Сыгына

Суостаах кэм өргөһүгэр


Скачать книгу

өлөллөрүн умнан туран хорсун-хоодуот утарсыыны оҥороллор. Биhиги, ыраах тыылга олорооччулар, туох баарынан, туох кыалларынан хаанымсах фашиhы суулларар иhин охсуhуохтаахпыт. Биhиги аармыйабытын хааччыйарга элбэх сэрии сэбэ, ас-таҥас наада. Фроҥҥа анаан итии таҥаста тигэн туттарыҥ. Уонна ким да суопсунас сүөhүтүн өлөрөн сиэ суохтаах. Туох аhы барытын, эти-арыыны фроҥҥа ыытабыт. Онон өйдөөҥ, байыаннай кэм уурааҕынан ким да көҥүлэ суох бэйэтин сүөhүтүн өлөрүө суохтаах. Ити бобууну кэспит киhи байыаннай кэм суутунан кытаанахтык сууттанан хаайыыга барыа. Эhиги өттүгүтүттэн ханнык да сыыhа-халты туттунуу суох буолуохтаах. Гитлер хаанымсах үөрэ – барыбыт өстөөхпүт. Бары кыаххыт баарынан үлэлээн-хамсаан иhиҥ. Сталин иhин! Кыайыы иhин! – диэн этиитин түмүктээтэ.

      Кини кэнниттэн Торгуй турда:

      – Бэҕэһээ Сиипсэбэ Кэтириис холкуос бааhынатыттан көҥүлэ суох уоран сиэмэ итигэстии сылдьан тутулунна. Ким итигэстээбит фронт туhатыгар туттарыахтаах. Ол булгуччулаах. Бэрэдьиитэл Кэтириис оҕолоругар ферма холбуур үүтүттэн нуорма бэриллэрэ тохтуур.

      – Аҕалара сэрииттэн дезертирдээбэтэҕэ, дьоруойдуу охтубута. Оҕолору оройуон интэринээтигэр ыыппаккыт дуо? – кэлин эрээттэн симик ыйытыы иhилиннэ.

      – Мин оройуоҥҥа киирэн ыйыталаhыам, миэстэлэрэ, бука, туолан турара буолуо.

      – Биир да хаалбатын курдук итигэстээн туттарбыппыт дии. Оччо элбэх хаалбатаҕа буолуо ээ. Оччотугар бу oҕoлop хайдах буолаллар? Дуона суох хаар анныгар хаалыахтаах сиэмэ сыыhын иннигэр, ама да. Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьан өлбүт саллаат тулаайахтарыгар…, – ким эрэ саҥаран эрдэҕинэ:

      – Кинилэргэ үүт барбат. Ынахтар аhылыктара мөлтөх буолан, үүттэрэ кыра. Олох да уолан эрэллэр, – Торгуй иннин биэрбэт кырыктаах куолаhа, кини эрэ үрдүкү муҥур суут курдук, ыйытыыны саба хаhыырда.

      Аччыктаан иэҕэҥнэс дьон ортотугар Торгуй эрэ тот көрүҥэ харахха быраҕылларын Николай Дмитриевич уота-күөhэ суох хараҕын дала дьиибэргээбитин таhыгар таhаарар, баҕар, бырааба cyoҕa эбитэ дуу, саҥарбата. Бэйэтин көрдөhүүтүнэн сэриигэ барбыт урукку бэрэссэдээтэл оннугар ананан кэлэн үлэлии сылдьар атын сир кыыhа Варвара Михайловна Матаннахова диэки көрөн кэбистэ. Бэйэтэ да хатыҥыр, ahapa ырбыт-сылайбыт кыыс тoҕo эрэ умса туттан олороро, дьөрү төбөтүн өрө көтөҕө сорумматаҕа. Туох баар боппуруоска барытыгар Торгуй баhылыырын, быhаарарын уонна кыыс туохтан эрэ этэ салаhа дьиксинэрин чинчийэ одууласпыт киhи таайыах курдук дьиктитик көстөрө.

      Дьахтар, эмээхсин өттө күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн андаатар, куобах, тииҥ тириититтэн үтүлүк, бэргэhэ, кэтинчэ, баата ыстаан тигэр түбүгэр түhэн, көмүлүөк ohox сырдыгар түүн оройо ааhыар диэри, ардыгар түүнү супту иистэнэ олорор буолбуттара. Сотору фронт туhатыгар ким тугу биэрэрин хонтуораҕа испииhэктээн туппуттара. Үрүҥ, кыhыл көмүстэн араас оҥоhуктар: чаанньыгыттан-ньуоскатыттан саҕалаан дьахтар сүктэр симэҕэр диэри, ат киэргэлэ, ыҥыыр сирэйэ, дэйбиир уга, былыргы манньыаттар кырыы кырыытынан уhун остуол үрдүгэр кэккэлэспиттэрэ.