Группа авторов

Саха саарына Тэрис


Скачать книгу

киһи биологическай программаттан дьиҥнээхтик «тэйэ быһыытыйыыта» баара-суоҕа 400-чэкэ сыл курдук дииллэр. Киһи айылҕаттан тутулуга суох курдук сананыыта, тус кыаҕын билинэ быһыытыйыыта, бэйэтин айылҕа муҥутуур хаһаайынын курдук сананыыта итиччэ кэм уһуннаах.

      Оннугун оннук эрээри, социум урукку олоҕу өй-санаа күлүгэ оҥорон, айылҕаны кытта өр кэмнээх «охсуһуутун» түмүгэр социальнай догмалаах эрдэтээҥҥи улахан религиялар үөскээбиттэрэ, чуолаан, христианство, ислам. Ити религияларга киһи олоҕун соро-муҥа, ол кэмнээҕи кыһалҕата туохтааҕар да ордук чорботуллар. Ону хос ырыҥалаан, урукку кириттэн-дьайыттан ыраастаан, саҥалыы таҥан, бүгүҥҥү тыыннаах олоххо өй-санаа күлүгэ – Таҥара гына иҥэрии социальнай-гуманитарнай программа биир сүрүн ис хоһооно буолбута.

      Буолан ааспыт олоҕу өй-санаа күлүгэр кубулутуу уонна ол күлүк иһигэр тыыннаах олоҕу олоро сатааһын икки тыһыынча сыл тухары киһи аймахха ыарахан психологическай эксперимент быһыытынан салҕана турар.    Маныаха өлүү культун үөскэтии, онно үҥүү-сүктүү – бу религиялар халбаҥнаабат догмалара. Киһи өллөҕүнэ эрэ үчүгэйдэтэр. Тыыннааҕын тухары эрэйи-кыһалҕаны кэтиэхтээх диэн өйдөбүл итиннэ чиҥник иҥэн сылдьар.

      Киһи аймах баһыйар өттө түҥ үйэлэртэн маннык догмаҕа хото охтор. Дэлэҕэ даҕаны, Кытай былыргы бөлүһүөктэрэ олоҕу олорууну уруккуга төннүү, ону хатылыы сатааһын диэхтэрэ дуо?! Киһи аймах «хараҕа наар кэннигэр», өрүү ааспыты кэтэнэр-мананар диэн өйдөбүл олохсуйбут. Оттон тыыннаах буолуу муҥура биллибэт ис кыаҕын бэйэҕэ арыйа сатыыр дьоҕур быстар мөлтөх. Ити да иһин тыыннааҕы, чэгиэни харыстааһын, кэлэр кэмтэн, бүгүҥҥү тыыннаах эйгэттэн үчүгэйи күүтүү, онно эрэнии суоҕун тэҥэ. Бу да иһин, күҥҥэ хайыһан, уокка сүгүрүйэн иччини – билиҥҥи кэми, Айыыны – кэлэр кэми уруйдууру-айхаллыыры ис-иһиттэн сөбүлээбэт майгы аһара күүстээх. Ол оннугар дьиэни-уоту арҕаанан ааннаан, күн сырдыга киирэр өттүн бүтэйдии бүөлээн, былыр үйэҕэ өлбүттэри таҥара оҥостуу, олор кэптэрин киһи аайы кэтэрдэ сатааһын, сырдыгы сыһыарбат гына кириэс анньыы – бу саамай биһирэнэр өй-санаа. Куораттар, болуоссаттар, уулуссалар, алаастар түөрэ кэриэтэ таҥаралаабыттар ааттарынан ааттанан, кинилэри тилиннэрэ сатыыр үрдүк аналлаахтара кими да дьиксиннэрбэт. Төттөрүтүн астыннарар, дуоһутар диэххэ сөп.

      Тыыннаахтан, илэ баар күн сырдыгыттан үтүөнү эрэйэр адьас куһаҕан, ону ааһан кутталлаах дииллэр. Бу оннугар уруккуну, күн сиригэр суох буолбуту сырдык ыра оҥостуу, онно үҥүү-сүктүү кинилэргэ муҥутуур абыраллаах. Бу да иһин бүгүн илэ баары барытын имири сотор, «Кыһыл кинигэҕэ» киллэрэн, сүтэрэ охсор баҕа олус күүстээх. Урукку өттүгэр итинник оҥоһуулаах социальнай система биирдиилээн киһи айылҕаттан айдарыытын суох гынаары сору-муҥу кэтэрдэр, эрэйдээн өлөрөр эбит буоллаҕына, аны айылҕа дириҥ ис күүһүн баһылыырга баламаттык турунна.

      Киһини оҕо сааһыттан кэлтэйдии өлүү культаах социальнай программаҕа хааччахтаан иитии-үөрэтии түмүгэр сабыылаах генетическэй информация,