киһим кини эрэ эбээт диэн, бүччүм санаа кылам гынан ааста.
Лиза кыыс киирэр аан таһыгар турар трюмо сиэркилэҕэ сирэйин-хараҕын, баттаҕын, быһыытын-таһаатын көрүммэхтии түһэн баран, Саргы иннигэр турар олоппоско олорон иһэн, дьүөгэтин соһутан эмискэ өрө чаҕаара түстэ:
– Тыый, доҕоор, Саргы-ыа, ыалдьыбыккын дуу, тугуй, көрүҥүн наһаа мөлтөх курдук дии. Ийэҥ доруобуйата хайдаҕый? – диэмэхтээтэ.
– Эс, чэ, оннук айылаах ыалдьыбыт киһи курдук буолбуппун дуо? – Саргы бэйэтиттэн бэйэтэ соһуйда.
– Оттон мин көрдөхпүнэ оннук дии… Эбэтэр туох санаатыгар түстүҥ дуу?
Саргы сурук тутуохпуттан хайдах эрэ сороҕор эмиэ да соҕотохсуйбут дуу, чуҥкуйбут дуу курдук буолуталаабыппын билбит курдук эттэҕэ баҕас үчүгэйэй, кырдьык, араас санаалар да кииритэлээбиттэрэ. Ама туох үлүгэрэй, хаһан да кимтэн сурук туппатах кыыс оҕоҕо дылы буолан. Ол таспар барыта биллэ-көстө, сурулла сылдьар үһүө диэн санаан иһэн, күлэ-күлэ:
– Бу да кыыс, үтэн-анньан түһэн, ону-маны булан эппитэ-саҥарбыта эрэ баар ээ, хайа оттон, таһыттан киирбит киһи, маҥнай сонуннаргын эн кэпсээ, мин да тугу билбиппин-көрбүппүн кэпсиэм буоллаҕа, – дьүөгэтин диэки сымнаҕас, эйэргиир сылаас харахтарынан көрө-көрө.
Дьүөгэлиилэр сонуннарын хардарыта атастаһан элбэҕи кэпсэттилэр, сэлэстилэр.
– Саргы, арба даҕаны, киһини кэрэхситэр өссө биир саҥа сонуннаахпын, олох да умнан олорор эбиппин буолбат дуо? Биһиэхэ быйыл күһүн үөрэҕин саҥа бүтэрбит физика учуутала уол кэлбитэ. Чөм курдук сирэйдээх-харахтаах, сүрдээх ис-киирбэх баҕайы оҕо, хатыҥыр, уһун, муодунайдык таҥнар. Куорат үһү, дьоно улахан үлэһиттэр дииллэр, дьэ ол уол биһиги Машабытыныын үчүгэйдиилэр үһү.
– Ханнык Машаный? Хас да Машалар бааллар дии.
– Ээ, оттон биэлсэр кыыс, Пестрякова. Кэпсээнтэн кэпсээн, үнүр кулуупка киэһэни быһа ыгыта сыстыһан баран үҥкүү бөҕө үһүлэр. Сураҕын да дьон истэллэрэ сүрдээх. Машалаах чугас ыаллара Матайар Мааппа да кэпсииринэн, уол холбоһуохха диир үһү.
– Эчи түргэнин. Дьон талбыттарын кэпсииллэр ини. Ол бииргэ үҥкүүлүүллэрин аанньа этэллэрэ буолуо ээ.
– Ээ, суох. Уол сүрдээх сытыы. Буолуо даҕаны. Билиҥҥи эдэр ыччат түргэнник холбоһор, эмиэ ол курдук түргэнник арахсар буолбат дуо? Урут биһиги хастыы да сыл билсиһэн, үчүгэйбитин-куһаҕаммытын билэн-көрөн баран холбоһон ыал буоларбыт. Эбэтэр чэ, куһаҕанын да ылан эттэххэ, ол сылдьан итэҕэспитин-быһаҕаспытын була сатаан хаппырыыстаһан тэйсии, арахсыы да ханна барыай? Оннук сылдьан соҕотох хаалан сааһыран, кэлин ким да кыһаммат киһитэ буолан хаалар баар аҕай ини?
Ити тыллартан Саргы бэйэтин хаарыйтарбыт курдук сананна да, туох диэҕэй, баҕар, кырдьык итиннэ сыһыаннаах да соҕус баара буолуо дуо, суох ини… Суох, суох, оннук чахчы суоҕа!
Лиза кэпсээниттэн сиэттэрэн, Саргы быйыл саас, ити сыл аҥаарыттан орто, кини олоҕор буолан ааспыт биир түбэлтэни санаан кэллэ. Төлөйгө, орто оскуолаҕа, өрүс уҥуор ыаллыы улуустан орто саастаах кэргэннии учууталлар