баҕарабын. Уруһуйдуом этэ…
– Эн түбэспит иэдээҥҥин манна ким да билбэт эбит. Фейсбукка дьүөгэлэриҥ ыыппыт кутурҕаннарын алҕас ааҕан эрэ баран биллим. Бэйэҥ тугу да кэпсээбэт, барытын искэр тута сылдьар киһи эбиккин. Ол эмиэ сыыһа. Эн туох иһин кэлэктииптээххиний, дьүөгэлэрдээххиний?
– Эһиэхэ саҥа үлэлээн эрэбин дии.
– Кэлэктиипкэ киирдиҥ да, бары биир уопсай дьыала туһугар сылдьабыт. Чэ, ити хааллын! Хас күнү көрдүүгүн?
– Биир нэдиэлэни.
– Уһун эбит. Оттон ол үүтээҥҥэр тугунан тиийэҕин, көлөлөөххµн дуо?
– Билиҥҥитэ суох. Наада буоллаҕына, сатыы да тиийиэхпин сөп. Оҕо эрдэхпиттэн орох тэппит сирим.
– Дьиибэ эбит! – Герман Герасимович мунаардаҕына куруук туттар тылын ыһыгынна. – Чэ, сайабылыанньаҕын суруй, көҥүллүүбүн.
– Махтал. Эн үтүө санаалаах киһи буоларгын билэр этим! – кыыс тойонугар махтанна.
Герман Герасимович кэрэчээн үлэһитэ тахсыбытын кэннэ халандаарын илиитигэр ылла уонна быйылгы уоппускатыттан хас күн хаалбытын аахта. «Какое совпадение, ровно одна неделя!» – кыырыктыйа илик баттахтаах, сирэйэ улаханнык мыччыста илик, билигин да дьахтар аймах ымсыыра көрөр Германнара ытыстарын суураланна. Туораттан, баҕар, ким эрэ омнуолуу көрүө эбитэ буолуо да, бүгүн кини эдэрдии эрчимирбитин, сүрэҕэ күүскэ тэбэн ылбытын хантан сэрэйиэхтэрэ баарай?
Герман бу күннэргэ ааспыт олоҕун, Викатынаан хайдах билсибитин, аймахтарыгар хайдах билиһиннэрбитин киинэ лиэнтэтин курдук көрөр буолла.
Оҕо эрдэҕинэ киэҥ-куоҥ тиэргэннэригэр бииргэ сµµрэкэлиир уолаттара бары кэриэтэ мас оонньуурдаах буолаллара. Ким эрэ бэстилиэттээх, ким эрэ арагаайкалаах, ким эрэ улахан саалаах кэлэн, биир-икки күҥҥэ болдьохтоон атастаһаллара. Барыларын оонньуурдарын аҕалара оҥорбут буолара. Аҕалара өссө тугу оҥорбутун, хайдах оонньуурга үөрэппитин былдьасыһа-былдьасыһа кэпсииллэрэ. Дьэ, итинник түгэннэр кэннилэриттэн Германнаах дьиэлэригэр аҕа диэн киһи тоҕо суоҕун толкуйдуу сатыыр буолбута. Ийэтиттэн ыйытыан толлоро. Эбэлээх эһэтэ да киниэхэ улаханнык ымманыйбат этилэр. Санаатыгар эбитэ дуу, эбэтэ кини ийэтин өрүү кэнниттэн кынчарыйа көрөрө уонна өйдөөбөт тылларынан мөҕүттэрэ.
Уол улаатан истэҕин аайы бэйэтигэр бүгэн, биир тэҥнээхтэрин кытта улаханнык алтыспат буолан испитэ. Ийэтэ ыарытыйара элбээн, сотору-сотору балыыһаҕа киирээхтиирэ. Оччоҕо уол бэйэлээх бэйэтин дьиэтигэр муммут кус оҕотун курдук буола түһэрэ.
Биирдэ ийэтэ Агааппыйа эмиэ улаханнык ыалдьыбытыгар бөртөлүөт кэлэн, улуус балыыһатыгар илдьибитэ. Оччолорго кыра дэриэбинэҕэ көтөр аал кэлэн түһэрэ сэдэх буолара. Бытырыыс уолаттар-кыргыттар, оскуолаларыгар тиийбэккэ, бөртөлүөт түспүт сиригэр сүүрбүттэрэ. Герман эмиэ кэннилэриттэн элэстэммитэ. Арай чугаһаабатыгар, биир оҕо: «Герман, эн ийэҕин илдьэн эрэллэр!» – диэбитигэр уол бүтүннүү тымныы уунан ыстарбыт курдук буола түспүтэ. Улахан дьон төһө да бопсо сатааталлар, уол наһыылкаҕа сытар ийэтигэр тиийбитэ уонна, кыбыстар диэни умнан, марылаччы