ыытыллаллара. Онно кыттаары араас сирдэртэн атыыһыттар бэйэлэрин табаардарын улахан партиянан илдьэ кэлэллэрэ уонна атын атыыһыттар табаардарыгар кууһунан атастаһаллара, атыылыыллара, дуогабардары түһэрсэллэрэ. Бытархай атыы эмиэ киэҥник тэриллэрэ. Дьаарбаҥкалар баар буоланнар, Саха сирин табаардара, сырьета, күндү булумньулара Арассыыйа уонна аан дойду ырыынагар тахсаллара. Дьокуускай дьаарбаҥкатыгар олохтоох сыананан маннык түүлээх атыыламмыт: 1913 с. – 1 371 500 солк., 1914 с. – 864 250 солк., 1915 с. – 1 301 640 солк; сэлии (мамонт) муоһа атыылаһыллан атын сиргэ таһаарыллыбыта: 1913 с. – 1600 буут (25 600 кг) (84 800 солк. сууммаҕа), 1915 с. – 1 450 буут (23 200 кг), 1917 с. – 2000 буут (32 000 кг). Саха сирэ күндү түүлээҕинэн баай этэ. Түүлээхпит Саха сириттэн тиэйэн таһаарыллан Москваҕа быыстапка-дьаарбаҥкаҕа, Кяхта куоракка – Азия атыыһыттарыгар, Лондоҥҥа – Арҕаа Европаҕа атыыланара, кинилэргэ тиксэрэ.
Бу курдук эргиэн, бытааннык да буоллар, сайдан испитэ. Харчы суоҕа эргииргэ мэһэйдиирэ. Нэһилиэнньэ харчыта кэмчи этэ. Эбии ХХ үйэ саҥатыгар нэһилиэнньэ сорох нолуогу уонна түһээни харчынан төлүүр буолбута. Маннык балаһыанньаҕа Дьокуускайга 1910 с. олунньу 27 к. «Русско-Китайский банк» Саха сиринээҕи салаата аһыллыбыта. Сотору буолаат, «Хотугу бааны» кытта холбоһон, 1910 с. ыам ыйын 25 к. ыла «Русско-Азиатский банк» диэн ааттаммыта. Маны таһынан куоракка «Якутский городской общественный банк им. Н.Д. Эверстова» 1911 с. аһыллыбыта, олохтоох атыыһыт И. Кершенгольц баана бааллара. 1916 с. Саха сиригэр барыта нэһилиэнньэ харчыны мунньан уурунар сирэ – 19 каасса баара [Макаров, 1979, С.71].
Бу бааннары уонна каассалары барытын чааһынай дьон бас билэллэрэ. Ол иһин бааннарга киирбит харчы (капитал) барыта Арассыыйа киинигэр барара. Чааһынай бааннар Саха сирэ сайдыытыгар улахан үбү укпаттар этэ. Онон сүрүн кыһалҕанан Дьокуускайга Арассыыйа Судаарыстыбаннай баанын салаатын тэрийии буолбута да, бу боппуруос 1917 с. диэри кыайан быһаарыллыбатаҕа.
Тыа сирин нэһилиэнньэтин састаабыгар киирбит уларыйыылар
ХХ үйэ саҥатыгар Саха сирин экономикатыгар киирбит уонна улаатан-дириҥээн иһэр уларыйыылар тыа нэһилиэнньэтигэр сабыдыаллара улахан этэ. Маны бигэргэтэн, бары чинчийээччилэр 1917 с. биэрэпис уонна специалистар оҥорбут түмүктэригэр сигэнэллэр. Бу биэрэпис 1917 с. от ыйыттан балаҕан ыйын бүтүөр диэри Саха сирин 3 уокуругар – Дьокуускайга, Бүлүүгэ уонна Өлүөхүмэҕэ – ыытыллыбыта, Дьааҥы уонна Халыма уокуруктарыгар ыытыллыбатаҕа.
1917 с. хаһаайыстыбаннай биэрэпис түмүгүнэн Дьокуускай уонна Бүлүү уокуруктарыгар сүөһүтэ суох хаһаайыстыбалар – 3% (хаһаайыстыба барытын ахсааныттан), ынаҕа суох хаһаайыстыбалар – 4% ылаллара. Маннык хаһаайыстыбалары батараактар хаһаайыстыбалара дииллэр. Биэрэпис ыытыллыбыт 3 уокуругар барытыгар холбоон 6571 киһи наймыга үлэлиирэ, дьону наймылаһан бэйэтигэр 5190 хаһаайыстыбаҕа (бары хаһаайыстыба 10,2%) үлэлэтэрэ, биирдии хаһаайыстыба ортотунан 1,24 наймыга үлэлиир оробуочай (үлэһит) баар эбит (манна баайдар уонна тойоттор хаһаайыстыбаларыгар үлэлиир