үөһү иитэллэригэр ол улахан көмөлөөх. Өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин норуот күн бүгүнүгэр диэри, өссө ордук байытан, кэҥэтэн, тупсаран, илдьэ сылдьар. Билигин даҕаны тыа сирин олохтооҕо күн-дьыл инникитин хайдах буоларын кэтээн көрөр уонна сылыктыыр. Онуоха сөп түбэһиннэрэн күннээҕи үлэтин-хамнаһын тэринэр, отун-маһын оттуур, бурдугун хомуйар, сүөһүтүн-сылгытын көрөр.
Былыр күнү-дьылы билгэлиир ытык кырдьаҕастар бэрт элбэхтэрэ. Дьылдьыттар күн, ый, үргэл, чолбон, атын даҕаны сулустар дьыл туһааннаах кэмигэр хайдах балаһыанньаҕа түбэһэллэринэн, айылҕа тиллиитинэн, эбэтэр кэхтиитинэн, көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах, араас бытархай үөн-көйүүр быһыытынан-майгытынан, ол кэннэ киһи бэйэтин ис туругунан күн-дьыл хайдах буолуохтааҕын туһунан эрдэттэн билэллэрэ.
Күнү-дьылы билгэлээһин тыа сирин олохтоохторугар олус улахан туһалаах. Саха былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри от оттоон, сүөһү ииттэн, бурдук ыһан, сир үлэтинэн дьарыктанан олорор омук. Кырдьыга даҕаны, сахалар уһун тымныы тыыннаах уһук хотугу сиргэ аан маҥнайгынан сүөһү иитэн, сири оҥорон, бурдук ыһан, оҕуруот аһын олордон киһи аймах иннигэр улахан историческай өҥөлөөхтөр. Саха киһитэ кылгас сайыҥҥа, уһун кыһыҥҥа суоттанан оту оттуура, бурдугу ыһара, дьиэтин-уотун хаһаайыстыбатын тэринэрэ. Ф. Энгельс «Сүөһү ииттэр, сири оҥостор бары норуоттарга астрономия хайаатар даҕаны наадалаах» диэн суруйбуттааҕа. Ити сахалар олохторугар быһаччы сыһыаннаах. Ол курдук от, бурдук үүнүүтэ күн-дьыл, айылҕа туругуттан улахан тутулуктаах.
Сахалар хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын, чуо-лаан хайдах кыһын уонна сайын кэлиэхтээҕин, ону ааһан эһиилги дьыл туһунан эрдэттэн билгэлииллэрэ. Ол иһин кинилэр күнү-дьылы мэлдьитин кэтээн көрөллөрө, сылыктыыллара. Ордук күн, ый уонна сулустар уларыйыыларын кэтииллэрэ. Итинэн көрөн хамсыыр-харамайдар олохторо, сырыылара, майгылара-сигилилэрэ хайдах уларыйарын, күһүн, саас хаһан айанныылларын, кыстыкка киирэллэрин туһунан балачча үчүгэйдик билэллэрэ. Онон хаһан ардах, хаар түһэрин, тыал-куус буоларын, куйаас, кураан күннэр кэлиэхтээхтэрин туһунан билэллэрэ, күн-дьыл уларыйыытын таба таайаллара.
Күнү-дьылы билгэлээччилэр бүгүҥҥү, эбэтэр сарсыҥҥы күн хайдах буолуохтааҕынан муҥурдамматтар. Өр кэмнээх күнү-дьылы сабаҕалааһыны эмиэ оҥороллор. Ол эрээри дьон, ордук тыа сирин олохтоохторо, бүгүн хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын билэргэ кыһаналлар. Киһи барыта сарсыардааҥҥы сонуну, күн-дьыл туһунан сылыктааһыны көтүппэккэ истэр. Онон сирдэтэн кинилэр күннээҕи үлэлэрин-хамнастарын тэринэллэр. Ити сөптөөх суол. Ол эрэн ити сылыктааһыннар олус киэҥ сири хабаллар, онон сороҕор сыыстарыахтарын сөп. Оттон хамсыыр-харамай уонна үүнээйилэр олохторунан-дьаһахтарынан билгэлээһин үксүгэр олохтоох сир усулуобуйатыгар сыһыаннаах, онон тулалыыр эйгэ туругун, уларыйыытын сөпкө тойонноотоххо, чугастааҕы кэмҥэ хайдах күн-дьыл буоларын туһунан таба этиэххэ сөп.
Норуот былыр-былыргыттан күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ мунньуммут үтүө үгэстэрин билэргэ дьон тардыһыыта билиҥҥи кэмҥэ улаатан иһэр. Ол кинилэр үлэлиир үлэлэригэр-хамнастарыгар улахан суолталаах, ордук моряктарга, летчиктарга, суоппардарга, булчуттарга, тыа сирин олохтоохторугар быһаччы көмөлөөх. Ону тэҥэ уоппускатын кэмигэр айылҕаҕа сынньана, күүлэйдии, бултуу, отоннуу тахсыбыт куорат олохтооҕо бүгүҥҥү күн хайдах буоларын билэрэ эмиэ наадалаах.
Саха оҕото бэрт кыра сааһыттан айылҕаны кытары алтыһан улаатар, кини кэрэтиттэн дуоһуйан, айылҕаны харыстыыр буола улаатарыгар күнү-дьылы билгэлии үөрэнэрэ бэрт улахан суолталаах. Онон кыра эрдэҕиттэн үүнээйилэр, кыыллар, көтөрдөр уонна да атын харамайдар олохторун билэ, бэйэтин олоҕор туһана үөрэниэн наада. Ол иһин төрөппүттэр, аҕа саастаах дьон оҕолорун бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан күн-дьыл уларыйыытын билэргэ дьарыктыахтарын сөп. Оччоҕо оҕолор иннилэригэр айылҕа араас кистэлэҥэ арыллыаҕа. Хамсыыр-харамайдар уонна үүнээйилэр олохторун туһунан урут билбэтэхтэрин билиэхтэрэ, көрбөтөхтөрүн көрүөхтэрэ. Устунан айылҕаны таптыырга, кини кэрэтинэн толору дуоһуйарга үөрэниэхтэрэ, тулалыыр эйгэлэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга тардыһыахтара уонна онно дьулуһуохтара.
Айылҕа бастыҥ учуутал диэн кырдьаҕастар этэллэр. Ол кырдьык. Оҕо айылҕа үөһүгэр сылдьан, кинини бэйэтин билэр-көрөр, араас кистэлэҥин арыйар эрэ буолбатах, ону ааһан өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдар, чэбдигирэр, күүһүрэр-уоҕурар, айылҕаны таптыырга уонна харыстыырга уһуйуллар, иитиллэр. Оннук киһи атын дьоҥҥо ытыктабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар, күүс-уох өттүнэн мээнэ өттөйбөт, киһиэхэ сутуругун көтөхпөт буола улаатара саарбаҕа суох. Оттон өй-санаа өттүнэн баай, билиигэ-көрүүгэ тардыһара түгэҕэ биллибэт дириҥ, эт-хаан өттүнэн доруобай, күүстээх-уохтаах, бэйэтин кыанар киһи, этэргэ дылы, уол оҕо, ат кулун буола улаатар.
Дьэ ити иһин бу кинигэни, аҥаардас отчут-масчыт дьоҥҥо, булчуттарга, балыксыттарга эрэ анаан буолбакка, төрөппүттэргэ, оскуола оҕолоругар барыларыгар анаан суруйабын. Бу кинигэни бэрт кичэллээхтик остуолларыгар уура сылдьан күнүдьылы билгэлээһиҥҥэ туһана туралларыгар баҕарабын. Ол да иһин тус бэйэм оҕо эрдэхпиттэн кэтээн көрүүбүнэн уонна кырдьаҕастары кытары сэһэргэһэн хомуйбут билгэлээһиннэрбинэн муҥурдамматым. Элбэх ахсааннаах научнай-популярнай литератураны туһанан суруйдум.