Татьяна Находкина

Таптал баар буолан


Скачать книгу

олох мин диэки хайыһан көрбөккө ааста. Чэ, баҕар, Нарыйа буоллун даҕаны, уруккуттан итинник, Машенькаттан соһуйдум, – Николай хап-хара хойуу хааһын сөбүлээбэтэҕинэ буоларыныы түрдэһиннэрэн, миинин иһэрин быыһыгар кэпсээтэ.

      – Машаҥ улааттаҕа дии, хайыы-үйэҕэ төрдүс кылааһы бүтэрэн эрэр. Эдьиийэ Нарыйа утары туруоран эрдэҕэ, – Нина саҥаран баран иһигэр кэмсинэ санаата, дьиҥинэн, кини баҕас кыттыһыа суохтааҕа, саҥарбакка истэн кэбистэҕинэ да тугуй?

      – Ол эн кыһалҕаҥ буолбатах, – Николай сэрэйбитин курдук сөбүлээбэтэҕин биллэрэн тэриэлкэтин антах аста уонна туран төрөппүттэрин көрө-көрө үөрэн-көтөн даллараҥныыр кыыһын көтөҕөн саалаҕа ааста. Телевизоры холбуур тыаһа иһилиннэ. Дьэ ити баар, төһө эмэ ыал буолалларыгар “бэйэм буруйдаахпын, дьоммунан, оҕолорбунан хаһан да сирэй-харах анньыам суоҕа” диэн элэ-была тылын этэн баран, кэлин наар кини буруйдаах курдук буолла. Маннык киҥ-татыа олохтоннохторуна, төһө уһуннук ыал буолан чэчирииллэр. Кэлин Сахаянушкалара эрэ холботолуур курдук. Эбиитин өссө арыгыны амтаһыйар буолла. Билиҥҥитэ дьонтон кистээн иһэр, сороҕор түүнү быһа сыппайар. Нэдиэлэҕэ хайаан да биирдэ-иккитэ холуочуйуор диэри иһэр, кэлин өссө ылларан иһиэ турдаҕа. Ону кини Коля аҕатыттан, атын дьонтон кистиир. Мааны ыал соҕотох уолларын олоҕун алдьаппыт кини аатырыа. Уолларын таптыыллара бэрдиттэн, бэл оҕолорун хаалларан, иккиһин дьиэ кэргэн тэриммитигэр саҥарбатахтара. Онтон барыта биллибитин кэннэ Анна Алексеевна киниэхэ кэлэ сылдьан эппитэ: “Киһигин хара маҥнайгыттан кытаанахтык тут. Үс оҕолоох сааһырбыт киһи диэтэххэ өйө-санаата ситэ илик эдэр киһи курдук уолҕамчы, атааҕа бэрт. Төрөппүттэригэр соҕотох маанылаах оҕо буолан, күннээххэ дьиэтиттэн быкпатах, тыаллаахха таһырдьа тахсыбатах киһи. Миэхэ улахан оҕом курдук сылдьыбыта. Эйигин таптаатым диэн барда, онон баҕар уларыйыаҕа. Эр киһини дьахтар эрэ тапталынан дьиэҕэр туппат эбиккин. Миэхэ олорбутун курдук бэлэм олоҕу эйигиттэн эрэйбэтэҕинэ үчүгэйдик олоруоххут. Оттон урукку олоҕун суохтаатаҕына, бырастыы гын, киһи аатыттан ааһыаҕа, – диэбитэ. Итинэн тугу эппитэ буолла? Ити Анна Алексеевналыын бастакы уонна бүтэһик кэпсэтиилэрэ этэ. Онтон ыла дорооболоспоттор даҕаны.

      Нина иһитин хомуйа охсон үлэтигэр бараары хомуна турдаҕына, Николай саалаттан сыбдыйан таҕыста.

      – Ханна да барбат инигин? Бүгүн хойутуурум буолуо, биир саастарыгар диэри оҕолордоох ыалларбар сылдьардаахпын, – Нина кыысчаан утуйбут быһыылаах диэн сибигинэйэн ыйытта.

      – Сахаянушка утуйда. Бүгүн барарым суох. Аҕабар сылдьаар эрэ, сыта мээрик буолбут, ыарытыйар быһыылаах.

      – Сөп, – Нина чаһыыта хайыы-үйэ икки чааһы ааһан эрэрин көрөн, ыксыы быһыытыйда, түргэн хаамыынан ааны былдьаста. Тахсан истэҕинэ, Николай хаһыытаан хаалла:

      – Ылаар эрэ, биири…

      Нина истибэтэх курдук туттан, аанын “лип” гына ыга сабан тахсан барда.

      Коля үлэ уруогун учуутала этэ, икки сыллааҕыта үлэтиттэн тохтообута, оҕолорун