Группа авторов

Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ


Скачать книгу

дьоҕус дьиэни тутта охсубут. Дэриэбинэ саастаах өттө ити чугас турар дьиэ соччото суоҕун сэрэтэ сатаабытын истибэккэ, чопчу ол дьиэ таһыгар туттубут эбит. Арай күһүөрү били киһилэрэ хас киэһэ ахсын тутуутун таһыгар кэлэн олорор, кими эрэ кытта кэпсэтэр курдугун сибикилээбиттэр.

      Тымныы да түспүтүн кэннэ, син биир кэлэн олорор буолар эбит. Алтынньы бүтүүтэ били киһи саҥа тутуллубут дьиэтин көҥдөйүгэр бэйэтигэр тиийиммитин буланнар, дьон сүрэҕин хайыталаабыт… Ол миэстэттэн саҥа түспүт хаарга дьахтар уонна кыра оҕо атахтарын суоллара бааллара үһү. Ити дьулаан быһылаан буолуон аҕыйах хонук иннинэ, бокуонньук дойдутугар бара сылдьан: «Бэрт сотору кэргэннэнээри сылдьабын, ол дьахтарым уол оҕолоох, мин туттубут дьиэбиттэн ыаллыы дьиэҕэ олорор», – диэн кэпсиирэ үһү.

      Иэдээн төрдө буолбут дьиэ билигин даҕаны турар, ким да олорбот, чугаһыгар дьиэ туттубаттар, аттынан да мээнэ сылдьыбаттар. Киһи чопчу туох диэн быһаарыан уустуга, дьиэни көстүбэт күүстэр уйалара эрэ дии саныыллара.

Сахаяна Лопатина

      Сэлиилии сиэлэн

      Икки сыл анараа өттүгэр сайыҥҥы сынньалаҥмар түбэспит быһылааным өйбүттэн-санаабыттан тахсыбакка эрэйдиир…

      Самаан сайын сатыылаан турдаҕына, от-мас силигилии ситэн, сыт-сымар минньийэр, сир аһа буһар Бөтүрүөп кэнниттэн, нэлэмэн киэҥ сахабыт алаастарын, хотуулаах ходуһаларын нуолур солко отторо хойдон, бар дьон окко киирэр кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Дьэ, бу кэмҥэ буоллаҕа дии, тыа ыала уһун кыстыкка бэлэмнэнэн, сайыҥҥы куйаас, ылааҥы күннэри баттаһа, үлэтин-хамнаһын үгэнэ! Охсуллубут от сыта, субуллар субуулар, лэкэспит лэкээлэр, от кээһии, отуу чэйэ, омурҕаҥҥа тахсан сылааны таһааран сынньанан олоруу, бэл, киһи сонньуйуох, кумаартан куотуу, оҥоойулардыын охсуһуу – үтүө да буоллаҕа.

      Ол сайын бастаан өрүс арыытын охсубуппут, онтон сэлиэнньэттэн уонча килэмиэтирдээх сиргэ сытар алааска киирбиппит. Кииринньэҥ аҕам эргэ «УАЗ» массыынатынан күөрэ-лаҥкы сахсыллан төттөрү-таары айанныырбыт, ол эрэн оҕо эрдэхпиттэн тэбэр бэлисипиэппин тиэйэн илдьэ баран, төннөрбөр бэйэм көлөбүнэн кэлэр буолбутум. Биир киэһэ баһаам бугулу оҥорбуппут, киэһэлик күн арҕаалыырын саҕана, аҕам хомунан барбыта. Хаалан, бастаан күөлгэ дуоһуйа сөтүөлээбитим, күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн сылаас ууга сөтүөлүүр үчүгэй да буоллаҕа! Тимир көлөбөр олороот, бөһүөлэк диэки айаннаабытым. Тиэтэйбэккэ тэбэн истэххэ, саҕахха саһан эрэр күн кытара саһарбыта кэрэ көстүү буолан дууһабын кынаттыыр курдуга, элэҥнэһэн ааһар бэс, хатыҥ мастар «сарсын эмиэ от бөҕөнү охсоор» диир курдуктара. Онтон салгыы түөрт килэмиэтир курдугу барбытым кэннэ, аны олохтоохтор отторун угар күрүөлэрэ кэлитэлээбиттэрэ, өссө да кур оттор тураллара көстөрө. Суол тосту эргиллиитэ кэлбитэ, бу миэстэ кутталлааҕа диэн, утары туох иһэрин көрбөккө хаалыахха сөбө. Бу айаннаан иһэммин, суолга куоластыы турар кыыс, тайахтаах эмээхсин айан массыыналарын сырсалларын туһунан киһи