Иван Андросов-Айанньыт

Куорат булчуттара


Скачать книгу

хаалбыт. Дьэ, кыһыы! Хайдах даҕаны күһүҥҥү эмис куһу ыллахпытына сатанар диэн буолла. Массыынаны сүүрдэн аҕалан, бензин сүүрдэр эрэһиинэ шланганы выхлопной турбаҕа уган, гааһынан үрдэрэн бырылаттыбыт. Бу даҕаны сырыыга кытайдар барахсаттар айбыт «Роса» бытыылкалара туһалаата. Киһи сөҕүөн курдук, ниппель эриллэн киирэр сиригэр «Роса» бытыылкатын төбөтө оруобуна сөп түбэһэр эбит. Кыратык быыһылыыр эрэ. Тэрээпкэлээн баран, тыы икки өттүгэр бытыылкалары хороччу эрийтээн кэбистибит. Куспут 100-чэкэ миэтэрэлээх сиргэ сытар. Саамай үөрүйэхпит, эрдииһиппит Капитан бэйэтинэн тыыны ууга анньан киллэрээт, эрдэн кулуппаайдаабытынан барда. Көрөргө астык – күрэхтэһиигэ кытта сылдьар курдук, эрдии элэҥнээн олорор. Ону даҕаспытынан тыы икки өттүгэр «Роса» бытыылкалара үрүҥ былаах курдук биир кэм эйэҥнээн иһэллэр. Эрэһиинэ тыы өссө итинник түргэнник устарын көрө илигим. Эрдииһитэ үчүгэйэ бэрт буоллаҕа. Начаас элэҥнэтэн тиийэн куһун ылаат, төттөрү хайысханы тутта. Ити кэмҥэ тыы салгына тахсан, ньалбайыахча буолла. Көрөн турааччылар, киһибитин тиэтэтэн, ыһыы-хаһыы бөҕөтөбүт. Тыы кытылга тиксиитигэр олох ньалбайан кэлбитэ…

      Кытайдар барахсаттарга тыыннаахтыы пааматынньык туруоруох буоламмыт, күлэ-үөрэ, быыһаабыт «Роса» бытыылкаларбытын талахтарга анньыталаан кэбиспиппит.

      Дьэ, итинник сырыы эмиэ баара. «Роса» бытыылката элбэхтик туһалаан турар, биирдэ автомат саа цевьетун хаппаҕа түһэн хаалан, ол оннугар ити бытыылка хаппаҕын эрийэн, кустаан турардаахпыт. Ити туһунан кэпсээн. Хайа, уонна кураанах куул иһигэр бытыылка бөҕөнү симэн, алталыы куулу бииргэ баайан, болуот оҥостубуттарын туһунан кэпсээн, билигин кими даҕаны соһуппаккын.

      Сорох ардыгар

      Булка араас буолара ханна барыай? Ордук атын сиргэ, атын хампаанньаны биитэр билбэт дьоҥҥун кытта кыттыстахха, өйдөспөт түгэннэр баар буолан ылааччылар. Өрүү бииргэ бултуур дьон туһунан сиэрдээх-туомнаах, бэйэлэрин истэригэр тулхадыйбат быраабылалаах буолаллара чуолкай. Хайа, уонна бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнсэн, эппиккэ дылы, тыла суох өйдөһөр буоллахтара.

      Арай туран, куобахтыы тахсаары тэриннибит. Үүрүүгэ элбэх киһи наада диэн, массыыналаах, саалаах табаарыстарбытын, доҕотторбутун ыҥырарга сүбэлэстибит. Атын хампаанньаттан сыалай биир массыына киһи барсарын биллэрдэ. Үгүстэрин көрөн, истэн билэттиибит. Бэртээхэй хамаанда, урут эмиэ бииргэ бултаан турабыт. Онон үөрдүбүт. Арай биир табаарыспыт табаарыһа, ханнык эрэ тэрилтэҕэ тос курдук тойон оҕо, баара. Табаарыспыт ол киһини бүөбэйдиир да бүөбэйдиир. Бэл, саатын хомуйан биэрдэ, «ыалдьыппыт» ботуруона да суох. Таҥаһа-саба куораттыы. Бачыыҥканан сылдьарын көрөн, саппыкы уларыстыбыт. «Чэ, кылаабынайа, булка көхтөөх эрэ буоллун» диэн үгүспүт аахайбат. Намсыырдыыр суолунан айаннатан иһэн, Кэҥкэмэ диэки түстүбүт да, бултаабытынан бардыбыт. Сирин билэр буоламмыт, суол баар сиригэр толору киһилээх биир массыынаны инники ыытан тоһуйтарабыт. Уоннааҕылар сэлэлии туран, үүрэ-үүрэ хаамабыт. Ытар баҕа баһаам,