Иван Тарабукин

Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт


Скачать книгу

биһиги хайдахпытын бэйэҕит көрөҕүт, ааппыт-суолбут суох, аҥаардас тылбыт эрэ ордон хаалбыт да, нууччалыы билэр киһи биһиги тугу кэпсэтэрбитин быһаарар. Итэҕэлбит да дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, биир сүнньэ суох. Тас дьүһүммүтүн этэ да барыллыбат, халлааннаах сир курдук араастаһар. Онон биһиги хомуур омук буоларбыт хараҕа да суох киһиэхэ көстөн турарын үрдүнэн, соҕурууттан кэлбит аҕыйах күтүөт сабыдыалын үрдүктүк тутабыт. Тылбытыгар аҕыйах тылы кыбыппыттарын иһин түүрдэрбит дэһэбит. Оттон түүр омуктара бары биир тылынан кэпсэтэн өйдөһөллөрүн билэҕит дуо? Итэҕэллэрэ эмиэ биир.

      – Чэ, Кэриспэндиэн, тыынна ыла түс, эн биһигини ити кэпсээҥҥинэн син биир итэҕэтиэҥ суоҕа, хаһыабыт да, оччонон бары аҥыы-аҥыы туойа сылдьар тойооскуларбыт. Холобура, мин ариецпын диэхпин сөп, онно хаптаҕай сирэйим эбиллэн, мэйиим икки чөмчөкөтө тэҥҥэ үлэлээн тиҥиргэтэ сылдьаллар диэҕим.

      – Хата, ону-маны сымыйаны анаарбакка, уолаттар барахсаттар, күннээҕи олохпутугар төннүөххэ, биһиги да уулуссабытыгар күн уота тыкта. Дьоро киэһэбитигэр ирэ-хоро, кэпсэтэ-ипсэтэ, күө-дьаа олорон аһыаххайыҥ.

      – Дьэ, бэрт аата бэрт! Аны наһаа тото аһаан ойох көрдөөн маска ыттыбат инибит?

      – Кырдьык даҕаны, маннык мааны астаах кэмҥэ тыһы кыычалаах киһи мааһа табыллыа эбит. Мааны Розалаах кэнники кэмҥэ көстүбэт буолан хааллылар. Хара Аанчыгы балыыһаҕа киирэн өлбүт диэбиттэрэ.

      – Тыый, Баллайбыт Аанчыгы этэҕин дуо?

      – Кинини, «Туймаада» маҕаһыын иннигэр умналыы сырыттаҕына, оскуола оҕолоро ааһан иһэн кэнниттэн хатыйан түһэрбиттэр, охторугар бүөрүн көтүрү түспүт үһү. Ааспыт ый саҥатыгар көрсүбүтүм, нэһиилэ өкчөҥнүү сылдьар буолбут этэ.

      – Эрэйдээҕи, Аанчык бэйэ киһитэ этэ, баардаах буоллаҕына атын дьахталлар курдук көҥөнөн көнчөҥнөөбөккө, үөннэммэккэ-күрдьэҕэлэммэккэ баары баарынан, суоҕу суоҕунан көнөтүнэн сылдьаахтыыра. Кинини кытта аһыы-сии сылдьан, атын дьахталларга курдук, сыстаҥнаабаккын, атаакалаабаккын, хайдах эрэ аймаҕыҥ эбэтэр балтыҥ курдук саныыгын.

      – Этэҕин ээ, олоҕор табыллыбакка төһө да ускул-тэскил сырыттар, судургута, көнөтө, туох да албына-көлдьүнэ суох, ис санаата үчүгэйэ бэрдэ. Кэргэнэ, оҕото хас да сыллааҕыта массыына саахалыгар өлбүттэр үһү. Улаханнык истэҕинэ наар ону ахтан, ытаан-соҥоон биэрээхтиирэ. Ол иһин аһыы олорон арыгыбытын киниттэн кистээн утуйбутун кэннэ иһэрбит. Өлүүтүн хайаан да ордорон сарсыарда иһэригэр уурарбыт. Ким да киниэхэ сыстаҥалыы, сарбаҥныы барбат буолара. Бэйэтэ да ити чааһыгар түһэн биэрбэт кытаанах киһи этэ. Буомус буолла да бүппүт киһи дии саныыллара буолуо да, барыта оннук буолбатах. Биллэн турар, сорох дьахталлар арыгылааххын, харчылааххын биллэллэр эрэ сыҥаланан сырса сылдьар буолааччылар. Хайа баҕарар дьиэ анныгар тиэрэ көтүөххэ сөп.

      – Хата, инньэ диэбиккэ дылы, биир эмэ бытааһаҕы көрсүбүт киһи бэрт буолуо этэ, – Күөх Харах ойон туран, илиилэрин сиэптэригэр уктан баран төттөрү-таары хааматалаата.

      – Бу киһи омунун. Сүүлүргээбит атыыр куоскаҕа