Айылла

Куйаартан кутуллар тыыннаах тыллар


Скачать книгу

р утуйа да сыттахха уһугуннаран, ууну уйгуурдан, үөһэттэн үөгүлүүр кэриэтэ тохтообокко кутуллар тыллар туспа силимнэһэн, наарданан, кимиэхэ туһаайыллыбыта биллибэккэ, үөскээн тахсаллара дьикти… Алгыс кэриэтэ анабыллар, сорук курдук суруйуулар, дьарыйыыга маарынныыр туһулааһыннар… Ол эрээри бу мин айбытым    буолбатах, сыччах кинигэ    тиһиллэригэр төрүөт кэриэтэ мин табыгастаах буолбуппун диэн сыаналыыбын. Быһыыта… оҕом дьайыыта, – диир Любовь Львовна.

      Онон, бу сырыыга ааҕааччыга, эйиэхэ тус бэйэҕэр анаммыт курдук, бу куйаартан кэлбит туһаайыылары, чөкө биир кинигэҕэ холбоон, бэлэх уунар Ийэ. Курус да түгэҥҥэр, үөрүү да өрөгөйүгэр уйдарар кэмҥэр сороҕун алгыс курдук ылын, атынын сүбэ-сэрэтии кэриэтэ искэр бүөмнээн анаар.

      Эрэдээксийэттэн

      КУЙААРТАН КУТУЛЛАР ТЫЫННААХ ТЫЛЛАР…

      Ситимниир силиһиҥ,

      Утумнуур умнаһыҥ

      Кэхтэри билбэтин,

      Самнары санаабатын,

      Айыыларыҥ алгыстарынан,

      Өбүгэҥ үтүө үгэһинэн

      Тулхадыйбат тирэхтэн,

      Хамсаабат харысхаллан!

      Олох араас оҥкулларыгар

      Охтон-бүдүрүйэн биэримэ!

      Үс былас көнтөскүн ыһыктыма,

      Үйэлээх суолгуттан туораама!

      Аһынабын кыра ычалааҕы,

      Халлаанынан хантайааччыны,

      Үөһээнэн көрбөккө ааһааччыны…

      Хомойобун бэрдимсийии бэрдиттэн,

      Улаатымсыйыы улаханыттан…

      Уһуга суох улуу куйаартан,

      Баһа-атаҕа биллибэт

      Киэҥ халлаан иэниттэн

      Өбүгэ өрүһүйэр тыына

      Этим-сииним сааһынан,

      Уҥуоҕум-силиим курдат

      Киэҥ киэлибэр киирдин,

      Куппун-сүрбүн туттун!

      Итэҕэлим киэлитэ кэҥээтин,

      Кутуллубут кутум-сүрүм

      Бөҕө тирэхтэннин,

      Ыра санаам уйаланнын,

      Баҕа санаам барҕардын!

      Бас баттах саҥарыма,

      Халлааны сатарытыма,

      Тутум санаа туппатын,

      Кылгас санаа ыкпатын!

      Сиэргин сиэттис,

      Эйгэҕин харыстаа!

      Кылтан кыйыттан,

      Кыраттан тымтан,

      Уордайан уһуктан,

      Иҥниэ суохха иҥнэн,

      Бааһыа суохха бааһан

      Олоххун алдьатыма,

      Куккун куоттарыма,

      Сүргүн сүтэримэ!

      Кыраттан самнан,

      Уолуктан уолуйан

      Көннөрүттэн күөдьүйэн

      Кырык кырсыгар олорсума.

      Тутах санаа туппатын,

      Кылгас өй кыттыспатын,

      Ордугумсах орооспотун,

      Ымсыы ыарыппатын.

      Сайдам санаа салаллар,

      Саҥа саҕахтар саҕыллар,

      Сарыал кустуга кыыһар

      Саһаҕаны уматар,

      Сардаҥаны күөдьүтэр

      Сайаҕас кэмэ үүннэ!

      Санааны сааһылыыр,

      Сырдыгы түстүүр,

      Саргыны саҕар

      Салаллан кэлбит

      Саҥа дьылбыт

      Саҥа сайаҕас күнэ

      Сандаара үүммүтүнэн!

      Куһаҕаҥҥа куустарбакка,

      Кыһалҕаҕа ыктарбакка,

      Кыараҕаска киирбэккэ,

      Кыраҕа кыһаммакка,

      Киэҥи-куоҥу анаар,

      Кэскиллээҕи түстээ,

      Кэрэни кэрэхсээ,

      Күҥҥэ талас!

      Сарсыарда эрдэлээн уһуктан

      Сарыал кустугун кууһан,

      Сайаҕас санааны сиэтэн,

      Саҥа үүммүт күнү айхаллаа,

      Күннээҕи түбүккэр үтүрүттэрэн

      Өйдөөн көрөргүн умнума

      Олох оһуордаах ойуутун,

      Эриэккэс көстүүтүн.

      Ыра санааҕын харгыстаама,

      Көҥүл санааҕын күрүөлээмэ,

      Санаабытыҥ сатаннын,

      Ыраламмытыҥ туоллун!

      Олоҕуҥ былаһын тухары

      Өбүгэҥ ситимин быһыма,

      Кэс тылын кэһимэ,

      Түҥнэри түөрэхтэнимэ,

      Таҥнары талбаланыма!

      Оботтоох уһуктаах санаа

      Оборчотугар түһүмэ,

      Кылгаска, быстахха

      Баскынан бааллыма,

      Тумсуҥ тууһунан

      Тылгын тумалаама,

      Тиискин-уоскун соттума.

      Айыыларыҥ алгыстарынан

      Тулхадыйбат тирэхтэн,

      Өбүгэҥ