Татьяна Поскачина

Табыллыбат/табыллыбыт таптал. 2 ч.


Скачать книгу

салаат кырбаан булкуйа турдахпына, аан аһылынна, ону кытта Буоба төбөтө былтас гынна.

      – Дашка, аҕабар тахсар үһүгүн, – диэт харда күүппэккэ ааны саба охсон кэбистэ.

      – Чэ, һыллыый, убайгар тахса сырыт, – ийэм кэлэн тутан турар мас лаппаахыбын ылан салааты салгыы булкуйан барда. Таһырдьа тахсан көрбүтүм, Максим төттөрү кэлбит. Убайбыныын иккиэн наһаа үөрбүттэр-көппүттэр, сарын-сарыннарыттан куустуспуттар, уулусса ортотугар тутуһан, тустан ылаллар. Мин олох тугу да өйдөөбөтүм. Туста оонньуу сылдьан Максим миигин бэлиэтии көрдө уонна утары хааман кэллэ.

      – Павлик, билсиһэн кэбис, бу эн балтыҥ буолбатах, бу мин көрдөөн-көрдөөн булбут Көмүһүм, – диэтэ уонна уҥа илиитин санныбар ууран кэбистэ.

      – Айабыын, бу дьон ырааппыттар дии, – убайым итэҕэйбэтэхтии иккиэммитин көрө-көрө күлэн ылла.

      – Ити маарыын туох буолан ыллыҥ ээ? – тииһим быыһынан сыыйан Максимҥа сибигинэйэбин.

      – А теперь сюрприз, – доҕорум бэрт таайтарыылаахтык көрөн кэбистэ уонна Павлик массыынатын түннүгүн тарбахтарын сүһүөхтэринэн тоҥсуйан тобугуратан ылла. Арай убайым массыынатыттан… эмиэ кини – Максим(!) илэ бэйэтинэн тахсан кэллэ… Мин харааччы буккулуннум, тугу да өйдөөбөтүм, бэл аҕыйах сөкүүндэ дөйөн ыллым. Иккиэннэрин хардары-таары көрөбүн. Дьонум үһүөн мин сирэйбин көрө-көрө күлсэн бардылар.

      – Бу аата… игирэлээххин дуо?! – кэмниэ кэнэҕэс туох эрэ улахан арыйыы оҥорбут киһи курдук саҥа аллайдым, айахпын саба тутуннум. Уолаттар күлэн быардарын тыыттылар.

      – Эврика!!! Билсиһэн кэбис, Көмүс. Бу мин бииргэ төрөөбүт уон түөрт мүнүүтэ кыра иним Кирилл, ол эбэтэр Батас, – Максим күлэрин кыатана сатыы-сатыы билиһиннэрдэ. – Батас, бу мин Дашам.

      Илэ көрөн турар харахтарбар билигин да итэҕэйбэтэхтии одуулуурум быыһыгар илии тутустубут. Мин игирэ уолаттары да, кыргыттары да син көрүтэлээбит, ааһа баран алтыспыт киһибин дии сананарым. Ол эрээри маннык икки таммах курдук үкчү дьон баарын саҥа көрдүм. Туттардыын-хаптардыын, күлэрдиин, мичээрдиирдиин Максимтан туох да атына суох!

      – Тоҕо икки ааттааххыный? – кэмниэ кэнэҕэс мин ыйытааччы буоллум. Кирилл мичээрдээтэ уонна убайын эн эт диэбиттии көрөн кэбистэ.

      – Биһиги төрөөбүппүтүгэр, эһэбит Махсыым оҕонньор биһиэхэ сахалыы аат биэриэн наһаа баҕарбыт үһү. Ол эрэн, төрөппүттэрбит кинилэр, ол эбэтэр биһиги эһэлэрбит ааттарынан ааттаабыттар. Кириллканы ийэбит аҕатын аатынан, миигин ол эһэбит – аҕабыт аҕатын аатынан сүрэхтээбиттэр. Онуоха ол Махсыым диэн эһэбит саатар «таптал ааттарын» биэрэрбин көҥүллээҥ диэбит уонна Кириллканы Батас диэбит… – Максим мин диэки таайтарыылаахтык көрөн ылла.

      – Оттон эйигин?

      – Миигин… Сүнньүөх. Биһигини дьоммут билигин Батас уонна Сүнньүөх эрэ диэн ааттыыллар. Дьиҥнээх ааппытын чугас дьоммут умнан да бардахтара буолуо. Бэйэбит да онно үөрэнэн хаалбыппыт. Манна маҥнай учууталлыы кэлэн баран, дьон-сэргэ Максим Егорович диэтэхтэринэ атыҥырыы истэр этим, – диэн доҕорум