остуолга бэлэмнээбит аһын тыыта да соруммата. Аһаабыта аатыраары ириис хааһытын луосканан булкуйбута буола олордо.
– Тоҕо аһаабаккын? Күн ахсын дьүдьэйэн иһэҕин? – уол ийэтин саҥатыттан соһуйан, ходьох гынна.
– Аһыыбын дии… – Баанньыска мух-мах барда, луосканы толору хааһыны баһан ылан, сөбүлээбэтэр да, сиэн мотуйбута буолла. Онтон эмискэ сүрэҕэ эриллэн өҕүйүөх курдук буолбутуттан, айаҕын саба туттан, урукумуонньукка сүүрдэ. Аһаабатах буолан, кураанаҕынан өҕүйэн, сэниэтэ эстэн, остуолга умса түһэн олордо. Ийэтэ сүүһүн тутан көрдө. Кыраадыс аҕалан биэрбитин, «үчүгэйбин» диэн укта да соруммата.
Анна Петровна тулуйбата, олохтоох биэлсэр Антонина Лазаревнаҕа эрийэргэ сананан, төлөпүөн сыыппараларын күүс кэ баттыалаата. Ити кэмҥэ Баанньыска ийэтиттэн болҕомто ылан, ыалдьыбыкка холонон, хоһугар киирэн, суорҕанын эри – нэн сытынан кэбистэ. Ийэтэ киирэр-тахсар тыаһын истэ сытан бэҕэһээ табаарыс уолаттара дэриэбинэ арҕаа өттүгэр бы раҕыллыбыт эргэ дьиэҕэ «бардыбыт» диэбиттэригэр туох да кэтэх санаата суох барсыбыта. Дьиэ олбуоругар киирээт, табахтаан бурҕаҥнаппыттара.
– Баанньыска, маама оҕото, табах тардан боруобалыы илик кин дуо? – Сэмэнчик элэктиирдии туттар. – Оттон би һиги барытын боруобалаан, хайыы үйэ «кырдьаҕастар» диэн аатырбыппыт ыраатта.
– Ол аата хайдах? – Баанньыска тоһоҕолоон ыйытар.
– Мэ, боруобалаан көр, – Сэмэнчик кыҥначчы туттан олорон, сиэбиттэн «Прима» бөппүрүөскэни ылан уматан баран, уолга уунар. Баанньыска, саҥата суох, буруолуу сылдьар бөп пүрүөс кэни айаҕар уган, харса суох соппойон киирэн барабын диэн, чачайан сөтөллөн күпсүйдэ. Уолаттар күлсэн алларастастылар.
– Чэ, туох буолуой? Быраат, сыыйа үөрэнэн иһиэҥ. Москуба куорат биирдэ тутуллубатаҕа, – Миитээ, бииргэ үөрэнэр кылааһынньыга, көхсүн таптайбахтыыр.
– Сөп буолуо. Табаарыспытын табахтыырга сыыйа уһуйан иһиэхпит. Уол оҕо ат кулун буоллаҕыҥ. Хаһааҥҥыга диэри кыра оҕо курдук ньырамсыйа сылдьыаххыный! Табыллыбатар да бастакы хардыыны оҥордуҥ. Аны иккис хардыыҥ: били бытыылкабытын аҕалыҥ эрэ, – тойонноро Сэмэнчик, үчүгэй баҕайыны эппит киһи курдук, уолаттарын сирэйдэрин хардары-таары кэриччи көрөр. Ол аайы «табаарыстара» күлсэн өгдөрөҥнөһөллөр. Сэмэнчик оскуолаҕа сүгүн үөрэммэккэ, быйыл сайын тохсус кылааһынан бүппүтэ. Кылааһын салайааччыта оскуолатын бүтэртэрээри, сарсыарда оронуттан ороон туруорара, куһаҕан дьаллыкка буккуллубатар ханнык диэн, кэтээн-манаан аҕай биэрэрэ. Төрөппүттэрэ даҕаны үөрэ ҕи ылыа суох киһи, бүттүн, син-биир Биир кэлим эксээмэни кыайбат, Суоттутааҕы лиссиэйгэ киллэриэхпит диэн уолларын настройкалаан кэбиспиттэр этэ. «Тугу да хоҥоруутугар хоҥнорбот, «атааҕа» буортулаабыт оҕо» диэн улахан дьон кэп сэтэллэрин, оннооҕор Баанньыска элбэхтик истэрэ.
Миитээ, сорук-боллур уоллара, хараҥа дьүһүннээх водка бытыылкатын аҕалбытын уол дьулайа көрдө. «Арыгы» диэн санаа өйүгэр күлүм гынар.
– Амсай… – Сэмэнчик бытыылканы ууммутугар Баанньыска кэннинэн чинэриҥнээтэ. Туох буолар диэбиттии бары интэриэһиргээн, сирэйдэрэ-харахтара өрө туран, уолу төгү рүччү турунан кэбистилэр.
– Куттаныма. Арыгы буолбатах. Арыгыга тиийэ иликпит. Арыгы диэн дьаат буоллаҕа. Арыгыттан абыраммыт киһи суох. Биһиги оннукка тиийэр санаабыт суох. Бу баара-суоҕа… сыттыыгын эрэ. Чэ эрэ, ким урут бастаан боруобалыырый? – «буостара» уолаттарын соруйардыы көрүтэлиир. – Уйбаанчык, эн саҕалыыгын дуо? Эр киһи, уол оҕо бэрдэ буоллаҕыҥ. Атыттар бары куттанан, кутуйах уйатын кэҥэтэ олороллор. Һэ… һэ… Кус сүрэх дьон…
Уолаттар ортолоруттан, хара бараан уол хорсун баҕайытык туттан тахсан, бытыылканы эһэ тардан ылан, хаста да төхтүрүйэн, дуоһуйбуттуу муннунан сытырҕалаан баран, бытыылкатын аттыгар турар уолга куду аста. Бэйэтэ бэрт ку һаҕан сирэйдээх-харахтаах киһи төҥүргэс маска лаҕыччы олорунан кэбистэ.
– Оо, Уйбаанчык итирдэ. Төбөтүгэр таҕыста, – уолаттар күө-дьаа буоллулар.
– Чэ, аны Баанньыска уочарата. Сыттаа… Оскуола үлэһитин, учуутал оҕото, буолан аккаастанаҕын дуу? Оччоҕо куһа ҕан буолуо… – Сэмэнчик билигин да ыгарын-түүрэрин тохтоппот. Хайыы үйэ хараҕа дьэргэйбит Уйбаанчыгы көрө-көрө уолаттар араастаан ымаҥнаһа олордулар.
– Суох, мин сыттаабаппын… – уол кэннинэн чинэрийдэ.
– Сыттаа… Сыттаа диибин. Туох да буолуоҥ суоҕа. Ким да билбэт. Боруобалаан көр. Сөбүлээбэтэххинэ, тохтуоҥ буол лаҕа, – Сэмэнчик акылдьыйан туран кэлэн, уолга бытыылканы туттаран кэбистэ. Баанньыска бытыылканы ылан муннугар илдьэн иһэн төттөрү аста. Бэнсиин… Учуутала кылаас чааһыгар кэпсээбитэ. Токсикомания… Киһи мэйиитин урусхаллыыр, киһи психикатыгар дьайар диэбитэ. Маны сыттаатахпына… токсикоман буолабын. Ийэтин ытаабыт, кылааһын салайааччытын кыыһырбыт мөссүөннэрэ хараҕар элэҥнээтилэр… Уол титирэс илиитинэн бытыылканы боччоччу тутан туран муннугар илдьэн иһэн мүччү тутта. Бытыылка үлтү барар тыаһыттан уолаттар соһуйан ходьох гыннылар. Баанньыска улахан уолаттартан титирэстиэр диэри куттанна. «Билигин кырбыахтара, куотуохха» диэн санаан ылла. Кыыһыран, хараҕын үрүҥүнэн көрбүт Сэмэнчик ынан иһэрин көрөн, иннин хоту ыстанна. Аҕыйах атылы оҥороот, мутуктан иҥнэн охтон түстэ. Кыра уолаттар, соһуччу буолбут түгэнтэн үргэн,