баттатан, тиритэ-хорута сыттым. Дьөгүөр туран оһоҕун оттубутугар, дьэ уһугуннум. Оҕонньорум сирэйэ-хараҕа турбут, үөрбүт-көппүт.
«Дьэ, уолаттар, түүл-бит үчүгэй, түһээн нуучча дьахтарын таптаатым. Аата, буута кылбайан маҥана сүрдээх», – диэн кэпсээтэ. Түүнү быһа баттаппыт киһиэхэ ити толоостук иһилиннэ, кулгааҕым таһынан аһардым. Дьөгүөрүм түүлүн истэ сытан, испэр кыһыйа санаатым: «Сороҕу түүн аайы утуппакка эрэйдииллэр, сороххо маҥан бууттаах нуучча дьахтара көстөр. Хаһан миэхэ минньигэс түүллэр көстөллөр. Дьэ, киэһэ бултуйбатахпына, маҥан бууттаах дьахтарын санатарым буолуо».
Өл хабаат, сып-сап хомунан, аттарбытын ыҥыырдан, оҕонньорбут ыйбыт сиригэр алыыны өрө батан бардыбыт. Биһиги хоммут тыабыт дьиэтиттэн тэйээт, кэпсээммитин тоҕо тардан кэбистибит. Күлсүү-салсыы, кэпсээн-ипсээн бөҕө. Сынньана сылдьар дьон курдукпут. Син балайда өр хаамтаран биир улахан алыыга кэллибит. Биһиги саҥабытыттан тэһииргээн, икки улахан аарыма тайах алыы уҥуор өттүттэн ойон күн уотугар хара өҥнөрө килэбэчийэн, биһиги барыахтаах үрүйэбитинэн аргыый таҕыстылар. Дьэ ону көрөн биһиги өрө булумахтана түстүбүт.
Уолум тайахтары эккирэтээри санаммытыгар, сарсыардааҥҥы кыһыыбын таһааран: «Нуучча дьахтардаах оҕонньордоохпут, үөһээттэн куйаар нөҥүө көрөн иһэрэ буолуо. Ыксаама, биһиги аргыый баран иһиэххэ», – диэтим.
Ол курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ алыыны туораан тайахтар тахсыбыт үрүйэлэрин ортолоон истэхпитинэ, иннибитигэр саа тыаһа хаста да өрө хабылла түстэ.
Уолум дьиктиргээбит куолаһынан: «Ити кимнээх ыттылар, бу ыраах түҥ тыаҕа дьон баар эбит дуу?» – диэтэ.
Онуоха мин: «Ити биһиги киһибит ытта, иннибитигэр хайдах урутаан тиийэн ыппытын билбэппин. Куйаары кытта кэпсэтэр киһи хайдах баҕарар тиийиэҕэ», – диэн Дьөгүөр истибэтигэр күллүм.
Оччолорго, урукку дьон сиэринэн, кырдьаҕастан толлобун, утары тугу да саҥарбаппын. Эгэ күлүөм дуо, суох буоллаҕа дии, истибэтигэр эрэ тосту-туора тыллаһабын. Балайда хаамтаран тиийбиппит: киһибит тоҕус салаа муостаах хара өҥнөөх аарыма буур үрдүгэр бэрт холкутук табахтыы олорор. Дьөгүөр бултаабытын көрөн мах бэрдэрдим, хомуруйуох буолбут санаам күдэҥҥэ көттө, киһим түүлүттэн саллан, сүр баттатан, саҥата-иҥэтэ суох турдум. Улахан булчуттар, айылҕа оҕолоро түүллээх буолалларын онно дьэ оройдоппутум.
Онтон ыла сарсыарда уһуктаат да, түүлү ырытар идэлэммитим. Аар тайҕа таайыллыбатах дьикти күүстэрэ тугу этэллэрин билэ сатыыр буолбутум. Сороҕор хас да түүн түүлгэ таайтаран этэ, сэрэтэ сатыылларын куҥ эт дьон сэрэйбэппит. Бэйэбитин наһаа сайдыбыт курдук сананан, аанньа ахтыбаппыт, түүлбүтүн сатаан тойоннообоппут. Былыр үйэлэрин тухары аар тайҕаҕа олорбут, сиэри-туому тутуспут булчут өбүгэлэрбит туох буоларын курдат билэллэр үһү. Ол иһин төһөлөөх элбэх моһолу этэҥҥэ туораан үйэлэрин моҥууллара буолуой. Былыргылар унньуктаах уһун күҥҥэ киһини түөрт уон түөрт моһол күүтэр диэн этэллэрэ. Аныгы дьон сиэри-туому тутуспакка, сэрэммэккэ-сэрбэммэккэ, ууну-уоту ортотунан сылдьабыт. Улахан булду аанньа ахтан киһилии бултаабакка,