрин дьонун үлэнэн-хамнаһынан хааччыйбаттарый, уонна өссө куруук Сэбиэскэй Сойууһу утары араас үлэни ыыталлар. Кини дойдутугар дьон бары тэҥ, киһи барыта үлэлээх-хамнастаах, аччыктааһын диэн суох, астаҥас дэлэй. Бары инникигэ эрэллээхпит, сотору Коммунистическай тутулга тиийиэхпит. Ол киһи аймах муҥутуур сайдыыта буолуоҕа. Кини Сэбиэскэй Сойууска төрөөбүтэ – дьоло!

      Бу курдук эргитэ саныы иһэн, Аайа Лераны көрсө түстэ. Омос көрөөт, баар-суох дьүөгэтин билбэтэ даҕаны.