Василий Охлопков

Дьикти түбэлтэ


Скачать книгу

кэпсээбитэ. Саха тылын үөрэппит үһү.

      – Чахчы, Кулаковскай саха норуотун фольклорун хомуйбута, – учуутал быһаарар. – Сөп, чэ, оҕолор, итэҕэс да буоллар, Алексей Кулаковскай кимин быһаарыстыбыт. Кэлэр уруокка бары ааҕан, билэн кэлээриҥ. Ыйытыаҕым. Билигин «Үрүйэ» диэн хоһоону ааҕыахпыт, үөрэтиэхпит, ырытыахпыт. Кинигэлэргитин таһаарыҥ. Ким ааҕыан баҕарарый? Ол кэннэ хоһоон тылын-өһүн, ис хоһоонун кэпсэтиэхпит.

      Оҕолор умса көрдүлэр. «Илиитин ким да уумматаҕына, тылламматаҕына, учуутал кими эрэ ааттыыр?

      Сыыһа-халты ааҕан аны кыбыстыыга киириэхпит» дии саныыллар. Төрөөбүт тылы, литератураны билбэт буолуу – кыбыстыылаах!..

      Ыт – киһи доҕоро

      1941 сыл. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, ыарахан күннэр үүммүттэрэ. Хаабыһаптар дьиэ кэргэнтэн аҕалара Хабырыыс уонна икки уоллара сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Кыыстара Маайыс соҕотох хаалбыта.

      Кыыс ытын доҕор оҥостон, тулаайах курдук бэйэтин санаммата. Тиэргэннэриттэн ханна да барбакка, балаҕаннарыгар бэйэлэрэ эрэ суулаһан олорбуттара. Таайа аах кыһын олорсоллоро, онон дьон суоҕар Суолдьут соҕотох дурда-хахха буолбута, бэл, кыыска дьону чугаһаппата.

      Биир сыл буолан баран, аҕата сураҕа суох сүппүтүн туһунан хара сурук кэлбитэ. Ол күн Маайыс икки хараҕа дьолтойо иһиэр диэри ытаабыта. Иккис сылыгар кыра убайа тааҥканан өстөөх кирбиитигэр киирэн иһэн, умайан өлбүтүн туһунан сурук туппута.

      Сэрии сылларыгар сут-кураан күннэр буолбуттара. Маайыс уон биэһин быйыл саас туолуохтаах, ону ол диэбэккэ, холкуоска үүт астааччыга көмөлөһөөччүнэн үлэлии киирбитэ.

      Биир сарсыарда аччыктаан, оронуттан кыайан турбакка сыттаҕына, ыта тыаттан куобах тутан аҕалбыта. Кыыс наһаа үөрбүтэ, оронуттан нэһиилэ туран, байааттаҥныы-байааттаҥныы куобаҕын астаабыта. Ол күн тот утуйбута. Ити күнтэн ыла Суолдьут кус, куобах тутан аҕалан, кыыһын аһатар буолбута. Сороҕор нэдиэлэни нэдиэлэнэн тугу да аҕалбата, оччоҕо буруйдаах курдук туттан, кылап-халап көрө-көрө сытаахтыыра. Күһүнүн отоннууллара, сайынын тэллэйдииллэрэ. Ытын доҕор оҥостон, кыыс тыаҕа куттаммакка сылдьара. Дьон-сэргэ да Суолдьуту хайгыыллара, өйүн сөҕөллөрө.

      1945 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Кыайыы күнэ үүммүтэ!

      Биир сайыҥҥы нуурал киэһэ улахан убайа уонна аҕата тиийэн кэлбиттэрэ. Аҕата бааһыран госпитальга сыл курдук сыппытын билбэккэ хара сурук ыыппыттар эбит.

      Иччитигэр бэриниилээх ыт туһунан дьон кэпсээнин, аҕалаах убайа долгуйа истибиттэрэ. Ыт киһиэхэ дьиҥнээх доҕор буоларын кинилэр чахчы итэҕэйбиттэрэ.

      Дойду ахтылҕана

      Саша Пекиннээҕи циркэ оскуолатыгар, элбэх оҕоттон талыллан, үөрэнэ киирбитэ. Күҥҥэ уон икки чаас устата дьарыктаналлар. Уолаттар устуойкаҕа туран, алта уонтан тахсата анньыналлар, оттон Саша сүүскэ тиэрдэр. Кини үөрэҕин ыарырҕаппат, кытаанах дьиссипилиинэҕэ үөрэнэн эрэр. Биллэн турар, ыарахаттар бааллар. Холобура, бу дьарыктанар саалаларыгар көлөһүн эрэ буолбакка, харах уута күннэтэ тохтор: туох эрэ сатамматыттан, табыллыбатыттан,