Группа авторов

Илэ барбыттар


Скачать книгу

баҕайытай?» – диэн, хат эргиллибит, тулатын көрбүт, иhиллээбит…

      Арай, өйдөөн көрбүтэ, саатын куруогар талах мутуга иилистибит, саатын уоhа бүөргэ анньан турар эбит, кыратык өссө күүскэ тартахха – ытар. Онно саллыы бөҕөнү саллыбыт, саатын айаҕын туора хайыһыннаран, куруогун мутуктан устубут. Көстүбэт киhи ыҥырбатаҕа буоллар, сискэ быhа ытыллан быстахха былдьаныа эбит. Бэйэтэ этэринэн, үчүгэйдик билэр куолаһа үһү.

      Сэрэйдэххэ, Иэйэхситэ буолуо… Киhи барыта төрүөҕүттэн Иэйэхситтээх, сороҕор кинини кэлэтиэххэ сөп диэн дьон кэпсээччи.

* * *

      Биирдэ дойдубар кустуу сылдьан, киэһэ хараҥаҕа дьиэлээн иһэн, ардахха баттаттым. Өтөх балаҕаҥҥа киирэн, ардах хаһан астарын кэтэһэн олордум. Ол олорон утуктаан бардым…

      Арай балаҕан эркинэ суох өттүнэн ийэм бокуонньук киирэн кэллэ. Халлаан халлан, ийэм сирэйэ ырылхайдык көһүннэ. Ытаабыт. Иһирдьэ киирэн миигин көрөн турда. «Өлөн баран эмиэ тоҕо кэллиҥ? Бар мантан», – диэтим. Онтон туох эрэ тыастан уһуктан кэллим. Халлаан сырдыа баара дуо, өссө эбии ыаһырбыт, ардах өссө күүһүрбүт. Мин «туох дьикти түүлүн көрдүм» диэн ырытан, олорбохтуу түһэн баран, ийэм туохтан эрэ сэрэттэ быһыылаах диэммин, саабын, сүгэһэрбин ылан балаҕантан тахсан, аҕыйахта хардыылааппын кытта, кэннибэр сүрдээх улахан хачыгыр-кучугур тыас тыаһаата, туох эрэ сүр күүскэ сууллан түстэ. Мин «абааһылара бу буоллаҕа» дии санаат, инним диэки түһүнэн кэбистим. Кэлин көрбүтүм, мин олорбут сирим үрдүнэн балаҕан өһүөтэ тостон, сууллан түспүт этэ. Былыргы балаҕан даҥа, омуннаатахха, миэтэрэ аҥаара баар буолуохтаах. Ол баттаабыта буоллар миигин өлөрөр этэ. Ону сэрэтэн ийэм эрэйдээх көстөөхтөөбүт эбит.

* * *

      Ийэм оҕо сылдьан сайын аайы звенолары кытта дэриэбинэттэн ыраах сиргэ оттоһо барсара үһү.

      Биир күһүн отторун бүтэрэн, «чэ, мин бардым» диэн, дэриэбинэ диэки бэйэтэ хаама турбут. Ийэм куттаһа суох буолан, соҕотох төннөрүгэр кыһаллыбатах, эбиитин, мэлдьи сылдьар сирэ буоллаҕа.

      Быһалыы бараары ойуур быыһынан киирбит. Биирдэ өйдөммүтэ халлаан хараҥаран хаалбыт, баран иһэр ыллык суолун сүтэрэн кэбиспит. «Иэдээн, муннум!» – дии санаабыт. Ол да буоллар, санаатын түһэрбэккэ, салгыы айаннаабыт.

      Арай баран истэҕинэ үрдүгэр туох эрэ сырдык тыкпыт. Эмискэ буолбакка, хайдах эрэ куттуон баҕарбат курдук, сыыйа сырдаабыт. Тула сылаас салгын илгийбит, ийэм ол кэннэ эрэх-турах санаммыт. Сырдык кини кэтэҕиттэн суолу сирдиирдии тыгар үһү, ол тухары кэннин хайыһан көрөр санаа отой киирбэтэх. Сотору соҕус ыллык суолугар тахсан кэлбит. Дэриэбинэҕэ тиийэрин саҕана, ол сырдык уота аа-дьуо сүтэн, симэлийэн хаалбыт үһү.

      Ийэтигэр тиийэн кэпсээбитигэр: «Ити сирдэргэ эһэҥ бултуур этэ» – диэн эппит. Онон, арааһа, булчут кута сиэнигэр көмөлөстөҕө диэн тойоннообуттар.

* * *

      2008 сыллаахха бииргэ төрөөбүт убайым күн сириттэн күрэммитэ. Олоҕун тухары биир да киһиэхэ куһаҕаны оҥорботоҕо, кими да хом санаабат этэ.

      Бу түбэлтэ оҕобун кытта балыыһаҕа сыттахпына буолбута. Оҕо салаатыгар