Татьяна Находкина

Тыалынан киирбит холоругунан тахсар


Скачать книгу

– луур төрөппүт өссө суоҕа буолуо. Итини тэҥэ, бириэмэлэрин сатаан туһалаахтык аттаран туһаммат оҕолор тугу да гыналлара суох буолан, көлдьүргээн ыллараллара баар суол. Оннук оҕолор ахсааннарыгар, хомойуох иһин, Ваня эмиэ киирсэр. Тугунан эмэ дьарыктаныан наада. Былырыын төрдүс кылаас ка биир да куруһуокка киһилии дьарыктамматаҕа. Дуобаттыах курдук туттан иһэн, биирдэ кыайтараат тохтообута. Онтон саахыматынан дьарыгыран иһэн, ыараханыттан саллыбыта. Уопсайынан, Ваня көтүмэх, дьулуура суох, ылсыбыт дьыалаҕа баҕа наада. Оттон тустууга сылдьыан – ийэтэ кө- ҥүллээбэт. Быйыл хайдах буолар? – Альбина Егоровна, кы лаа һын салайааччыта, ыйытардыы көрөр.

      – Кэпсэтиэхпит, – уол ийэтэ ылбат-биэрбэт икки ардынан эппиэттиир. Уолун тустууга сырытыннарыан баҕарбат. Илии тин-атаҕын өлөрүө диэн куоһур туттар эрээри, сүрүн биричиинэтэ атынын бөһүөлэк дьоно үксүлэрэ да сэрэйэллэр. Ити барыта тустуу филиалын тириэньэриттэн тутулуктаах.

      Пётр Николаевичтыын оскуолаҕа сылдьан доҕордоспуттара. «Наһаа бэйэлэригэр барсар, кыраһыабай пааралар» диэн биир дойдулаахтара киэн тутта көрөллөрө. Хомойуох иһин, аҕыйах сыл буолаат, арахсан хаалбыттара. Дьон билэринэн, онтон ыла айах атан кэпсэппэт буолбуттар эрээри, Баанньысканы киһи барыта Пётр Николаевичка олус майгыннатар. Бэл, уол ийэтэ: «Дьэ, дьикти, Ваня Артемьев мин уолбун Бүөтүрү олох көрбүтүнэн төрөөбүт оҕо», – диэн соһуйар үһү. Иккиэн ити тиэмэҕэ кэпсэтэллэрин сөбүлээбэттэр. Анна уола тустуу сиэксийэтигэр дьарыктаныан олох баҕарбат, чугаһаппат даҕаны. Оттон Пётр уолаттары эккирэтиһэн сырытыннарар буоллаҕына, Баанньыскаҕа соччо чугаһаабат. Дьахталлар итиннэ туох эрэ баар диэн хобугунаһаллар да, иннин-кэннин кыайан быһаарбаттар. Тааллыбат таабырын буола сылдьар. Пётр аармыйаттан кэлэригэр атын улуус кыыһын кэргэн ылан, Баанньыскаттан аҕыйах сыл аҕа икки кыыстаах. Ханан да киһи күтүрүөх дьиэги киллэрбэттии, кэргэнинээн сүрдээх эйэлээхтик олороллор.

      – Чэ, бүттүбүт. Уолаттары кытта хонтуруолгутун өссө төгүл күүһүрдүҥ, – диэн оскуола дириэктэрэ мунньаҕын түргэн соҕустук түмүктээн, ханна эрэ барардыы оҥостубутун көрөн, бары дириэктэр хоһуттан тахсан бардылар.

      Анна уолун наһаа мөхпөккө-эппэккэ, тугунан эмэ дьарык тыырга быһаарынна. Сымыыт ыһаарылыы охсон, уолун ос туолга ыҥырда. Баанньыска буруйдаммыттыы туттан, ийэтин көрбөккө, аһаабыта буолан, омлетын тырыыппайдыы олордо.

      – Һыллы, олох кырдьыгынан эт эрэ. Бэнсиини сытырҕалаа бытыҥ дуо? – ийэтэ ньуолбардык ыйытар.

      – Суох… Бытыылканы сыттата биэрбиттэрин, алҕас мүччү туппутум.

      – Алҕас… Бэрт буоллаҕа дии. Аһыйаҕын дуо? Алдьаппыккар кыыһырбатахтара дуо?

      – Сэмэнчик кыыһырбыта. Ону Кириил көмүскэспитэ.

      – Ыаллыы олорор буолан, син суобаһырҕаан көмүскэстэҕэ дии. Киһилии быһыыланнаҕа. Сэмэнчиктээх Кириилгэ олох чугаһаама диэн эйиэхэ хаста эттим этэй?

      – Кириил үчүгэй ээ. Миигин наар көмүскэһээччи. Биһиги футболлуу сылдьыбыппыт. Ону тугу эрэ көрдөрөбүт