духуобунай семинарияҕа төрдүс кылааска сүрүн ыарыылары быһаарарга, норуодунай эмтиир ньымалары үөрэтэр буолбуттара. Үөрэҕи бүтэрэн тыа сиригэр үлэлии барар дьоҥҥо аптечка булуналларын ирдииллэрэ. Сотору кэминэн үөрэх министиэристибэтин чиновниктара духуобунай үөрэҕи бүтэрбиттэр нэһилиэнньэҕэ туһалара суоҕун өйдөөн, программаттан уһулбуттара. Саха ойууннара, отоһуттара көҥүлэ да суох буоллар эмтээн төһөлөөх киһини өлөртөн быыһаабыттара буолуой. Саха ойууннара айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах дьон биһиги киэҥ дойдубутугар төрөөн-үөскээн аастахтара.
Сахалар ойууннары икки көрүҥҥэ араараллар: Айыы ойууна (үрүҥ ойуун), айыы ойууна үтүө санаанан салайтаран Үрдүкү Айыылары кытта сибээһи олохтуур аналлаах. Үрүҥ ойуун хаһан да киһиэхэ куһаҕаны оҥорбот, таҥастаммат, дүҥүрдэммэт, Үрүҥ Аар Тойонтон өрүү көрдөһөр. Холобур, оҕоломмот дьахтар уол оҕо көрдөстөҕүнэ, Үрүҥ Аар Тойоҥҥо сиэртибэ диэн тугу да көрдөөбөккө, Маҥан Сылгылаахха эбэтэр Иэйэхсит хотуҥҥа дьаһал биэрэр. Маҥан Сылгылаах уолаттара сиргэ түһэн дьээбэлэнэллэр, эдэр кыргыттары тыыталлар, дьахталлары иирдэллэр. Ити түбэлтэҕэ кинилэри сиэмэх (абааһы) ойууна кыайыан, үүртэлиэн эрэ сөп. Үрүҥ ойуун сиргэнэн Маҥан Сылгылаах уолаттарыгар чугаһаабат. Маныаха абааһы ойууна хараҥа күүстэри кытта сибээстээх буолан, кинилэри төттөрү үүрэр эбит.
Сахаларга ойууннааһын сайдыытын туһунан сурукка киллэрии ХIХ үйэ ортотуттан саҕаламмыта. Урукку өттүгэр биирдиилээн учуонайдар үлэлэригэр көрөбүт. 1917 с. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ иннинэ тахсыбыт А.И. Муравьев-Апостол, В.Ф. Трощанскай, Р. Маак, Т.Ф. Миллер, В.Л. Серошевскай, И.А. Худяков, П.Л. Драверт үлэлэлэрэ биллэллэр. Бу учуонайдар Саха сиригэр ойууннааһын туһунан чинчийиилэрин үөрэтэн баран, биһиги кэммит улуу эмчитэ, ойууна В.А. Кондаков бу суруйуулар элбэх токурутуулардаахтарын, саха тылын билбэт буолан, элбэх сыыһа өйдөбүллээхтэрин, эбиитин бу дьон бэйэлэрэ ойууннааһын эйгэтин букатын билбэт, адьас ыраах турар дьон этилэр диэн сыаналаабыта.
В.Л. Серошевскай, Г.В. Ксенофонтов, Г.А. Попов ойууннары үс араҥаҕа араараллар: үрдүкү айдарыылаахтарга, орто баайыылаахтарга уонна кыра ойууннарга. Ойууннар бары кэриэтэ гипноһу кэмигэр сатаан тутталларынан уратылаахтар. Ойуун турукка киирэрин туһунан Сибиир ойууннарын үөрэппит В.М. Кандыба маннык түмүгү оҥорбут: «Наши личные исследования шаманизма в Сибири показали, что настоящий шаманизм – это явление, которое совершенно никем еще профессионально не изучено, так как ни один исследователь не знаком с трансовой наукой и феномологией, поэтому все прежние исследования совершенно дилетанские описания событий, сущность которых неизвестна. Мы абсолютно уверены, что понять, объяснить загадку шаманизма может только в области транса». Кандыба саха ойууннарын үрдүк таһымҥа туруорар.
Саха сиригэр ойууннааһыны В.А. Кондаков кэнниттэн К.Д. Уткин, Е.Н. Романова, У.А. Винокурова, Р.И. Бравина, В.Е. Васильев үөрэттилэр, кинилэр үлэлэрин ааҕааччы сэҥээрэн көрүстэ. Бу чинчийээччилэр сахаларга ойууннааһын түҥ былыр үөскээбитин билинэллэр.